“Жанна, икки тылынан суруйар суруналыыс наада үһү, пресс-кииҥҥэ. Хамнаһа үрдүк. Интэриэһиргээбэккин дуо?” – диэн киниттэн элбэхтэ ыйыталлар. Онуоха кини хаһан да ол тугун, ханныгын суруһа барбат, тута сэҥээрбэтин биллэрэн: “Ээ, суох”, — диэн саба саҥарар. Оннук бэриниилээх эбээт — биһиги Жаннабыт — кыра эрдэҕиттэн доҕор оҥостубут “Кэскилин” хаһыатыгар.
Чахчы, Жанна хамнас-харчы, аат-суол, дуоһунас туһугар буолбакка, идиэйэ иһин, “Кэскилэ” кэрэхсэбиллээх, кэскиллээх буоларын туһугар үлэлиир киһи. “Үлэлиир” диэн судургу баҕайытык эттим быһыылаах. Хаһыатынан олорор диирим оруннаах буолуо. Хас биирдии нүөмэр сыыһата суох, элбэх сонуннаах, баай матырыйааллаах тахсарын туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар. Ону мин кылаабынай редакторы солбуйааччынан үлэлии сылдьан билбитим. Эрэнэр тутаах киһим, сүрүн өйөбүлүм этэ. Ыксал буоллаҕына, хаһыат аҥаарын да бэйэтэ суруйуоҕар саарбахтаабаппын. Оннук да нүөмэрдэр тахсааччылар. Болҕомтолоох ааҕааччы ону бэлиэтии көрбүтэ чуолкай.
Киэһэ хойут да эттэххэ, Жанна матырыйаалын сарсыарда бэлэм гынар. Ити суруналыыска саамай хайҕаллаах хаачыстыба буоллаҕа эбээт. Өрөбүлүгэр да сынньаммакка, бэйэтэ билэн-булан, оҕоҕо аналлаах тэрээһиннэри кэрийэн сылдьыбыта эрэ баар буолар. Уонна бэнидиэнньиккэ: “Миэхэ балаһа биэриэҥ дуо?”—диэбитинэн көрсөр. Кырдьыга да, биһиги кинилиин хаһыаппытын хайдах өссө тупсарар туһунан эрэ кэпсэтэрбит. Ол биһигини ситимниирэ.
Бу ааспыт 2018 сыл түмүгүнэн Жанна Леонтьева айар дьоҥҥо саамай үрдүкү наҕарааданы — “Көмүс бөрүө” ааты — ылбытын истэн, идэтин толору баһылаабыт дьиҥнээх профессионалы сөптөөхтүк сыаналаабыттар диэн долгуйа үөрдүм. Оскуола саҕаттан суруйар киһи уопута да улахан, суруйар таһыма да үрдүк. Дьуһуурунай матырыйаалга бэйэтин тус көрүүтүн, билиитин, санаатын үллэстэн, судургу да заметканы кэрэхсэбиллээх, бөлүһүөктүү хабааннаах, ааҕааччыга туох эрэ толкуйу саҕар суруйууга кубулутар дьоҕурдаах. Тус бэйэм кини матырыйаалларыттан элбэх саҥаны, сонуну билэбин. Чуолаан култуура, искусство, литература туһунан ыстатыйаларыттан.
Эчи, суруйара түргэнэ. Начаас тыбыгыратар. Арааһа, чаас аҥаарынан балаһаны бүтэрэр быһыылаах. Сөҕөбүн эрэ.
Аны киэһэ хойукка диэри хаалан үлэлиир үгэстээх. Алтаны-сэттэни ааһыыта өҥөйөн: “Хаһан бараҕын, аргыстаһыахха?” – диэтэххэ, Жанна: “Оо, өссө олоро түһэрим буолуо”, — диэччи.
Сурутуу элбиирин туһугар саамай туруулаһааччы эмиэ кини. Интервью ыла да бардаҕына, сурутууну оҥорон, илиитигэр квитанциялаах кэлэр, икки куобаҕы тэҥинэн өлөрбүтүн туһунан кэпсээн үөрдэр.
Жанна суруйууларын ааҕан, эһиги кинини суруналыыс быһыытынан билэҕит. Оттон французтуу үчүгэйдик саҥарарын, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар “Кэнчээри” ансаамбылга дьарыктаммыт буолан, академическайдык ыллыырын, хоһоон айарын, хомуурунньуктааҕын туһунан сороххут билбэтэ буолуо.
Жаннабыт биһиэнэ СӨ Бэчээтин туйгуна. Суруналыыстар сойуустарын бастакы сүһүөх тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ.
Кини хаһыакка үөрэх салаатын дьаһайар-салайар, сырдатар-суруйар эбээһинэстээх. Куонкурус, Төгүрүк остуол, маастар-кылаас бөҕөтүн тэрийэн ыытар.
Киһи быһыытынан Жанна сүрдээх көмүскэс. Кэлэктиибин, хаһыатын туһугар хайа да бэйэлээхтэн толлубакка туруорсуо, туруулаһыа, көмүскэһиэ этэ. Кини аҕа саастаах дьоҥҥо ураты болҕомтолооҕун, сылаас сыһыаннааҕын бэлиэтии көрөбүн. Редакция бэтэрээн суруналыыстарын кытта сибээһи тутар, мэлдьи төлөпүөннэһэ олорор, баран көрсөр, бырааһынньыктарбыгар бастакынан барыларын ыҥырбыт буолар.
Юнкордаабыт сылларыттан аахтахха, арааһа, 30-ча сыл “Кэскилгэ” суруйдаҕа буолуо. Кэнчээри ыччат кэскилин туһугар бу бэриниилээх, сыралаах уонна айымньылаах үлэтэ Саха Сирин суруналыыстыкатын историятыгар “Көмүс бөрүөнэн” суруллубутунан сайт ааҕааччыларын ааттарыттан эҕэрдэлиибин уонна өссө үрдүк ситиһиини баҕарабын!
Анисия Иевлева.
1
Жанна Владимировнаҕа эҕэрдээ!