Биhиги, Баппаҕаайы оскуолатын иккис кылаастара, кылаас чааhыгар «Кэскил» хаhыаты кытта билистибит. Учууталбыт Людмила Сергеевна «Кэскил» хаhыат уруккута «Бэлэм буол» диэн ааттааҕын, араас сылларга тахсыбыт «Кэскил» хаhыаттар истиин–тастыын уратылаахтарын кѳрдүбүт.
Ыйга биирдэ тахсар «Бэлэм буол» сурунаалы интэриэhиргээтибит. Хаhыакка баар таайбараҥнары, сканвордары, ребустары таайдыбыт, сонуннары биллибит. «Кэскили» сѳбүлээтибит, суруйтарыах буолан сүбэлэстибит.
II кылаас оҕолоро.
Баппаҕаайы оскуолата, Бүлүү.