Бу күннэргэ Ньурба улууһун социальнай харалтатын управлениета «Кэскил» оҕо бэчээтин кыhатыттан Ньурба улууhун элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэттэригэр ананан кэлбит «Чуораанчык» сурунаалы уонна «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары тутта. Лариса Прокопьевна Андреева Ньурба оҕолорун ааттарыттан махталын тиэрдэр.
Бу хаһыаттары, сурунааллары Ньурба куоратыгар уонна тыа нэhилиэктэригэр олорор элбэх оҕолоох ыалларга социальнай харалта уонна олохтоох дьаhалта үлэhиттэрэ дьиэлэринэн сылдьан босхо түҥэттилэр. Үгүс төрөппүт оҕо сахалыы тыыҥҥа угуйар, үтүөҕэ-кэрэҕэ, билиигэ сирдиир, элбэх кэпсээннээх, сонуннаах сурунаалы уонна хаһыаты бэлэх тутан, үөрүүтэ үксээтэ.
Инникитин да оҕону ааҕыы дьиктилээх эйгэтигэр сирдээн, үтүөнү-кэрэни иҥэрэ сылдьаргытыгар уонна “Кэскил” хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүнэн социальнай харалта управлениетын аатыттан итиитик истиҥник эҕэрдэлээн туран, бу үтүө дьыаланы оҥорбут «Кэскил» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Татьяна Жирковаҕа уонна «Кэскил» бэчээт кыһатын салайааччыта Ольга Семеноваҕа махталбытын тиэрдэбит.