Мин олорор нэһилиэгим аата Кэнтик диэн. Биһиги дэриэбинэбитигэр саҥа тутуулар бааллар: оҕо уһуйаана, оскуола, музей, кулууп, Кыайыы болуоссата уонна оҕо оонньуур икки быласаакката.
Кэрэ бэлиэ сирдэртэн биирдэстэрэ — Чап уустарын пааматынньыга. Онно кэрэ көстүүлээх, күрүөлээх ытык мас баар.
Сотору кэминэн саҥа фонтан, бассейннаах спортзал тутуллан бүтүөхтээх. Интернет уонна суотабай сибээс тупсуохтаах.
Мин Кэнтикпин таптыыбын.
Ярослав Васильев,
Кэнтик Н. К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан
орто оскуолатын III кылааһын үөрэнээччитэ.