Мин бэс ыйын 18 күнүгэр Аллараа Бэстээхтэн алгыстаах Амма сиригэр тиийбитим. Онтон бэс ыйын 19 күнүгэр атын юнкордар араас улуустартан кэлбиттэрэ.
Үс күн иһигэр наһаа доҕордостубут, оҕолор олус үчүгэйдэр, үөрэ-көтө сырыттыбыт.
Муона Чараҥа диэн Амма улууһа ыһыахтыыр сирдэрэ олус үчүгэй эбит. Уонна Амма улууһа олус да кэрэ эбит дии санаатым.
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2024/06/IMG_7298-768x1024.jpeg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2024/06/IMG_7297-1024x768.jpeg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2024/06/IMG_7299-1024x768.jpeg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2024/06/IMG_7300-1024x870.jpeg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2024/06/IMG_7301-768x1024.jpeg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2024/06/IMG_7296-768x1024.jpeg)
Мин сырдатыы үлэтигэр ыараханы көрсүбүтүм диэн видео устан баран, түргэн соҕустук таҥыы. Уонна түһүлгэлэр бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сирдэргэ буолаллар эбит. Олоҥхо ыһыаҕар аан бастакыбын сырыттым. Үрдүк таһымнаахтык ыытыллар эбит.
Гаврил Прокопьев, VIII кылаас, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас