Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын 50 эдэр кэрэспэдьиэнэ бэс ыйын 26 күнүттэн от ыйын 6 күнүгэр диэри «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо пресс-киинигэр үлэлии сылдьаллар. Кинилэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын иһинэн үлэлиир медиа-оскуолаҕа үһүс сылларын дьарыктаналлар. «Азия оҕолорун» пресс-киинигэр үлэлиир путевкалары өссө олунньу ыйга, «Муус Устар-2024» ыччат бэстибээлин иһинэн ыытыллыбыт «СААС» медиа-форум түмүгэр туппуттара.
Эдэр кэрэспэдьиэннэр «Кэскил» оҕо бэчээтин куратордарын кытта хамаанданан арахсан «Азия оҕолорун» 24 көрүҥүн сырдата сылдьаллар. Ону тэҥэ, «Дети Азии в объективе юнкоров» диэн күн аайы 13 мүнүүтэлээх «Азия оҕолорун» дневнигин «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар бэйэлэрэ устан, таҥан, бэлэмнээн ыыталлар. Ити курдук, «Кэскил» медиа-оскуола эдэр кэрэспэдьиэннэрэ оҕо спордун биир саамай улахан түһүлгэтин – «Азия оҕолорун» киэҥник сырдаталлар.
Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Национальнай Бэчээт күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Эдэр кэрэспэдьиэннэр Өрөспүүбүлүкэ салалтата үлэлиир сүрүн дьиэтигэр сылдьан астыннылар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин Кирилл Бычков, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов саха национальнай Бэчээтин суолтатын туһунан бэлиэтээн эппиттэрин өйдөөн иһиттилэр.
Эдэр кэрэспэдьиэннэр бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ национальнай Бэчээт эйгэтигэр үүнэн тахсыахтаах саҥа көлүөнэ быһыытынан кыттыыны ыллылар уонна бэйэлэрин санааларын эттилэр.
И. С. Гаврильев аатынан Нам 1 №-дээх орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Святослав Барабанов «Кэскил» медиа-оскуола сүрүн соругун туһунан эттэ: «Биһиги, «Кэскил» медиа-оскуола эдэр кэрэспэдьиэннэрэ, биир улахан сорукпутунан – төрөөбүт тылбытынан сахалыы медиа эйгэни тэрийии буолар. Дойдубут историятын туһунан кэпсиибит, олорор нэһилиэкпитигэр, үөрэнэр оскуолабытыгар туох буола турарын туһунан суруйабыт. Тыа сирин үлэһит дьонун туһунан сырдатабыт. Киэҥ билиилээх, сайдыылаах дьон буолан тахсарбытыгар сахабыт тылын тирэх оҥостобут».
Онтон, Дьокуускай куорат М.И. Кершенгольц аатынан 9 №-дээх оскуола X кылааһын үөрэнээччитэ Яна Янушкевич суруналыыстыка үөрүйэхтэрэ ханнык баҕарар идэҕэ туһалаах буоларын туһунан эттэ: «Аныгы үйэҕэ технология тэтимнээхтик сайдар, ону кытта киһи информацияны судургутук ылар. Онон, билиҥҥи кэмҥэ киһи киһини кытта кэпсэтэр, алтыһар үөрүйэхтэрин суолтата үрдүүр. Биһиги, эдэр суруналыыстар кэпсэтэр киһибитин сатаан истэр, өйдүүр буоларбыт таһынан бэйэбит санаабытын чуолкайдык этэ үөрэниэхтээхпит».
Хаҥалас улууһун М.Е. Васильев аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Алина Григорьева: «Биһиги буолар тэрээһиннэри интэриэһинэйдик уонна кырдьыктаахтык сырдатарга, бэйэбит суруйар, кэпсиир дьоруойдарбытын, ааҕааччыларбытын, көрөөччүлэрбитин убаастыырга, эппиэтинэстээх буоларга, суруйар ыстатыйаларбыт, интервьюларбыт, репортажтарбыт нөҥүө өрөспүүбүлүкэбит олоҕун тупсарарга кыһаллабыт!».
Эдэр кэрэспэдьиэннэр бу бэлиэ күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев дириҥ ис хоһоонноох, минньигэс бэлэхтэри туттулар. «1908 сыллаахха «Якутский край» 1 №-гэр бастакы балаһаҕа 40-тан тахса сыл сир шарыгар улахан ситиһиинэн туһанар «Нестле» туһунан суруллубут. Хаһыат балаһатын бу кэрчигэр олоҕуран Ил Дархан эдэр кэрэспэдьиэннэргэ «Нестле» оҥорон таһаарар минньигэс астарын бэлэх уунна.
Бу күн, Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ улахан наҕараадалары туттулар. Ол курдук, кылаабынай бухгалтер Н. А. Хорунова «Гражданская доблесть» бэлиэнэн, кылаабынай эрэдээктэр С. А. Матвеева Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Махтал суругунан, юрист-консультант А. А. Спиридонова Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Аскалонович Семенов Махтал суругунан наҕараадаланнылар.
Эдэр кэрэспэдьиэннэр бу үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн Саха сирин уһулуччулаах общественнай, политическэй диэйэтэлэ Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр пааматынньыгар сырыттылар. Онон, саҥа үүнэн иһэр көлүөнэ бу күн, Национальнай Бэчээт, төрөөбүт тыл суолтатын, эппиэтинэһин туһунан өйү-санааны иҥэриннэ.
Ольга ХАЛЫЕВА
Мария Васильева хаартыскалара, СИА