Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгэр Саввиновтар дьиэ кэргэн дьөһөгөй оҕотун өрө туталлар, олохторун хаамыыта сылы эргийэ кини тула буолар.
Дьиэ кэргэн баһылыга Саввинов Александр Семёнович дьиэ, уот коммунальнай хаһаайыстыба Тамалакааннааҕы филиалыгар операторынан үлэлиир. Ону таһынан сыспай сиэллээҕи — сылгыны иитиинэн , сүүрүк аттары баайыынан дьарыктанар. Манна барытыгар уолаттарын батыһыннара сылдьан үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйар. Сайынын оттууллар, күһүн кыстыкка бэлэмнэнии түбүгэ, кыһынын сылгы аһатыы, харайыы. Саас эрдэттэн сүүрүк аттарын баайан саҕалыыллар. Дьэ онно үлэлэрэ- хамнастара элбиир. Сарсыарда олох эрдэттэн туран аттарын хаамтара бараллар. Киэһэ хойут күннээҕи түбүктэрэ бүтэр.
Улахан уол Арылхан быйыл VIII кылааһы бүтэрдэ. Кини кып-кыратыттан “мин улааттахпына сылгыһыт буолуом” — диирэ. Уот куйааска, бытарҕан тымныыга аҕатын кэнниттэн харыс да хаалбата. Оҕо саадыттан аты миинньэр буолбута. Иккис кылааска бастакытын Тамалакаан ыһыаҕар ат сүүрдэн саҕалаабыта. Улуус ыһыахтарыгар чемпионнаан үөрүү өрөгөйүн билэн турар. Мотоцикл, морозильник, дружба курдук сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыта.
Быйыл Ньурбаҕа ыытыллыбыт республиканскай сылгыһыт күнүгэр аналлаах сүүрдүүгэ Чыпчаал атынан (1600 м) бастаабыта, иккис ата Сүүтүк үһүс миэстэ буолбута. Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар сиэнчэр аттарга Чыпчаал (2400 м) II миэстэ, чипированнай саха аттарыгар Сүүтүк диэн ата III миэстэҕэ тигистилэр. Маннык ситиһиилэринэн Арылхан эр бэрдэ буолан дьонун үөрдэр.
Айна Тарасова,
«Тымтык» пост,
Ороһу.