Υтүө күнүнэн, күндү «Кэскил» хаһыат, ааҕааччы!
Биһиги, Дьокуускай куорат Саха политехническэй лиссиэй II “Д” кылааһын үөрэнээччилэрэ суруйабыт.
Быйыл маҥнайгыбытын оҕо хаһыатыгар суруйтардыбыт. Тоҕо, диир буоллаххытына, «Кэскиллиин» тэҥҥэ төрөөбүт тылбытынан саҥарар саҥабытын сайыннарабыт, араас саҥа сонуннары билэбит, ааҕыыбытын тупсарабыт.
Хаһыаты аан маҥнай илиибитигэр тутан үөрдүбүт. Эбэлэрбит, эһэлэрбит курдук сананан аахтыбыт. Эчи, сыта да кинигэттэн ураты эбит. Учууталбытын кытта хаһыаппыт балаһаларын билистибит, бары ыстатыйаларын аахтыбыт, кроссворд таайдыбыт.
«Кэскил» балаһатыттан биһиги саха саллааттара Россия дьоруойдара буолбуттарын туһунан ааҕан, ордук сэҥээрбиппит. Хаһыаппытын лиссиэйбитигэр аҕалан биэрэллэрэ биһиэхэ олус табыгастаах.
Инникитин «Кэскил» хаһыаты үтүгүннэрэн бэйэбит хаһыат таһаарыахпыт, кэпсээн суруйарга холонуохпут.
Дьокуускай куорат Саха политехническэй лиссиэй II “Д” кылааһын үөрэнээччилэрэ.
Кылаас салайааччыта Анна Алексеевна Баханова.
ххх
Бу күннэргэ итинник ис хоһоонноох истиҥ суругу тутан үөрдүбүт. Кылаастан 25 оҕо “Кэскил” хаһыаты балаҕан ыйыттан ыла суруйтаран ааҕар. Эһиги эмиэ ити оҕолор курдук, сурутуу оҥотторуоххутун сөп. “Кэскил” хаһыат 7 ыйга сыаната 420 солкуобай. “Бэлэм буол” — 840 солкуобай.
20-тэн элбэх ахсааннаах сурутууну оскуолаҕа диэри тиэрдэн биэрэбит.
Билсэр нүөмэргит: 89142201780.
keskil14.ru