Василий Назарович Егоров-Тумарча «Михаил Николаев үрдүк дабааннара» диэн 2017 с. тахсыбыт кинигэтиттэн «Дьиэ кэргэн уонна доруобуйа» диэн ыстатыйаны мин интэриэһиргии аахтым уонна кылгастык тугу биһирии аахпыппын манна суруйабын.
Хас биирдии киһи олоҕор дьиэ кэргэн уонна доруобуйа суолтата тугунан да кэмнэммэт киэҥ ис хоһоонноох өйдөбүл. Арассыыйаҕа биир саамай сытыы медико-демографическай кыһалҕатынан нэһилиэнньэ ортотугар киһи өлүүтүн ахсаана үрдүгэ буолар. Михаил Ефимович көхтөөх кыттыытынан биэс сыл устата сылын аайы «Доруобуйа уонна идэ» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай -практическай конгресс ыытыллар. Кини үлэлиир саастаах улахан дьон доруобуйатын харыстааһын кыһалҕатыгар ананар. Конгресс көмө бэрэссэдээтэлэ буоларын быһыытынан Михаил Ефимович этиитэ өйөбүллээх, этиллибит үгүс идиэйэлэр «Доруобуйа» национальнай бырайыак сүрүн тутулунан буолбуттара. Киһи өлүүтүн ахсаанын кэтээн ырытыы көрдөрөрүнэн, сорох көрүҥнэргэ хамсааһын үчүгэй өттүгэр уларыйара бэлиэтэнэр буолбут.
2007 с. «Үлэлиир саастаах нэһилиэнньэ доруобуйата» диэн ыҥырыы былааныгар, бастатан туран эр дьон доруобуйатын туһунан боппуруос турбута. Киһи доруобуйата дьиэ кэргэнтэн быһаччы тутулуктааҕын Михаил Ефимович мэлдьи этэр. Дьиэ кэргэн иитиитин өҥөтүнэн кини бэйэтин харыстана, атыттарга кыһалла үөрэнэрэ буолар. Бары судаарыстыбалар дьиэ кэргэн бөҕөргүүрүгэр улахан болҕомтону уураллар. Ол инниттэн ыал буолууну биһирииллэрэ, арахсыыны сэмэлииллэрэ, сороҕор боболлоро.
Ыалы өйүүр уонна дьиэ кэргэн политикатын тупсарар инниттэн «Россияҕа дьиэ кэргэн» диэн Михаил Ефимович бэрэсидьиэннээх Национальнай уопсастыбаннай кэмитиэт тэриллибитэ. Кини үлэтэ-хамнаһа, бастатан туран, дьиэ кэргэн төрүт үгэстэригэр олоҕурбут үөрүйэхтэри сөргүтүү. Арассыыйа уопсастыбатыгар билиҥҥи кэмҥэ дьиҥнээх гражданиҥҥа бигэ-таҕа туруктаах, эйэлээх, доруобай ыал уобараһа наада.
Ураты болҕомто норуоттар икки ардыларынааҕы дьиэ кэргэн политикатын уопутун өйдөөһүн уонна тарҕатыы. Үлэ түмүгүнэн, дьиэ кэргэн политикатын көхтөөхтүк дьарыктанар сокуону оҥорор уонна ситэриилээх былаас уорганнарын бары таһымын, Россия Федерация субъектарын бөдөҥ уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кытта бигэ сибээс олохтоммута. Үгүс регионнарга сөптөөх бырагыраамалар оҥоһуллубуттара, дьиэ кэргэн олоҕунан дьарыгырар анал структуралар тэриллибиттэрэ. Бу Арассыыйа уопсастыбатыгар дьиэ кэргэн политикатын үлэтэ систиэмэлээхтик, утумнаахтык барарыгар кыахтары үөскэппитэ.
Кинигэҕэ суруллубуту кылгатан суруйда Ксения Семёнова,
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.