«Кэскил» медиа кииҥҥэ 10 күннээх интенсив түмүктэннэ. Манна оҕолор медиа эйгэтин араас хайысхаларын билистилэр, журналистикаҕа маҥнайгы үөрэҕи аастылар . Видеосъемка, монтаж, сценарий, интервью, репортаж, иллюстрация, сонун таһаарыытын оҥоруу, блогинг, хамаанданан үлэ курдук көрүҥнэргэ маҥнайгы сатабылларын ыллылар.
Интенсив чэрчитинэн эдэр корреспонденнар норуодунай суруйааччы Сэмэн Туматы, Айыы Кыһатын учуутала, поэт Рустам Каженкины, Национальнай музей методиһа, мелодист Ольга Фролованы, артыыс, виртуоз-хомусчут, блогер Василена Шаринаны кытта көрсөн үгүс сүбэ-ама ыллыллар, сэргэх, истиҥ кэпсэтиини таһаардылар.
Ону таһынан, былыргы Святотроицкай таҥара дьиэтин аттыгар буола турар археологическай хаһыылары көрдүлэр, Национальнай музейга Айвазовскай быыстапкатын сэргээтилэр. Интенсив түмүгүнэн оҕолор бэлиэтээһиннэри бэлэмнээтилэр.
Эдэр корреспонденнар маннык куурустар туһалаахтарын бэлиэтээтилэр, олус сэргээбиттэрин, астыммыттарын биллэрдилэр уонна «Кэскил» оҕо таһаарыларын кыһатын кытта инникитин ситимнэрин быспакка үлэлэһэллэрин эрэннэрдилэр.
Оҕолор бэлиэтээһиннэрин ааҕыҥ: