ЮНКОР ДНЕВНИГЭ
От ыйын 25 күнэ. «Кэскил» медиа оскуола юнкордара Россия киин куоратыгар Москваҕа кэлбиппит иккис күнэ. Бу күн олус толорутук ааста. Элбэх саҥаны биллибит, үгүс көрсүһүүлэр буоллулар. Күммүт «МАСТ» норуоттар икки ардыларынааҕы устудьуоннар телевидениеларын ассоциациятыгар сылдьыыттан саҕаланна. Манна биһиэхэ «Просвещение» телеханаал техническэй дириэктэрэ бэйэтин үлэтин, телестудия үлэтэ хайдах ааһарын уонна бэйэтэ үлэлиир сирин туһунан сиһилии кэпсээтэ. Бу тэрээһиҥҥэ өйдөөн хаалбытым диэн телестудия үлэтэ олус уһун, интэриэһинэй уонна дириҥ историялаах эбит.
Биһиги «Кэскил» медиа оскуолабыт үлэтин кытта тэҥнээн көрдөххө, майгыннаһар өрүттэрэ элбэх. Манна эмиэ биһиги курдук эдэр дьоннор бары бииргэ хамаанданан үлэлээн медиа эйгэни тэрийэллэр. Сөптөөхтүк, ис хоһоонноохтук сырдата, кэпсии үөрэтэллэр. «Кэскил» медиа оскуола курдук, эдэр дьон өйүн-санаатын, көрүүтүн сөптөөхтүк чочуйан биэрэллэр эбит.
Биһиги манна сылдьыбыппытын туһунан ВК клип оҥорбуттарын бу ссылканан киирэр көрүөххүтүн сөп http://vk.com/clip-128213366_456239236?c=1
Салгыы бүтүн Россия үрдүнэн биллэр «Российская газета» хаһыат редакциятын киинигэр кэллибит. Уруккута бу редакция «Правда» диэн ааттанар эбит.
«Правда» хаһыат дириҥ историялаах. Биһиги төрүттэрбит бэйэлэрин кэмнэригэр элбэхтик аахпыт, билэр хаһыаттара.
Онтон билигин бу киин Россия үрдүнэн бастыҥ медиа холдинг. Киирээппитин кытта биһигини регионнары кытта үлэлэһэр отдел салайааччыта Ольга Бухарова көрүстэ. Үлэлиир сирин туһунан сиһилии кэпсээтэ.
«Правда» хаһыат дириҥ историятыгар тирэҕирэн, аныгы кэм уларыйыытын кытта кинини саҥа сирэйдээн, байытан илдьэ сылдьаллар эбит диэн өйдөөтүм.
Ол кэнниттэн редакция иһигэр «мастер заголовка» диэн аатынан биллэр редакция салайааччытын бастыҥ солбуйааччытын Юрий Михайлович Лепскийы кытта көрүстүбүт. Кини биһиэхэ суруйар ыстатыйаларыгар ааҕааччы болҕомтотун тардар гына заголовоктары хайдах толкуйдаан таһаарарын туһунан кэпсээтэ.
Онтон Ян Васильевич Горовец уонна Юлия Сергеевна Шмарская оҥорон таһаарбыт суруйуугун ааҕааччыга хайдах сөптөөхтүк тарҕатарын туһунан сүбэ-ама биэрдилэр, кэпсэтиилэр.
Мин бу көрсүһүүлэртэн элбэҕи биллим. Тугу билбиппин бу суруйуубар тута туһана олоробун. Инники да өттүгэр туһаныам дии саныыбын.
Эбиэт кэнниттэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтигэр тиийэ сырыттыбыт. Саха сирин президеннэрэ, Ил Дарханнара үлэлээбит сирдэрин, музейнай экспонаттарын, 30-тан тахса мөлүйүөн киһи олорор улуу Москва куоратыгар саха омугун муннуга баарын туһунан сиһилии биллибит. Александр Дмитриевич Софроновы кытта кэпсэтии бэйэтэ туспа дириҥ өйү-санааны иҥэрдэ.
Иккис күммүт Москва куорат биир саамай бэлиэ сиригэр – Кыһыл болуоссакка сылдьыынан түмүктэннэ. Телевизорга эрэ көрөр Кыһыл болуоссаппытын, Кремель чаһыытын, харыйалары илэ харахпынан көрбүппүн умнуом суоҕа. Инники олохпор Кыһыл болуоссакка өссө даҕаны бука, кэлэ турарым буолуо дии саныыбын.
***
Москва куоракка иккис күммүт олус сэргэхтик, киһи олоҕун устата өйдөөн хаалар курук интэриэһинэйдик, чаҕылхайдык ааста.
Тус бэйэбэр тугу бэлиэтээн көрдүм? Этим-сииним дойдум бириэмэтин кытта алта чаас араастаһыыны ыарханнык ылынна. Күнүскү бириэмэ киэһээҥҥи кэми кытта сөп түбэһэр буолан, наар эрдэлээн иһэр курдукпун. Ол иһин наар ыксыыбын.
Ону таһынан куорат биллиилээх транспорыгар метроҕа бастакытын айаннаатым. Метро туһалаах, табыгастаах, түргэн эбит эрээри сир анна буолан, киһи тыынарыгар ыарахан, тыыҥҥын хаайар, баттыыр курдук. Түгэх вагон тимир суол устун айанныырын көрөр интэриэһинэй да эбит.
Иккис күнүм туһунан санааларым итинниктэр. Москва устун айаммыт салҕанар.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы