“Саха сирэ” хаһыат сүрүннүүр эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын ийэлээх аҕата оҕолоро киэҥ билиилээх дьон буолалларыгар улахан болҕомтону уураллара. Онон «Бэлэм буолтан» саҕалаан, Сэбиэскаэй Сойууска, бэл, омук дойдуларыгар тахсар хаһыаты-сурунаалы тиһигин быспакка, суруйтараллара. Родион Юрьевич «Кэскил» үбүлүөйүнэн сибээстээн,оҕо ааҕыытын туһунан б эйэтин санаатын тиэрдэр.
— Ааҕыы үөрүйэҕэ дьиэ кэргэнтэн иҥэриллэр. Оскуолаттан буолбатах. Биһиги дьиэ кэргэн бары ааҕар этибит. Сааһын тухары оскуолаҕа учууталлаабыт аҕабыт Юрий Иванович Кривогорницын олус элбэх хаһыаты-сурунаалы суруйтарара. “Мурзилкаттан”, «Бэлэм буолтан» саҕалаан, Венгрияҕа тахсар спортка аналлаах “Лабдаругаш”, “Кепеш спорт” сурунаалларга тиийэ.
Биһиги Майа бибилэтиэкэтин бастыҥ ааҕааччылара буоларбыт. Мин улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтин кинигэлэрин барытын аахпытым: Фенимор Купер, Жюль Верн, Агата Кристи, Дюма, Артур Конан Дойль айымньыларын… Онон биһиги, Кривогорницыннар, бары айар үлэҕэ, суруналыыстыкаҕа сыһыаннаах дьон буола үүнүүбүт олуга онно сытар – ааҕыыга.
Убайбыт Иван – режиссер, телевидение үлэһитэ, Катерина (Григорьева) “Саха” НКИХ “Чэгиэн”, “Айылгы” диэн телебиэриилэр ааптардара, Руслан талааннаах фотограф этэ, “Табык” рок-фестивалы хаартыскаҕа түһэрэн, историяҕа хаалларбыта, мин историк үөрэҕин бүтэрбитим да, суруналыыстыка хайысхатын талбытым… Онон оҕо ааҕыыга тардыһыытыгар сүрүн сабыдыалы ийэ-аҕа оҥорор диэн санаалаахпын.
Ол эрээри биирдиилээн ааҕар оҕолор бааллар, тарбахха баттанар да буоллаллар, бааллар…