«Кэскил» -«Бэлэм буол» 85 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх сылыгар оскуолаҕа үөрэммит сылларын тухары хаһыаппытын кытта ыкса сибээһи тутуспут эдэр кэрэспэдьиэннэрбит олох киэҥ аартыгар үктэнэллэр. Үгэс курдук, эдкордарбытыгар бу таһаарыынан «тиһэх чуорааны» тыаһатабыт. Биһигини кытта ситимҥит, көмөҕүт, куонкурустарга, сүлүөттэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ кыттыыгыт иһин редакция аатыттан махталбытын биллэрэбит. Өрүү даҕаны маннык көхтөөх, сэргэх, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах буолуҥ! “Кэскилгитин” умнумаҥ! Эһиги саамай бастыҥ эдкордарбыт буолаҕыт! Алгыстаах айаны!
“Кустук” медиастудия, салайааччы Нина Николаевна Яковлева ( Хаптаҕай, Мэҥэ Хаҥалас).
Владиан Цыпандин – медиаустуудьуйаҕа оператор,режиссер,оцифровщик, диктор, «Кэскилтэн» «Океан» лааҕырга путевканан наҕараадаланан, онтон дипломнаах кэлбитэ. «Учитель ученических признаний» видеоролигын иһин Госдума депутата Федот Тумусовтан Махтал суруктаах. Патриотизм сылыгар анаммыт «Дьиҥнээх герой диэн кимий» ток-шоуга кыттан, «Ил Тумэн» издательскай дьиэттэн грамоталаах.
«Ай-тал» пресс-кулууп, салайааччы Мария Ивановна Ноева (Бэрдьигэстээх гимназията, Горнай)
Марина Семенова – академик В.П.Ларионовка аналлаах Россиятааҕы НПК 2 миэстэ, Т.Е.Сметаниҥҥа аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК 1 миэстэ, норуодунай суруйааччы Н.Е. Мординовка- Амма Аччыгыйа аналлаах НПК добун сурук, «Тобул-2017» НПК добун сурук.
Юлия-Чэмэлиинэ Павлова Норуоттар икки ардыларынааҕы Интеллектуальнай 1 оонньууларга “Кэскил” хаһыат суруналыыстарын салалтатынан эдкорунан улэлээбитэ. Эмиэ «Кэскил» хаһыатынан Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азиатскай- Тихоокеанскай» НПК эдкора, филологияҕа РСОШ олимпиадатын призера, саха литературатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада кыайыылааҕа.
«Көмүс бөрүө» пост, салайааччы Людмила Сергеевна Тарасова (Баппаҕаайы,Бүлүү)
Данил Шамаев, Лена Алексеева 4 кылаастан поска дьарыктаналлар. Улуустааҕы «Олох суола», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» хаһыаттарга элбэхтэ бэчээттэммиттэрэ.
Данил Шамаев — «Юнкоры — рыцари пера» өрөспүүбүлүкэтээҕи форумҥа хамаанданан «Пресса» номинацияҕа кыайыылаахтара, «Кэскил” хаһыат «Посткроссинг» курэҕэр 2 миэстэ, улуустааҕы «Саха саарыннара» кэмпириэнсийэҕэ хаһыат куонкуруһугар 1 миэстэ, суруналыыс М.Н. Дорофеева стипендиятын хаһаайына, «Кэскил» сүлүөтүгэр анал бириистээх.
Лена Алексеева – Баппаҕаайыга ыытыллыбыт «Кэскил» сүлүөтүгэр «Кроссвордтар, ребустар» курэххэ 2 миэстэ, «Бэргэн» оҕо прессатын агентствотын «Фоторепортаж» куонкуруһугар 1 миэстэ, «Кэскилтэн» «Океан» лааҕырга путевканан наҕараадаламмыта,» Океаҥҥа» шашка курэҕэр 2 миэстэ, 2019 с Ньурбаҕа ыытыллыбыт «Кэскил” сүлүөтүгэр айар үлэ куонкуруһугар 1 миэстэ.
“Кустук” медиастудия, салайааччы Нина Николаевна Яковлева ( Хаптаҕай, Мэҥэ Хаҥалас).
