«Кэскил» хаһыат 85 сылыгар аналлаах ахтыылар тиһигин быспакка киирэ тураллар. Бүгүн үлэтин «Кэскил» хаһыаттан саҕалаабыт, билигин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлиир Татьяна Ильинична Жиркова ахтыытын бэчээттиибит.
205-с кэбиниэт аана аһаҕас…
Бэчээт дьиэтин 205-с хоһо. Сарсыарда 8 чаас 15 мүнүүтэ, хас күн аайы, хас күн аайы… Мин оҕобун оҕо саадыгар илдьэ охсон кэлэбин, онтон Варвара Николаевна кэлэр. Оччолорго Ваня Турантаев , Петя Готовцев диэн суоппардардаахпыт. Варвара Николаевнаны Ваня аҕалар, оттон Нина Иннокентьевна Петянан кэлэр. Ардыгар Варвара Николаевна эрдэлиир, ити барыта Бэчээт дьиэтигэр 205-с хоско буолар…
Күннээҕи үлэ тэтимэ оччолорго олох атын буоллаҕа, кэмэ эмиэ, ааҕааччыҥ эмиэ ол кэм киһитэ, атын. Ити курдук, мин «Кэскилбэр» төгүрүк 10 сыл үлэлээн ааспыт күннэрим билигин харахпар киинэ курдук көстөн ааһаллар.
Олохпор саамай күндү, суруналыыстыка суолугар турарбар, бэчээт эйгэтигэр киирэрбэр тирэх буолбут күндү киһим, учууталым, биллиилээх суруналыыс Угарова Варвара Николаевна буолар. «Хайаа, Таняя»,— диэн баран сарсыарда кэлээт, үтүлүгүнэн быраҕар, ити аата эйэргэһэбит, оонньоон ылабыт. Бэҕэһээ киэһээ дьиэҕэ туох буолбутун кэпсэтэн үллэстэбит. Эбээҕэ иитиллибит буолан, Варвара Николаевнаны олус чугастык ылынарым.
Наташабын, Наталья Васильевнабын, ахтан ааһыым. 1999 сыллаахха аан бастаан «Бэчээт дьиэтигэр» киирбитим. «Бичик» кинигэ маҕаһыыныгар атыылыыр киһиэхэ көмөлөһөөччүнэн. Наһаа сэргэхпин уонна кэпсэтинньэҥмин быһыылаах. Наһаа элбэх киһи, атыылаһааччы сылдьар ити маҕаһыыҥҥа. Наталья Васильевнаны кытта онно билистибит, тапсан кэпсэтэбит, арааһа, саҥа кэлбит кинигэлэр тустарынан эҥин кэпсиибин. Биирдэ эттэ: «Таня, «Кэскилгэ» кэлиэҥ дуу? Оҕо эйгэтигэр наһаа барсар курдуккун. Нина Иннокентьевнаҕа этэбин дуо?». Миигин сиэтэн киллэрэн, билиһиннэрдэ. Мин куттанан бөҕөтө, ол эрээри тылбын-өспүн, санаабын истэн баран, Нина Иннокентьевна үлэҕэ ылла.
«Сүүрэн» иһэбин, хайдах сатанарынан баар гынабын. Кэлин кэлэктиипкэ олохтоохтук киирбитим. Кыра саастаах оҕолорго аналлаах «Чаҕылыс» сыһыарыыны туттардылар. Мин, дьэ, араас бырайыак, куонкурус эгэлгэтин толкуйдуубун, тэрийэбин, ыытабын. Командировкаларга баран иһэбин, дьон сыстан иһэр, эккирэтэн кэлэллэр. Оччолорго улуустарынан «хаһыат күннэрин ыыта» диэн нэдиэлэни быһа улуус оскуолаларынан айанныыбыт. Редакция икки массыынатынан, сороҕор улуустар бэйэлэрин массыналарынан. Баҕа уонна тулуур, санааны истэн үөрэнии, ылыныы—ол миэхэ баара. Ардыгар биир матырыйаалбын 10-15-тэ көннөрөбүт, барыта мөлтөх, туора сотуу. Мин толорон иһэбин, көннөрөбүн, наһаа кыһаллабын, «үөрэниэхтээхпин, суруксут буолуохтаахпын» диэн хорсун санаалаахпын.
Нина Иннокентьевна миэхэ бэйэбэр Президент курдук этэ, ол уобараска баар. Эдэр санаабар буолуо, күннэтэ хайдах таҥнан кэлэрин, көстүүмнэрин көрөрүм, кими кытта хайдах кэпсэтэрин кэтиирим. Үөрэх министиэристибэтин кытта олох ыкса, дириҥник ылсан үлэлиирэ уонна Бырабыыталыстыбаҕа, Ил Түмэҥҥэ буолар бары тэрээһиннэргэ, мунньахтарга көтүппэккэ сылдьара. Тыл, үөрэҕирии, оҕо-ыччат сайдыытыгар улахан трибуналарга бастакынан ылыннарыылаахтык тыл этэрэ. Кини этэр, ыытар, тэрийэр идеологиятын оччотооҕу салалта, дьаһалта истэрэ, ылынара.
«Чайханалар» диэн күнүс эбиэттиибит: Нина Иннокентьевна, Варвара Николаевна, Евдокия Семеновна, Наталья Васильевна уонна мин. Зоя Афанасьевна Михайловна ыраахтан олорон кыттыһар. Билиҥҥинэн ыллахха, хаһыаттары типографияҕа ыытар, онно көрөн туран таҥар, тахсыытын барытын көрөр саамай бастакы киһи—бэчээтинньик, дьиҥнээх производство үлэтин тутар эбит. Кэлин сурук салаатыгар көспүтэ. Оо, кэпсээн да биэрэр этэ, былыр хаһыаты хайдах бэчээттииллэрин. Былыргы бэчээттиир станоктары, тимири уһааран таһаарар курдук уустук да эбит. Кулгаахпар бу баар барыта…
Онтон 205-с хоспутугар бээтинсэ аайы —«читка», көтөх муҥунан хаһыаты атыылаһабыт, ити олох үгэспит этэ. «Якутск вечерний» бастакынан турар, «Саха сирэ», «Якутия», «Киин куорат»…ааҕа-ааҕа соһуйан иһэбит, суруналыыс суруйбут ыстатыйатын ырытыһабыт, ити ырытыы эмиэ туспа үөрэх буоллаҕа. Командировката суох күммүтүгэр харахпыт барыта компьютерга, бэчээккэ, көннөрүүгэ,балаһалары таҥыыга буолар, эрдэттэн «хаһааспытын» мунньабыт.
Ол 205-с хоспутугар элбэхпит, биир дьиэ-кэргэн курдукпут, Варвара Николаевна – ийэбит. Арай биир сыл Варвара Николаевна кыргыттара утуу-субуу туран төрүү бардыбыт: мин, Мария Прокопьевна Решетникова, Анисья Архипова-Иевлева.
Мария Прокопьевна оччолорго, сыыспат буоллахпына, бастаан «Кэскилгэ» кэлбитэ, салгыы «Юность Севера» хаһыакка үлэлээбитэ, кэлин «Учуутал аргыһын» таһаарар эрэдээктэр буолбута уонна эмиэ «Юность Севера» хаһыакка төннүбүтэ. Хоспутугар муста түһээт, ону-маны кэпсэтэн, күлсэн бөҕө буоларбыт. Мин мэниктээммин, улахан ыскааппытыгар (онно турар бэйэбинэн оруобуна батабын) киирэн саһан хаалабын уонна тахсан кэлэн, дьоммун күллэрэбин, соһутабын.
Таисия Ивановна Алексеева — эмиэ 205-с хос, барытын тутан олорор, эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын салайар, «Бэргэн» балаһаны бэлэмниир, араас куонкурустары, бырайыактары ыытар. Ардыгар: «Биһиги хотуммут»,— диэн күлсэбит.
Мин онно биири өйдөөбүтүм, кырачаан ааҕааччылары, сурутааччылары хаһыат нөҥүө ыытар бырайыактарбытынан сурутууга тардар кистэлэҥин. Ол иһин: «Оҕустаах оҕолор», «Саамай былыргы харыйа оонньуура», «Азиянаны, Азиары таҥыннар», «Чаҕылыһы оҥор», «Чаҕылыска мин бэлэҕим», «Аптаах остуоруйа», «Саамай-саамай…» онтон да атын куонкурустар баар буолбуттара.
Асям, Анисья Архипова, эмиэ биир чаҕылхай, эп-эдэркээн кыысчаан биһиги кэбиниэппитигэр киирбитэ. Дьиҥнээх суруналыыс, кэлэн-баран, кэпсэтэн- ипсэтэн, бэйэтин кэмигэр үлэ бөҕөтүн ыыппыта. Араас улахан тэрээһиннэри салайбыта.
Октябрина Михайловна Шамаеваны санаан ааһыам. Оччолорго Нина Иннокентьевна оҕо хаһыаттарын иһинэн үөрэх министиэристибэтин кытта «Учуутал аргыһа», «Учительский вестник » хаһыаттары ситимнии тутан таһаарар этэ. Министиэристибэни кытта ыкса биир санаанан үлэлиирбит. Сахалыытыгар Октябрина Михайловна эрэдээктэр этэ. Учуутал учуутал курдук буоллаҕа, үөрэх эйгэтин иһиттэн билэн, хаһыатын сатабыллаахтык таһаарара.
Онон биһиги 205-с хоспут аана хаһан да сабыллыбата, күннэтэ учууталлар, иитээччилэр, үөрэх эйгэтин чулуу дьоно бары мусталлара…
2010 сыллаахха олунньу ыйга, Ольга Николаевна Корякина-Умсуура кэнниттэн, «Чуораанчык» уонна «Колокольчик+» оҕо сурунаалларыгар эрэдээктэр буолбутум. Оччолорго Галина Алексеевна Бочкарева «Сахапечать» генеральнай дириэктэринэн үлэлиир кэмэ этэ : «Таня үлэлиэҕэ, сүрэхтээх кыыс»,— диэн көрөн, итэҕэйэн туран анаабыта. Онон мин олохпор иккис кэрдиис кэмим саҕаламмыта.
Манна биири бэлиэтиэхпин баҕарабын. Нина Иннокентьевнаны кытта кэлин, «Чуораанчык» эрэдээктэрэ да буолан баран, кэпсэтэр этибит. Биирдэ: «Оҕо сурунаалларын 1987 сыллаахха «Чуораанчык» диэн ким ааттаабыта буолуой?»- диэн ыйытабын. «Таняя, ол бадаҕа маннык этэ. Суруйааччылар уопсай улахан мунньахтара буолбута. Сурунаалга ааты көрүү онно баара. Арааһа Амма Аччыгыйа, Николай Егорович эппитэ ээ, сыыспат буоллахпына..»—диэбитэ кулгаахпар бу баар.
2013 сыллаахха «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын туспа тутан тэрийэн, Нина Иннокентьевна улахан ыра санаата туолбута. Оччолорго Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Афанасьевич Борисов күүскэ уонна сөптөөхтүк өйөөбүтэ. Ол быһаарыылаах улахан мунньахха Нина Иннокентьевналыын иккиэн барбыппыт. Манна өссө «Дьулуур» («Стремление») диэн ааттаан, оҕо общественнай холбоһугун кытта бииргэ үлэлиир салаа, структура курдук тэрийэргэ этиини киирбитэ. Ол холбоһук эмиэ баар буолбута. «Урукку пионерскай организация үтүө үгэһигэр олоҕуруу» диэн буолбута.
Уураах тахсыбыта, аны оҕо бэчээтин кыһатын аатын тобуларга эмиэ араас этиилэр киирбиттэрэ. Уопсай мунньахха бары мустубуппут, түөрт оҕоҕо аналлаах таһаарыылар: «Кэскил», «Юность Севера», «Чуораанчык» уонна «Колокольчик». Издательство аатын көрүүгэ араас ааттар бааллара, олортон «Кэскил» диэни талбыттара.
Саас, күн-дьыл, кэм, бириэмэ сүүрүктээх үрүйэ курдук аһары да түргэнник ааһар. Киһини киһи, кэми кэм солбуйар, сайдыыны сайдыы салайар, ааҕааччыга саҥа ааҕааччы эбиллэр. Ону сатаан киһи бу орто дойдуга тохтоппот. Арай, көлүөнэ солбуйсар кэмигэр, аҕа дьон ыччаттарын кынаттарын анныгар харыстаан, үөрэтэн-такайан, сүбэлээн, истэн, истиһэн, биир санаалаах буоларбыт барыбытыгар да олус суолталаах.