Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар Ийэ уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылларыгар аналлаах Саха сирин дьахталларын ХV съезтэрэ уонна дьахталлар Уһук Илиҥҥи форумнара ыытылынна.
Биһиги нэһилиэктэн сылын аайы «Кэскил» хаһыаппыт сурутуутугар спонсорбыт, нэһилиэк киэн туттар общественнига, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Хаҥалас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Александра Петровна Васильева кытынна.
Александра Петровна съезкэ нэһилиэк дьахталларын кытта сүбэлэһэн баран, маннык сүрүн туруулаһар этиилээх кытынна: үлэ ыстааһа тиийбэт дьоммутугар «Үлэ бэтэрээнэ» диэн бочуоттаах ааты дьахталларга — 30, эр дьоҥҥо — 35 сыл үлэ ыстаастаах буоллаҕына аныырга, иккиһэ – олохтоох врачебнай амбулаторияларга сытан эмтэнэр куойканы астарыы.
Александра Петровнаны Ньурба оройуонун дьахталларын общественнай хамсааһыныгар бэлиэ кылаатын иһин СӨ дьахталларын Сойууһун аатыттан бочуотунай грамотанан наҕараадалаатылар. Александра Петровнаҕа доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабыт!
Марина ВАСИЛЬЕВА,VIII кылаас үөрэнээччитэ,
Н.И. Кочнев аатынан I Хаҥалас орто оскуолатын
«Ыллык» эдкорпоһун чилиэнэ,
Ньурба улууһа.