«Кэскиллээх олоххо бэлэм буол» диэн этии «Кэскил» хаһыат, «Бэлэм буол» сурунаал үлэтин-хамнаһын толору ойуулуур. «Кэскил» урукку саҕаттан үөрэнээччилэргэ, учууталларга үтүө доҕор буолар, билигин аныгы олох тэтиминэн уларыйа, сайда турар.
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр II С. Н. Донской аатынан учууталлар таһымнарын үрдэтэр уонна сайыннарар институт иһинэн «Кэскил» корреспонденнара Айыына Трофимова, Кристина Иванова, Эльдар Садовников саха тылын уонна литературатын учууталларын кытта көрсөн хаһыат, сурунаал рубрикаларын кэпсээтибит, стратегическай сессияны ыыттыбыт. Ол курдук, сорудахтары биэрдибит: таһаарыылар үчүгэй, мөкү өрүттэрин суруйуу уонна саҥа рубриканы толкуйдааһын. Уопуттаах, ураты дьоҕурдаах учууталлар билиҥҥи оҕо интэриэһин тардыы, төрөөбүт тылга тапталы үөскэтии кыһалҕаларын кимнээҕэр да ордук билэр буоланнар, кинилэри кытта санаа атастастыбыт, уруургуу санаатыбыт.
Мария Ивановна Ноева, Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа: «»Кэскил» хаһыаты кытта тус бэйэм алтыһан 20-тэн тахса сыл үлэлээбитим. Бэрдьигэстээх гимназиятыгар «Ай-тал» диэн пресс-кулуубу салайбытым. Сурунаал үчүгэй өрүттэрэ: оҕо интэриэһин тардар дьэрэкээн ойуулаах, үөрэнээччи өйүгэр сөптөөх дириҥ ис хоһоонноох уонна саамай сүрүнэ — төрөөбүт тылбытын сайыннарар тосхоллоох. Эбии тугу киллэрэн биэриэххэ сөбүй? Мин санаабар, сурутууга, тарҕатыыга сонун хайысханы киллэрии наада уонна саха тылын, литературатын предметигэр быһаччы туһанарга сөптөөх балаһа баара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. «Оргул тула» диэн рубрика толкуйдаатыбыт. Арааһа, «Сатабылга» майгынныыр эрээри, олох элбэхтэ тахсарын курдук. Билиҥҥи оҕо бэйэтин илиитинэн элбэҕи оҥорор, ол сатабылынан атыттары көҕүлүөхтээх».
Надежда Степановна Васильева, И. П. Никифоров аатынан 5 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа: «Кэскил» хаһыат «Эркээйи эргиирэ» бырагырааммата оҕолорго ордук көдьүүстээх дии санаатым. «Бэлэм буол» сурунаал «Доруобуйа азбуката», «Психолог сүбэтэ», «Идэ» диэн рубрикаларын ордук сөбүлээтим. Оҕолорго олус наадалаахтар, туһалаахтар. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата таһаарар хаһыата, сурунаала төрөөбүт сахабыт тыла сайдарыгар, оҕолор айар үлэлэригэр улахан көмөлөөхтөр. Сурунаал ойуута-бичигэ наһаа үчүгэй».
Мария Егоровна Павлова, Кэбээйи орто оскуолата: «Хаһыат тас көстүүтэ олус сэргэх, киһи хараҕа хатанар. Аныгы олох ирдэбилин, кюар-куоду, элбэх хаартысканы, киллэрбиккит хайҕаллаах суол. Оҕо ситиһиилээх буола улаатарыгар кыах, көмө толору баар. Сурунаал ис хоһооно үчүгэй. Билиҥҥи оҕо интэриэһин табар балаһаны элбэхтэ таһарыаххытын сөп. Холобур, кей-поп култуурата, үҥкүүтэ, таҥастара-саптара, аниме уо.д.а. «Сирдьит»(гайд) диэн араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ, үөрэххэ үөрэнээччи, учуутал туһанарыгар сүбэлэри биэрэ рубриканы толкуйдааҥ диэн санаабын этэбин. Аныгы дьон бэлэми ыларбытын, көрөрбүтүн сөбүлүүбүт. Үп-харчы хантан кэлэрин, сөптөөхтүк туһаныытын, эбии харчыны хайдах, хантан киллэрэри кэпсиир рубрика хайаан да наада. Сурунаал быыһыгар бэлэх курдук (наклейка, плакат, закладка) киллэриэххитин сөп. Блогердар көмөлөрүнэн рекламаны күүһүрдүөххэ наада. Хаһыакка оҕолор ыстатыйаларын кээмэйэ аһары кыччаабыт диэн көрдүм. Уонна раскрасканы билиҥҥи оҕо сэҥээрбэт. Эдэр корреспонденнар үлэлииллэрин көрөн үөрдүм».
Нюргустана Николаевна Тылбыкова, Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолата: «Мин «Баһырҕастаах ааттаах Баабый Баатыр» диэн уруок таһынан куруһуоктаахпын. Бүгүҥҥү кэпсэтииттэн дьарыкпын медиа-хайысхалыырга сананным. Саҥа приложениелары билиһиннэрэр, сайт оҥорорго үөрэтэр, биирдии хаамыытынан суруллубут, саҥа технологиянан оҥоһуллубут мультиктар, оонньуулар туһунан кэпсиир рубриканы сүбэлиэхпит этэ. Уонна IT-эйгэтигэр үлэлиир дьон, блогердар хайдах дохуоттаналларын оҕо сэргии ааҕыа этэ».
Мария Васильевна Васильева, Кырыкый сүрүн оскуолата, Үөһээ Бүлүү: «Кэскил» оҕо хаһыатыгар оҕолор суруйуулара элбэхтик бэчээттэнэллэрин сөбүлээтим. Сурунаалга араас иитэр-сүбэлиир, оҕо өйүн-санаатын күүһүрдэр өс хоһооннор бааллара олус үчүгэй. «Сатабыл», «Идэ», «Психолог сүбэтэ», «Кэм кэрэһиттэрэ» рубрикалар интэриэһи үөскэтэллэр. «Арчы» диэн сиэр-туом рубриката олус туһалаах. Түмүкпэр сүбэлиэм этэ: абааһылаах кэпсээннэри наһаа суруйар наадата суох.
Нарыйа Ивановна Рожина, Ороссолуода орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас: «Мин оскуола саҕаттан «Кэскил» хаһыаты сөбүлээн ааҕар, суруйтарар этим. Билиҥҥи кэм сиэринэн тэбис-тэҥҥэ сайдан иһэриттэн үөрэбин. Биһиги оскуолабытыгар «Кулуһун» диэн пресс — киин үлэлиир. Оскуолалары кытта ыкса билсэн, кинилэргэ бараҥҥыт үлэҕитин элбэхтэ кэпсии, сырдата туруҥ. Мин оҕолорбор хаһыат хайдах оҥоһуллан тахсарын көрдөрүөхпүн олус баҕарабын».
Үлэбити саамай тутаах көмөлөһөөччүлэрин, учууталлары, пресс-киин салайааччыларын, кытта көрсөн олус сэргэхсийдибит, саҥаны, сонуну биллибит, иҥэриннибит. Убаастабыллаах учууталларга санааҕытын атастаспыккытыгар махтанабыт, саха тылын өрө тутан үлэлииргэ, оҕолорбут кэскиллээх, сайдыылаах буолалларын туһугар бары ситимнээхтик үлэлэһиэххэ диэн ыҥырабыт.
Эльдар Садовников