Чурапчы улууһун «Улыбка» оҕо саадыгар XIX педагогическай дьаарбаҥка бэһис маршрута ыытылла турар. Уопсайа, үс хамаандаҕа арахсан бырайыак толкуйдаан көмүскээтилэр. Аныгы олох тэтиминэн медиа холбуһуктар, куйаар ситиминэн оҕоҕо, төрөппүккэ аналлаах таһаарылары оҥорон, иитии үлэтигэр туһаныахха сөптөөҕүн тула кэпсэтии, ырытыһыы буолла. Иитээччи үлэтэ олоххо аныгы көрүүнэн түргэнник, хаачыстыбалаахтык киирэрин туһугар ыра санааларын эттилэр.
Оҕону иитии бастыҥ холобурдара өбүгэ тыыныгар, үгэһигэр тирэхтээх буолуутугар баҕардылар. Киһи киһиттэн үөрэнэр дииллэриини иитээччилэр, учууталлар үлэ уопутун хардарыта атастаһан элбэҕи көрөн-истэн, үөрэнэн тарҕаһыахтара. Чурапчы улууһун Эбии үөрэхтээһин педагога, модератор Мария Петровна Саввина уонна Дьокуускай куорат «Цветик-Семицветик» оҕо саадын иитээччитин Парасковья Михайловна Соломонова дьаарбаҥка туһунан тус санааларын киирэн сэргээҥ.