Лида Иванова — медиаустуудьуйа худуоһунньуга, оскуола киэн туттар т уйгун үөрэнээччитэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы «Палитра культур» куонкуруска 1 миэстэ, Россиятааҕы «Мой герои большой войны» 2 миэстэ, «9 мая — день Великой Победы» 1 миэстэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Амма Аччыгыйын айымньытынан уруһуй куонкуруһугар 2 миэстэ буолбута.
«Лучком» пост, салайааччы Екатерина Владимировна Васильева (Тойбохой, Сунтаар)
Муза Дмитриева — “Кэскил” хаһыат 80 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөт кыттыылааҕа, «Бэлэм буолтан»- «Кэскилгэ» НПК 1 истиэпэннээх дипломана, регионнааҕы «Кэскил» сүлүөтүн «Мисс и Мистер юнкор-2014» куонкуруһун «Мастер слова» номинация кыайыылааҕа.
«Далыр кыымнара» пост, салайааччы Наталья Прокопьевна Семенова (Далыр, Үөһээ Бүлүү).
Сахалина Илларионова – оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, общественник, Ил Дархан харыйатын кыттыылааҕа, «Мин саастыылааҕым» куонкуруска 3 миэстэ, «Далыр кыымнара» инстаграмын ыытар.
Жульяна Тимофеева – бастыҥ видеооператор, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар түмүктэринэн Намнааҕы пед.колледжка «Изо, черчение» үөрэҕэр 1 кууруска быһа киирдэ.
«Сиккиэр» пост, сал.Акулина Трофимовна Стручкова (Боронук, Үөһээ Дьааҥы).
Антон Ефимов, Святослав Васильев — «Кэскил» хаһыат бэриниилээх ааҕааччылара, сурутааччылара, хаһыат куонкурустарын, тэрээһиннэрин көхтөөх кыттааччылара.
«Кулуһун» пост, салайааччы Мария Владимировна Сивцева (Дьохсоҕон, Таатта)
Эльза Саввина — элбэх ыстатыйа ааптара, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар сүлүөттэрин кыттыылааҕа, саха тылын, литературатын, история предметтэрин улуустааҕы олимпиадатын кыайыылааҕа, «Оскуола киэн туттуута» анал аат хаһаайката.
«Айгын» пост, салайааччы Надежда Николаевна Тарагаева (Н.К.Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик оск., Үөһээ Бүлүү).
Саргы Чымыева ыстатыйалара улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тахсаллар. «Кэскил» хаһыат куонкурустарыгар, тэрээһиннэригэр өрүү кыттар. «Кэскил» хаһыат уонна Ороһутааҕы «Тымтык» пост (сал. Михайлова Н.Н.) тэрийбит Россияҕа Кэриэстэбил уонна Албан аат, Саха сиригэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар аналлаах «Мин саастыылааҕым» диэн өйтөн суруйууга 1 миэстэ, «Үлэ киһини киэргэтэр» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ 3 миэстэ, «По истокам традиций» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ 1 истиэпэннээх лауреат. Оскуола уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, «Кылыһах» оҕо образцовай фольклорнай ансаамбылын солистката.
«Аартык» пост, салайааччы Надежда Аркадьевна Григорьева (Амма-Наахара, Амма).
Альберт Пахомов— үөрэх бастыҥа, Ил Дархан харыйатын кыттыылааҕа, хоһоон-ырыа суруйар, ыллыыр,бэйэтэ айбыт ырыалардаах.
Ньургун Илларионов- өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК гран-при хаһаайына, оскуола активиһа, спортсмен.
Арсен Аргунов – «Кэскил» сүлүөтүн кыттыылааҕа, активист, үҥкүүһүт, спортсмен.
Айыына Потапова – көхтөөх эдкор, научнай ааҕыылар, кэмпириэнсийэ лауреата, хоһоон, кэпсээн суруйар айар дьоҕурдаах.
«Куорсун» эдкор пост, салайааччы Светлана Николаевна Ефимова (Болтоҥо, Чурапчы).
Лена Ефремова – туйгун үөрэнээччи, Норуоттар икки ардыларынааҕы I интеллектуальнай оонньуулар кэмнэригэр «Кэскил» хаһыаттан эдэр корреспондент быһыытынан кыттыбыта. Улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи араас кэмпириэнсийэлэр, олимпиадалар, айар үлэ күрэхтэрин хас да төгүллээх кыайыылаҕа, призера.
