Биһиги Таатта улууһун Уолба орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ буолабыт. Кылааһынан оскуолабыт 1976 сыллаах выпуһун кытта бастакы кылаастан шефтэһэбит. Кинилэр биһиэхэ 4 сыл устата «Кэскил» хаһыакка сурутууну бэлэх ууналлар. Уонна быйыл 5-с кылааска бу выпуспутун кытта ыкса бииргэ үлэлээри, элбэххэ үөрэнээри «Аҕам көлүөнэ сүбэтэ» диэн бырайыагы саҕалаатыбыт.
Аҕам көлүөнэ бу 2023 сыл бастакы аҥарыгар «Кэскил» хаһыакка сурутууну бэлэх уунан, биһиги олус үөрдүбүт. Хаһыаппыт бу тохсунньу ыйдаах таһаарыытын уонна «Бэлэм буол» сурунаалы тутаммыт, кылааһынан бары бииргэ олорон аахтыбыт. Бу таһаарыыга Өймөкөөн улууһун туһунан элбэҕи биллибит. Өймөкөөн кэрэ айылҕатын, хайаларын, дьиктилэрин көрүөхпүтүн баҕардыбыт. Уонна биһиги кылааска ас астыылларын сөбүлүүр оҕолор бааллар, кинилэр минньигэс «Эскимошка» ырысыабын көрөн сэҥээрдилэр, дьиэлэригэр астаан көрөөрү сурунан ыллылар. Аҕам көлүөнэ дьоммутугар маннык интэриэһинэй, биһиги сөбүлээн ааҕар «Кэскил» хаһыаппытын бэлэх ууммуттарыгар өссө төгүл махталбытын тиэрдэбит.
Алена Таппырова, 5 кылаас үөрэнээччитэ.