СӨ үтүөлээх үлэһитэ, “Саха сирэ” хаһыат бэтэрээн суруналыыһа Иван Иванович Ксенофонтов бастакы ыстатыйата «Бэлэм буол» хаһыакка тахсыбыта. Оччолорго кини 6 кылаас үөрэнээччитэ эрэ да буоллар, …кириитикэлиир ыстатыйаны суруйан, барыларын сөхтөрбүтэ. Бүгүн кини «Бэлэм буолтан» саҕаламмыт суруналыыстыкаҕа суолун туһунан ахтыытын бэчээттиибит.
1950 сыллардаахха Ороссолуода алын сүһүөх оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, “Бэлэм буол” хаһыакка кириитикэлиир ыстатыйаны суруйан турабын. “Аттыбар олорор уол үөрэҕэр мөлтөх, кыһаммат, оҕолортон устар” диэн ис хоһоонноох этэ.
Онтон Тыыллыма оскуолатыгар 6-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, “Бэлэм буол” эрэдээктэрэ Нина Иннокентьевна Протопопова Майаттан Ньургустаана Керемясова уонна Иван Иванов диэн оҕолору илдьэ кэлэн, хаһыакка суруйуон баҕалаах оҕолору мунньан, хаһыат үлэтин, ыстатыйа хайдах суруйуохха сөбүн туһунан оҕо өйүгэр хатанар гына, олус үчүгэйдик кэпсээн, хаһыат үлэһитэ, суруналыыс буолар баҕабын уһугуннарбыттара. Ол кэнниттэн хас да заметкам “Бэлэм буолга” тахсыбыта.
Үлэһит да буолан баран, “Бэлэм буолга” син биир суруйар этим. 1991 с. делегацияны кытта Байконурга сылдьыбытым. Ол кэнниттэн “Кэскилгэ” бүтүн кэрискэ матырыйаалларым тахсыбыттара. Нина Иннокентьевна сүрдээҕин хайҕаабыта. “Кэскил” 70 сылынааҕы үбүлүөйүгэр “Кэскил” эрэллээх доҕоро” диэн значок уонна дастабырыанньа туттарбыттара. “Кэскил” кырдьаҕас суруналыыстарын Николай Васильевы, Николай Дмитриевы, Александр Васильев-Көрдүгэни, Иван Андросовы кытта өрүү кэпсэтэрим, сүбэлэһэрим.
Билигин оҕолор аахпаттара улахан куттал буолла. Бу омук быһыытынан эстэрбитигэр тиэрдиэ. Куоракка сахалыы үөрэтэллэрин туруорсаллара сөптөөх. Аны төттөрү тыа сиригэр оҕолорбут нууччалыыга охтон, тыа маргиналлара буолан эрэллэр.
Тыл тирэҕэ -бэчээт. Хаһыаттары суох оҥоро сатыыллар. Сахалар үөрэххэ тардыһыылара хаһыаттан саҕаламмыта. Хаһыат наадатын оҕолорго өйдөтүөххэ наада. Бибилэтиэкэрдэр, улуус хаһыатын эрэдээксийэлэрэ бу үлэни толоруохтаахтар. Кырдьаҕас хаһыаччыт быһыытынан этэбин.