Мин Лего конструкторы таҥарбын олус сөбүлүүбүн. Бастакы Лего оонньуурбун эбэм бэлэхтээбитэ. «Техник» серияттан кыһыл өҥнөөх гоночнай массыына этэ.
Бастаан дьоммун кытта инструкциянан таҥмыппыт. Ол күнтэн ыла мин Лего конструкторы сөбүлээн, хобби оностубутум уонна коллекция мунньарга, элбэтэргэ санаммытым.
Саҥа дьыл иннигэр бырааттарбын кытта Моруос оҕонньорго баҕа санаабытын суруйааччыбыт, миэнэ «Лего» оонньуур буолааччы. Аптаах курдук, сана дьыл түүн таһырдьаттан Моруос оҕонньор суругун кытта бэлэҕин булан ылааччыбыт. Биирдэ салют көрө тахсыбыппытыгар, кыһыл өҥнөөх көстүү көтөн иһэрин көрөн олус соһуйбутум уонна үөрбүтүм. Ол аата кини кырдьык баар эбит, баҕа санаабытын толорор диэн итэҕэйбитим.
Төрөөбүт күммэр дьонум мин баҕабын билэр буолан, Лего бэлэхтээччилэр. Мин онтон олус үөрэбин. Бырааттарым атын интэриэстээхтэр, конструкторынан соччо онньооботтор.
Лего таҥарбын туохтааҕар да ордоробун, оонньуурдарбын олус харыстыыбын. Кырабыттан таҥар буоламмын илиим, тарбаҕым үөрэммит курдук. Бастаан инструкциянан таҥан баран, хос ыһан, саҥаттан бэйэм өйбүттэн таҥааччыбын. Элбэх бытархай чаастар ханна, ханнык набортан сылдьалларын тута билэбин. Мин санаабар, хоббим өй сайдарыгар туһалыыр. Ийэм уонна учуонай Кант этэринэн: «Киһи мэйиитэ – тарбаҕар».
Мин саамай сөбүлүүр наборым Лего ниндзяго буолар. Элбэх интэриэһинэй персонажтаах уонна дьикти механизмнаах массыыналардаах. Таҥарга олус интэриэһинэй, умсулҕаннаах.
Мин Леголэнд көрүөхпүн олус баҕарабын. Бу улахан баҕа санаам туолуо диэн эрэнэбин.
Уйгун Тен, V кылаас.
Политехническэй лиссиэй.
Сунтаар.