Ойуурга муммут дьон сыл аайы баар буолар. Оннук түгэҥҥэ түбэспэт курдук биһиги сүбэлэрбитин туһан.
1. Ойуурга муммут киһи дэлби уолуйар, куттанар. Киһи киһи араас буолар: ким эрэ хаһыытыы сатыыр, ким
эрэ көмө көрдөөн мээнэ сүүрэр. Муммут сиргититтэн ыраатыа суохтааххыт, кэтэһэн олоруохтааххыт. Көрдүүр дьонаан маҥнай ол кэрчиги көрөр.
2. Муннубут дии санаатаххытына, бэйэҕитин уоскутунуохтааххыт, тулалыыр эйгэни истиэхтээххит.
Тыа иһигэр тыас-уус, массыына ааһара, дьон саҥата, үлэлии сылдьара, ыт үрэрэ үчүгэйдик иһиллэр.
3. Уотта оттунуҥ. Испиискэлээх буоллаххытына, хаппыт мас булан, уотта оттуҥ. Киһи оччоҕуна уоскуйар, санаата чэпчиир. Көрдүүр дьон буларыгар көмөлөөх да буолуо.
4. Быһалыы бара сатаамаҥ. Өскөтүн биир сиргэ хат-хат эргийэн кэлэ турар буоллаххытына, долгуйумаҥ – ити “уҥа атах дьайыыта” дэнэр, киһи биир хардыыта иккиһиттэн кылгас буолар. Төһө да көнөтүк бара сатаабытыҥ иһин, син биир туора диэки халыйа туруоҥ. Хайалаах сиргэ ол эргиир кылгас, оттон көнө сыһыыга уһун соҕус буолуоҕа. Ол
иһин, биир эргиир кэнниттэн тохтоон, кутаа уот оттон, көмө кэтэһэн олорбуккут ордук.
5. Ойуурга барыах иннинэ, чугас, билэр дьоҥҥутугар хаһан, хайа диэки бараргытын кэпсиир, сэрэтэр ордук. Күөх тыа ортотугар үчүгэйдик көстөр курдук, сырдык, харахха быраҕыллар өҥнөөх таҥаһы таҥныҥ.
6. Тыаҕа барарга иһэр уу, испиискэ, туус, быһах уонна чаһы ылыахха наада. Бу хайаан да туһалыыр маллар.
Оттон өскөтүн испиискэҕит да, чаһыгыт да, куомпаскыт да суох буоллаҕына, биитэр хайа диэки бараргытын
отой билбэт буоллаххытына, сыраҕытын-сылбаҕытын бараабакка, күүскүтүн эспэккэ, биир сиргэ олороргут ордук –
оннук түргэнник булуохтара.
Ааптар: Павел Ильин