Бү күннэргэ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ: «Чуораанчык» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ Сардаана Матвеева, «Колокольчик+» таһаарар эрэдээктэрэ Сардаана Афанасьева, «Кэскил» хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ Вера Петрова Татарстаҥҥа оҕо сурунаалларын эрэдээксийэлэригэр уопут атастаһа ыалдьыттыыллар.
Татарстан сонуну киэҥник тарҕатар бэчээт таһаарыыларын барыларын «Татамедиа» түмэр. 9 этээстээх дьиэ Казанка өрүс аттыгар, Казань куорат саамай көстүүлээх сиригэр — Казанскай Кремель аттыгар турар. Оҕо сурунаалларын редакцията 9-с этээскэ баар.
Барыта холбоон 30-ча тыһыынча ааҕааччылаах оҕо сурунаалларын эрэдээксийэлэрэ «Салават Купере», «Сабантуй», «Ялтын» Татарстан үүнэр ааҕааччыларын иитэн-үөрэтэн таһаарар үрдүк эппиэтинэһи сүгэллэр.
Оҕо сурунаалларыттан үүнэн тахсыбыт ааҕааччылары салгыы ыччат, улахан дьон сурунааллара туталлар. Бу ситимнээх үлэ бастыҥ холобура!
Кэллиэгэлэрбитигэр таһаарыылаах көрсүһүүлэри, ситиһиилээх үлэни баҕарабыт!