Медиа-киин, салайааччы Раиса Иннокентьевна Уйгурова (А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолата, Өлүөхүмэ)
Бу оҕолор быйыл «Кэскил» оҕо издательствотын кытта тэрийбит «ОК»- «Оҕо киинэтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыттара, тэрийсибиттэрэ.
Мичил Егоров — оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар. РГО Россиятааҕы куонкуруһугар, Россия Силиэстийэлиир кэмитиэтин куонкуруһугар кыайыылааҕынан тахсан, «Океан» уонна «Смена» лааҕырдарга босхо путевканан наҕараадаламмыта. Үлэлэрэ «Юный ученый» сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Саахымакка, көҥүл тустууга, хапсаҕайга оройуон чемпиона, призера. WorldSkills чемпионатыгар мультимедийнай суруналыыстыка, предпринимательство компетенцияларыгар 3 миэстэлээх.
Аня Барахова Архыып Абаҕыыныскай айымньытын чинчийэр, айымньыларыгар иллюстрация оҥорбута. Мас тардыһыытыгар оройуон чемпионката, гиря спордугар өрөспүүбүлүкэҕэ 3 миэстэлээх. Worldskills чемпионатыгар мультимедийнай суруналыыстыкаҕа, предпринимательствоҕа 3 миэстэлээх.
Захар Федотов чинчийэр үлэнэн кыра кылаастан дьарыктанар. Үлэлэрэ «Юный ученый» сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК кыайыылааҕа. Мас тардыһыытынан дьарыктанар.
«Кыымчаан» эдкорпост, сал. Полина Григорьевна Брызгалова (Табаҕа, Мэҥэ-Хаҥалас).
Арина Тарасова — «Журналистские каникулы Академии «Кэскил» в СВФУ» III өрөспүүбүллүкэтээҕи эдэр кэрэспэдьиэннэр бэстибээлллэрин кыттыылааҕа (2017 с.), «Кэскил» хаһыат путевкатынан наҕараадаланан, Россиятааҕы «Океан» лааҕырыгар сынньаммыта (2017 с.).
«Дьааҥы кыымнара” пост, сал. Розалия Николаевна Горохова (Хаһааччыйа, Усуйаана).
Айаал Куличкин— улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын, литературатын күрэхтэһиитин, олимпиадатын хас да төгүллээх кыайыылааҕа, улуус бастыҥ спортсмена.
Вилена Рожина — улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Россиятааҕы ааҕыылар, күрэхтэһиилэр кыайыылааҕа.
Саина Сыроватская — улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын, литературатын олимпиадатын кыайыылааҕа, ыстатыйалара, хоһоонноро «Кэскил», «Дьааҥы кыымнара» хаһыакка бэчээттэммитэ.
Вениамин Соловьев — улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Винокуров ааҕыыларын», «Уран тыл умсулҕана» күрэхтэһии лауреата.
Мария Барабанская — өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чиряев ааҕыыларын” кыайыылааҕа, хоһоонноро, ахтыылара бэчээккэ тахсыбыта.
“Нуклеус” пост, салайааччы Вера Николаевна Заровняева ( Кэбээйи, Кэбээйи улууһа)
Семен Сметанин — “Кэскил” хаһыат тэрийбит “Ытык Ильмень саллаата” ирдэбил үлэҕэ 2 миэстэлээх, «Кэскил» 80 сылыгар аналлаах сүлүөт уонна НПК кыттыылааҕа. Дакылаатын тиэмэтэ «Бэлэм буол-Кэскил» хаһыат уонна мин дьиэ кэргэним», хаьыат араас куонкурустарын кыайыылааҕа, биология билимин доктора, профессор Г. С. Угаров ааҕыыларын кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Наблюдения за природой» куонкурус кыайыылааҕа, биология билимин доктора К.Е. Кононов аатынан анал бириис хаһаайына, “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыыларын хамаанданан кыайыылааҕа.
«Ньургуһун» пост, салайааччы Таисия Ивановна Иванова(Күндээдэ, Ньурба).
Виолетта Корнилова — үөрэх туйгуна, бастыҥ общественник. Кыра сааһыттан оскуола «Куорсун» хаһыатын редколлегиятын чилиэнэ, нэһилиэк «Күн сарыала», «Ньурба», Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» хаһыаттарын эрэллээх доҕоро. Оскуолатааҕы «Сыл бастыҥнара» тэрээһин «Золотое перо», СӨ үөрэҕириитин туйгуна Т.И.Иванова стипендиятын лауреата.
