От ыйын 1 күнүгэр 2020 сыллаахтан Ил Дархаммыт Айсен Николаев быһаарыытынан Саха сиригэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Кылгастык историяны таарыйар буоллахха, бу күн 1907 сыллаахха «Саха дойдута» диэн саха тылынан маҥнайгы хаһыат тахсыбыта. Ол хаһыаты сүрүннээччилэртэн биирдэстэрэ, биллэр судаарыстыбаннай деятель Василий Никифоров-Күлүмнүүр буолар.
Биһиги, VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларын сырдатар «Кэскил» оҕо кыһатын 50 эдэр кэрэспэдьиэннэрэ, бу үөрүүлээх күнү көрсө СӨ Бырабыытылыстыбатын овальнай саалатыгар сүрдээх долгутуулаах тэрээһиҥҥэ сылдьан кэллибит. Биллэн турар, саҥа саҕалыыр, суруналыыстыка эйгэтигэр сыстан эрэр оҕоҕо бу тэрээһини аҥаардас көрөн олорор да ситиһии буолар. Эдкордар ааттарыттан Алина Григорьева, Святослав Барабанов уонна Яна Янушкевич олус күүстээх санааларын эттилэр. Бииргэ үлэлиир оҕолорбунан киэн туттабын.
Эдкордар «Муус Устар-2024» ыччат бэстибээлин иһинэн ыытыллыбыт «СААС» медиа-форум түмүгэр ыытылла турар тэрээһиҥҥэ путёвкалары туппуттара. Мин «Азия оҕолоро» оонньууларын сырдатарга «Кэскил» оҕо кыһатын ыҥырыытынан үлэлии сылдьабын.
Баскетбол көрүҥүн сырдатыыга үлэлиибин, бүгүн номнуо финал буолар. Бары даҕаны олус сыралаах, сылаалаах үлэни оҥоро сылдьабыт, онтубут үтүө түмүктээх буолуо диэн эрэнэбин. Бу сырыыбыт аны историяҕа хаалыа, хаһан да умнуллубат түгэннэр буолан олохпут устата биһиги санаабытыгар сылаас ахтылҕан буолан иҥиэхтэрэ. Махтал буоллун маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттыһар чиэскэ тиксибиппэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэригэр, чуолаан кураторбар Анна Пантелеймоновна Слепцоваҕа уонна дириэктэр Ольга Ивановна Семёноваҕа.
«Кэскили» кытары маҥнайгы кылаастан быстыбат ситимнээхпин, онон киэн туттабын. Бастаан ыстатыйа эрэ суруйар буоллахпына, кэлин «Саас» медиа-оскуолаҕа араас хабааннаах видеоконтент оҥоруутугар үлэлиибин. Маҥнайгы учууталым Прасковья Николаевна Алексеева биһиги кылааспытын суруйар эйгэҕэ сыһыарбыта, билигин киниэхэ махталым муҥура суох, кини суолбутун тэлбэтэҕэ буоллар, билигин олох атын өйдөөх-санаалаах, сыаллаах-соруктаах буолуох эбиппин. Хаһан да умнуом суоҕа, кини аатын ааттата туруом.
Быйыл оскуолабын үрүҥ көмүс мэтээлинэн түмүктээтим, табылыннаҕына суруналыыстыка эйгэтин баһылаан көрүөм. Бу манна «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата үөрэтэр, иитэр, уһуйар үлэтэ төһүү буолар.
Суруналыыстыка эйгэтэ олус киэҥ эйгэ буолар. Манна сытыы өйдөөх-санаалаах, түргэн туттуулаах-хаптыылаах, киэҥ билиилээх дьон үлэлиир. Суруналыыс чиэһинэй, аһаҕас, киһини кытта түргэнник биир тылы булар, самныбат санаалаах, сатамньылаах уонна оҥорор үлэтин таптыыр буолуохтаах. Саха сиригэр араас эйгэҕэ үлэлиир суруналыыстары көрөн киһи үөрэр, кинилэр мындыр толкуйдара, сытыы бөрүөлэрэ киһини сөхтөрөр.
Түмүгэр этиэм этэ, суруналыыс диэн идэ буолбатах, суруналыыс буолуу — айылҕаттан бэриллэр талаан уонна өй.
Бэчээт күнүнэн барыгытыгар эҕэрдэ бастыҥа буоллун! Ситиһиилээх репортажтары, үтүө сонуннары, саҥа ыалдьыттары уонна табыллыыны баҕарабын!
Анжелина Жданова, оҕо пресс-киинэ,
«ЫЛЛЫК» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба.