Уус Алдан улууһун Мүрү 1 № — дээх орто оскуолатын директора Петр Петрович Бахановтыын көрсөн аһаҕастык кэпсэттибит. Петр Петрович Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар 2 ыйын үлэлиир. Бу оскуолаҕа урут эмиэ директордыы сылдьыбыт. Үөрэх систематыгар үлэлээбитэ 32 сыла.
-Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
-Биһиги оскуоланы бүтэрэрбитигэр 1991 сыллаахха учуутал идэтин баһылаабыт киһи аҕыйах этэ. Бэйэм Хомустаах дэриэбинэтиттэн сылдьабын. Аан бастаан физика учууталынан үлэлээбитим, күҥҥэ аҕыс чаастаах этим.
-Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
-Бастатан туран оҕо эйгэтин таптыахтааххын. Интэриэһин уонна санаатын табыахтааххын. Син биир директор сүрүн дьыалалары кини быһаарар уонна кини эппиэти сүгэр.
-Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий, хас учуутал үлэлиирий?
-691 оҕо үөрэнэр, 100 учуутал ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
-Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
-Биһиги оскуолабыт тутуута урукку буолан саҥа өрөмүөн наада. Баҕа санаабыт оскуолабыт таһыгар өссө биир салҕааһын тутуу тутуллара буоллар оҕолор үүнүөхтэрэ-сайдыахтара этэ.
-Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
-Быйылгы сылга Уус-Алдаҥҥа үөрэх бырыһыана үрдээбитинэн биллэрдилэр, ол иһин хас биирдии учуутал уонна оҕолор маны өйдөөтөхтөрүнэ, үлэлэстэхтэринэ хаачыстыба өссө үрдүө этэ диэн эрэнэбит.
-Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
-Ханнык баҕар оскуолаҕа учебник тиийбэт, уопсайа сылга 600-700 тыһыынча көрүллэр. Сыана ыарыы турарынан учебник тиийбэт, ол эрэн төһө кыалларынан хааччыйа сатыыбыт.
-Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
-Биһиги оскуолабыт «Кэскил», «Мүрү саһарҕатыгар», «Кыым» уо.д.а республиканскай хаһыаттарга хайаан да суруттарабыт. Оҕо өрөспүүбүлкэ бэчээттээн таһаарар таһаарыыларын хайаан да билиэхтээх. Харах далыгар көстө да сыттаҕына оҕо өйүгэр маннык баар диэн хатыыр. Сыыйа интэриэһиргээн ааҕар. Уопсайынан, дьиэ кэргэнтэн ааҕыы саҕаланар, ону таһынан, оскуола эмиэ ону өйдөөн көҕүлүөхтээх.
-Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Билигин Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
-Оскуола, үөрэнээччи уонна төрөппүт тэҥҥэ үлэлэһэр буоллаҕына хас биирдии оскуола ситиһиилээхтик үлэлиир уонна сайдар. Учууталлар төрөппүттэр икки ардыларыгар сибээс баар буолуохтаах дии саныыбын.
-Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэн дуо?
-Биһиги нэһилиэк Уус-Алдан киинэ буолар, ханнык баҕарар оҕо тэрилтэтэ нэһилиэги кытта бииргэ үлэлэһиэхтээх. Бука бары нэһилиэк олохтоохторо буолабыт, киһи сайдыыта барыта бэйэтин түөлбэтиттэн саҕаланар. Түөлбэтин таптыыр, харыстыыр, сайдыытыгар үлэлэһэр буоллаҕына сайдыылаах буолар.
-Петр Петрович бүгүн биһиэхэ интервью биэрбиккитигэр уонна санааҕытын үллэстибиккитигэр улахан махтал!
-Эһиэхэ махтал!
Корреспондент: Ньургуйаана Бурнашева,
Фотограф: Дайаана Степанова 10 «в» кылаас үөрэнээччилэрэ.