«Ориентир» пресс-киин, сал. Марианна Константиновна Ионова (Бүлүү 1 — нүөмэрдээх оскуолата)
Аркадий Арбыкин — Сахалиҥҥа «Азия оҕолоро -2019» кыһыҥҥы спортивнай оонньууларга , аан дойду таһымнаах «Зима начинается с Якутии -2019» бэстибээлгэ, Азиатскай- Тихоокеанскай кэмпириэнсийэҕэ (2020 с) эдэр кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлээбитэ. Ыстатыйалара «Юность Севера» , » Олох суола» хаһыаттарга бэчээттэнэллэр.
Ангелина Дедюкина— суруналыыс Н.А. Крылов анал стипендиатын хаһаайката, Россия, өрөспүүбүлүкэ, улуус иһинэн ыытыллар предметнэй олимпадаларга бириистээх миэстэлээх. «Кэскил», «Юность Севера» , «Олох суола» хаһыаттарга бэчээттэнэр. °»Кэскил» биһирэбил бирииһин туппута, улууска эдэр кэрэспэдьиэннэр күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттар.
Катя Алексеева — Кэскил», «Юность Севера» оҕо хаһыатыгар, Keskil14.ru сайтка, «Олох суола» улуус хаһыатыгар бэчээттэнэр. «Дьулуур» оҕо хамсааһынын анал бэлиэ 2021 сыл хаһаайката. «Саһарҕа» пост, сал. Екатерина Петровна Заровняева (Эҥэ, Дьааҥы).
Катя Аммосова, Валя Бурцева,Соня Бурцева, Алена Стручкова, Алиса Крыжановская — саха тылын, физика,обществознание бэридимиэттэрин араас таһымнаах олимпиадаларын кыайыылаахтара, призердара, Вася Колесов – тустуу күрэҕин кыайыылааҕа.
«Үнүгэс» пост, сал. Анна Борисовна Колосова (Бэйдиҥэ, Уус-Алдан).
Любовь Охлопкова — «Кэскил»,»Мүрү саһарҕата»,»Бэлэм буол» хаһыаттарга иккис кылаастан суруйар. Илин эҥэрдээҕи «Хотугу сулус-2019» куонкуруска суруналыыстыка салаатыгар lll истиэпэннээх лауреат. «Кэскил» лааҕырга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Юный журналист» куонкуруска lll миэстэлээх (2018с.). «Молодой лидер Якутии» куонкуруска «Лидер убеждения» анал аат хаһаайката (2019 с.). «Лидер Якутии» муниципальнай куонкуруска l миэстэлээх (2020с).
«Эдэр корреспондент» пост, сал. Изабелла Егоровна Ноговицына (Өлөөкө-Күөл, Орто Халыма).
Күннэй Винокурова –Н.Д.Неустроев аатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылыгар олимпиадаҕа кылаан кыайыылаах, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Билим -2021» кэмпириэнсийэҕэ 2 миэстэлээх.
«Эрчим» эдкорпост, салайааччы Антонина Ивановна Афанасьева (Дуллуку, Үөһээ Бүлүү).
Анна Сыркашева — улуустааҕы»Инникигэ хардыы» НПК кыттыылааҕа, призёра, «Эрчим» корпост көхтөөх эдкора, » Мин уонна үп-харчы» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыбыта, «Кэскил» путёвкатынан » Океан» лааҕырга сынньаммыта, “Кэскил” сүлүөтүн кыттыылааҕа.
Валентин Струкин -«Уол оҕо-норуот кэскилэ» НПК кыттыылааҕа, «Эрчим» эдкорпост солбуллубат фотограба , корпост инстаграмын матырыйаалын таҥааччы, “Кэскил” сүлүөтүгэр фотокроссиҥҥа 3 миэстэ. «Аартык» пост, салайааччы Надежда Аркадьевна Григорьева (Амма-Наахара, Амма).
Никита Алексеев – видеооператор, оскуола активиһа, спортсмен, кыра кылаастан эдэр кэрэспэдьиэн куруһуогар дьарыктанар.