Хоту сиргэ айылҕаны кытта алтыһан олорор буолаҥҥын, кини уратытын, сурукка киирбэтэх сокуоннарын, кистэлэҥ күүстэрин ордук чугастык билэҕин.
Мин бүгүн эһиэхэ айылҕа киһиэхэ биэрэр күүһүн, киһи киһиэхэ истиҥ сыһыанын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Бу дьоҕус суруйуум эйиэхэ киһилии сыһыан, махтал бу олоххо олус улахан суолталаах диэн өйү-санааны иҥэриэн баҕарабын.
Бу сайын дойдубар Кустуурга буолбут түбэлтэни Саха сирин олохтоохторо эрэ буолбакка, Арассыыйа дьоно бары долгуйа кэтээбиттэрэ. От ыйын куйаас күннэрэ сатыылаан турар кэмнэрэ этэ. Оҕо чаҕаарар куолаһа оонньуу, сүүрүү-көтүү… Бачча үчүгэйгэ ким оонньообот буолуой? Ол күн кырачаан оҕо сүтүө, бөһүөлэкпит барыта айманыа диэн ким да санаабатаҕа. «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн өс хоһоон суолтатын биһиги ордук чугастык ылынан өйдөөбүппүт. Сүппүт оҕону көрдөөһүҥҥэ дойдубут дьоно бары турунан күүс-көмө буолбуттара.
Бу уустук балаһыанньаҕа бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн көмөлөспүт уолаттары Алексей Стручковы, Вася Другины көрсөн кэпсэттим.
***
Ол күн хайдах этэй? Васялаах Алексей сүппүт уолчааны көрдүү-көрдүү хааман испиттэр. Арай ынчыктыыр курдук саҥа иһиллибит. Уолаттар тохтуу биэрбиттэр. Болҕомтолорун барытын ол иһиллибит ынчык диэки туһаайбыттар. Оҕо барахсан ыарахан туруктаах бадарааннаах сиргэ олорор эбит. Васялаах Алексей уолу көтөҕөн ылан, бөһүөлэктэригэр сүүрбүттэр.
– Итинник ыксаллаах кэмҥэ киһи түргэнник уонна сөптөөхтүк толкуйдаан хамсаныахтаах эбит. Киһи олоҕун быыһыыр диэн олус улахан эппиэтинэс. Бэйэҥ иннигэр хамсаммаккын. Онон балаһыанньаны киэҥник ылан көрүөхтээххин, толкуйдуохтааххын, – диэн 3 саастаах Күндүмэн Тарасов олоҕун быыһаабыт уолаттар Вася Другин, Алексей Стручков санааларын үллэстэллэр.
Алексей Стручков ол сайын Аармыйаттан сулууспалаан кэлбитэ. «Киһи киһиэхэ аныыр үтүө санаатын айылҕа истэр күүстээх. Бу түбэлтэ киһи айылҕаны кытта ситимнээҕин, бэйэ-бэйэни харыстаһан олоруохтаахпытын өссө төгүл өйдөттө», – диэн этэр Алексей.
Онтон Х кылаас үөрэнээччитэ Вася Другин: «Кырачаан оҕо сүппүтүн истэммин наһаа ыксаабытым. Иккис күнүгэр букатын ыксаабытым. Түүн тымныы, аны бырдах бөҕөтө. Ханна сылдьара буолуой диэн наар саныырым. Нэһилиэк дьоно бэйэ-бэйэбитин билсэбит. Оҕо олоҕор куттал суоһаабытыгар хайдах кыттыһыам суоҕай? Төһө кыайарбынан көмөлөспүтүм, көрдөспүтүм. Уолбут көстүбүтүгэр наһаа да үөрбүтүм. Күндүмэни араҥаччылаабытыгар, харыстаабытыгар Кустуурум айылҕатыгар ис сүрэхпиттэн махтаммытым уонна оҕо булгуруйбат күүстээх санаатыгар сүгүрүйбүтүм», – диэн этэр.
– Бу түбэлтэ кэнниттэн Күндүмэн бэйэбит бииргэ төрөөбүт бырааппыт курдук буолла. Үтүө киһи буола улаатарыгар ис сүрэхпититтэн баҕарбыт. Уолбутун харахпыт далыгар куруук илдьэ сылдьыахпыт, – диэн Васялаах Алексей кэпсэтиибит түмүгэр үтүө санааларын үллэһиннилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт Алексей Стручкову уонна Вася Другины оҕону быыһааһыҥҥа көрдөрбүт хорсун быһыыларын иһин «Гражданская инициатива» бэлиэнэн наҕараадалыыр туһунан бирикээһэ 2023 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр тахсыбыта.
Наум НАУМОВ, IX кылаас,
«Бытантай кэскилэ» медиа-киин,
Кустуур, Эбээн Бытантай