«Кэскил» медиа оскуола юнкордара дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москваҕа VK хампаанньыйа офиһыгар экскурсияҕа сырыттыбыт.
Москва куорат уопсайынан, IT-эйгэ, чуолаан үрдүк хамнастаах эрэ буолбакка, үлэ тупсаҕай усулуобуйатынан биллэр. Бастаан тэрилтэ үлэһиттэрэ VK офиһын иһинэн экскурсия ыыттылар.
Сырдык, киэҥ-куоҥ, дьэҥкир таас дьиэ, эйгэтэ олус сэргэх: аныгы үлэ офиһыгар киһи үлэлииригэр эрэ буолбакка, сынньанарыгар кытта болҕомто уурар эбиттэр.
Айымнньылаах үлэһит интэриэһин тардар араас сынньанар зоналар бааллар. Манна үлэлиир киһи күн аайы үөрэ-көтө кэлэр буолуохтаах.
VK коммуникациятын менеджера Егор Еремин үлэ принциптэрин туһунан, салгыы сыһыарыыны сайыннарыыга, тупсарыыгаактуальнай тиэмэлэри билиһиннэрдэ.
Ааптардары уонна СМИ-ны кытта үлэлиир VK хамаанда биһиэхэ анаан «Лекция-вдохновение от Лизы» диэн ааттаах көрсүһүүнү тэрийдэ. Манна тугу гынан кинилэр комьюнити-менеджер буолбуттарын, комьюнити-менеджер буоларга туох наадатын, тугунан туһаналларын туһунан кэпсээтилэр.
Биһиги суруйар, видео устар оҕолор VК сыһыарыыны күнүн аайы туһанабыт. Күммүт VK сонуннарыттан саҕаланар. Олохпут аргыһа буолбут VК сыһыарыы ис-иһиттэн, араас функциялара оҥоһуллан тахсар киин офиһыгар сылдьан, илэ харахпынан көрбүппүттэн астынным. Бу көрсүһүүгэ оҕолор интэриэстэрин олуһун тарта.
Түмүккэ биһиэхэ барыбытыгар VK музыкаҕа босхо сурутууну биэрдилэр. Онон VK офиһыттан үөрэн-көтөн, махтанан таҕыстыбыт.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас