Киһи олоҕо биир кэм көнө, эриэ-дэхси үчүгэй эрэ буолбат. Олох диэн уустук. Үөрүү-көтүү, дьолунан кынаттаныы уонна эрэй-муҥ, кыһалҕа эҥэрдэһэ сылдьаллар. Кыһалҕа, уустук оҕону эмиэ таарыйар. Бу — олох кырдьыга.
Бүгүн, бэс ыйын 17 күнүгэр, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ keskil14.ru саайтан Анна Слепцова, Виктория Тарабукина, реклама отделыттан Максим Слепцов өрөспүүбүлүкэтээҕи саастарын ситэ илик оҕолор социальнай-реабилитационнай киинигэр ыалдьыттаатылар. Маннык көрсүһүүлэри оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ оҕо тэрилтэлэригэр: оскуолаларга, уһуйааннарга, лааҕырдарга сырыы аайы элбэхтэ ыыталлар. Бу 2022 сыл үөрэхтээһиҥҥэ Ааҕыы сыла биллэриллэн, оҕону ааҕыы эйгэтигэр сыһыарар, оҕо бэчээтин кытары билиһиннэрэр тэрээһиннэр ордук биһирэнэллэр.
Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ биһиги турар бэйэбит эрэ тиийбэккэ, ыҥырыылаах ыалдьыттаах тиийдибит. Дима Потаповы, кыра эрдэҕиттэн ыллыыр уолчааны, бары да бэркэ билэргит буолуо. Уолбут билигин улаатан, номнуо 23 сааһа. Музыкант, ырыаһыт, аранжировщик, продюсер. Уонна бу бэл, соторутааҕыта Дмитрий Потапов Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн дипломун илиитигэр тутта!
Дима ДЦП-лаах төрөөбүтэ. Онон кыра эрдэҕиттэн атаҕар турбат. Оҕо эрдэҕиттэн олох уустугун билбит киһи. Ыллыырын отой кыратыттан сөбүлүүр, онтон сыыйа-баайа улахан сыанаҕа тахсар буолбута. Манна таайа ырыаһыт, продюсер Алексей Потапов өҥөтө улахан. Кини ыллыан баҕарар уонна ырыаҕа дьоҕурдаах Диманы өйөөн сыанаҕа таһаарарга күүс-көмө буолбута. Ити курдук, 2008 сыллаахха Дмитрий Потапов айар үлэтэ саҕаламмыта. 2011 сыллаахха «Күнү кытта сырсаары» диэн кини туһунан документальнай киинэ тахсар. Онтон 2012 сыллаахха Дима аан бастакы айар кэнсиэрэ элбэх көрөөччүнү муспута.
— Ырыа — миэхэ олоҕум аргыһа. Ырыа миигин кынаттыыр. Ырыанан мин дьону кытары кэпсэтэбин, — диэн Дима оҕолору кытары кэпсэтиитин саҕалаата.
Билиҥҥитэ кини бэйэтэ лейбл арыйан, саҥа саҕалыыр артыыстарга ырыа устарга, суруйарга, аранщировкаҕа көмөлөһөр устуудьуйа арынар былааннаах.
— Доруобуйатынан хааччахтаах киһи билигин үлэ булара саарбах. Ол иһин ИП тэринэн бэйэм устуудьуйа арыныахпын баҕарабын, — диэн кини этэр.
Оҕолортон эмиэ араас ыйытык киирдэ, холобур, ырыаны хайдах суруйаҕыный, тоҕо ыллыыгыный, ырыа эйиэхэ тугу биэрэрий о.д.а. боппуруостарга Дима толору ис санаатыттан хоруйдаата.
Реабилитационнай кииҥҥэ билиҥҥитэ 30-тан тахса оҕо баар. Кинилэр билигин оҕо дьиэтигэр эбэтэр дьиэ кэргэттэригэр төннөр дьылҕалара быһаарыллар. Оҕолор бары олус көхтөөхтөр, төһө даҕаны кыһалҕалаах сырыттыннар, санаалара бөҕөх, ытыы сылдьар оҕо суох. Биһигини кытары бииргэ оонньоон, күлэн-үөрэн, үҥкүүлээн бириэмэни билбэккэ атаардыбыт. Көрсүһүүбүт түмүгэр оҕолор бары «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сурунаалларын — «Чуораанчыгы», «Колокольчигы», «Юность Севера» уонна «Кэскил» хаһыаты бэлэх туттулар, ааҕыах, үөрэтиэх, туһаныах буолан тылларын биэрдилэр. Маны таһынан өрүү биһигини өйүүр «Е-Да» маркеттан минньигэс тутан үөрүүлэрэ өссө бүк үксээтэ.
Көрсүһүүбүт түмүгэр, Дмитрий Потапов оҕолорго туһаайан
хаһан даҕаны, ханнык да түгэҥҥэ санааны түһэрбэт буолуҥ, баҕа санаалаах буолуҥ, ону толорорго кыһаллыҥ уонна бүгүн ыарахан буоллаҕына, сарсын атын буолуон сөп, олох уустугун туоруурга эрэллээх буолуҥ диэн баҕа санаатын тиэртэ.
Маннык истиҥ көрсүһүүлэр олус наадалар диэн реабилитационнай киин үлэһиттэриттэн иһиттибит, онон аныгыс сырыыга хайаан даҕаны кэлиэх буолан быраһаайдастыбыт.
Хайа да оҕо улахан дьон сыыһатыттан эрэйдэниэ суохтаах, хайа да оҕо кыһалҕаҕа кыһайтаран хараҕын уутун тоҕуо суохтаах, оҕону үөрүү, мичээр, үтүө санаа, дьоллоох оҕо саас эрэ арыаллыахтаах, онно биһиги, улахан дьон, эппиэтинэспит үрдүк.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.
keskil14.ru