Куорат оҕолорун төрөөбүт тылларыгар, сахалыы ааҕыыга-суруйууга уһуйар «Кэскил» хаһыат биир эрэллээх доҕорунан Саха гимназиятын «Үктэл» поһун салайааччыта Надежда Жерготова буолар. Надежда Павловна «Кэскил» хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан, хаһыаты кытта ситимнээх үлэтин туһунан суруйар.
Кэрэни кэрэхсиир, сырдыкка сирдиир «Кэскил»-«Бэлэм буол» хаһыатым
Утумэн элбэх Саха сирин оҕотун кутун–сүрүн туппут, кыайыыга-хотууга сирдээбит, сырдыкка-сайдыыга угуйбут киэҥ дириҥ историялаах «Кэскил» («Бэлэм буол») оҕо хаһыата ыам ыйын 15 күнүгэр 85 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.
Бу кэм устатын — туоратын тухары төһөлөөх оскуола оҕото билии – көрүү иҥэринэн, «Кэскили» аргыс оҥостон, олох киэҥ суолугар эрэллээхтик үктэммитэ буолуой?
Оҕо хаһыатын сыалынан–соругунан уонна дириҥ ис хоһоонунан атын хаһыаттартан туспа уратылаах. Ол курдук, хаһыат матырыйаалларын үөрэтэн – чинчийэн көрдөххө, 3 сүрүн хайысхаҕа араарыахха сөп:
- Оҕоҕо, үөрэнээччигэ уонна дьиэ кэргэҥҥэ туһааннаах суруйуулар;
- Оскуолаҕа, үөрэх тэрилтэлэригэр, үөрэтэр – иитэр үлэҕэ көмө;
- Оҕоҕо төрөөбүт тылга, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, ийэ тыл сайдар эйгэтин тэрийии, хаһыат нөҥүө ааҕыыны сайыннарыы, интэриэһи үөскэтии.
Мин бу хаһыаты кытта доҕордоһуум 1959 сылтан «Бэлэм буол» сэрии кэннинээҕи маҥнайгы нүөмэриттэн саҕаламмыт эбит.
Хаһыаты ааҕарга үөрэппит, уһуйбут киһинэн мин күндүтүк саныыр ийэм Вера Константиновна Скрябина буолар. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх орто оскуолатыгар 30 сыл устата алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлээбитэ. Бу кэмнээҕи «Бэлэм буол» хаһыат туһунан үөрэнээччитэ Антонина Павловна Перевалова “Олоҕум аргыһа — Бэлэм буол» ыстатыйатыгар маннык ахтар: “1959 сыл алтынньы ыйга учууталбыт Вера Константиновна «Бэлэм буол» хаһыакка сурутуу буоларын эттэ. Ол гынан баран, оччолорго 3 эрэ үөрэнээччи сурутууга тиксэр. Мин онно тиксибэккэ, кылаас ортотугар марылаччы ытаатым. Онуоха кылаас туйгун үөрэнээччитэ Ганя Пономарев, арааһа, аһыннаҕа булуо, бэйэтин сурутуутун миэхэ бэлэхтээтэ”.
Мин бэйэбин өйдүүрүм тухары, «Бэлэм буол» хаһыат биһиги дьиэҕэ куруутун кэтэһиилээх, күндү “ыалдьыт” буолааччы. Ийэбит наһаа элбэх «вырезкалары” кырыйан, тэтэрээт таһыгар сыһыаран, үлэтигэр туһанара. «Мин оҕо ааҕар буолла да, букубаары таһынан, «Бэлэм буолтан» тэттик кэпсээннэри, заметкалары кырыйан, табличка оҥорон, оҕолору эбии аахтаран, ааҕыыларын тэтимин салгыы сайыннаран этим. Ол оҕолорго улахан стимул буолар этэ», — диэн кини астына бэлиэтиирэ.
Күн бүгүн ийэбит Вера Константиновна «Бэлэм буолтан» муспут матырыйааллара, суруйааччылар, поэттар үбүлүөйдэригэр тахсыбыт ыстатыйалара барыта сыһыарыллан, бэйэтэ тикпит хордуон паапкатыгар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр күндү бэлэх буолан элбэхтик туттуллар, туһаныллар.
Мантан сиэттэрэн этиэхпин баҕарабын, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ «Бэлэм буол», «Кэскил» хаһыат олохпут аргыһа буолан, күн бүгүҥҥэ диэри саамай сөбүлээн ааҕар хаһыаппыт буолар. Бу хаһыат биһиги оҕолорбут үүнэллэригэр – сайдалларыгар бөҕө укулааты уурбута диэн үрдүктүк сыаналыыбыт.
Ол курдук, Вера уонна Люба Жерготовалар – Чөркөөх орто оскуолатын «Мичил» пост эдкордара, «Эн дьиэ кэргэниҥ уордьана», “Тыыннаахтар умнубат сыллара” куонкурустар кыайыылаахтара. Вера Жерготова «Артекка” Бүтүн Союзтааҕы пионердар Х слеттарыгар Саха сирин делегациятын састаабыгар талыллан, кыттар чиэскэ тиксибитэ. Люба Жерготова өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга бастаабыт үлэлэрэ «Сэрии дуораана», “Төрөөбүт алааспар” «Кэскил» хаһыат таһаарбыт хомуурунньуктарыгар, «Ситимнээх саҥа» 5-6 кылаастарга аналлаах учебникка киирбитэ. Саша Жерготов туйгун үөрэнээччи буолан, хаһыакка «Володя Ларионов галереятыгар» тахсыбыта.
Мин ийэм саҕалаабыт үтүө үгэһин күн бүгүн хос сиэннэрэ салгыыллар. Вероника Жерготова «Ыҥырабыт 1960 – 64 сыллары» ирдэбил үлэҕэ кыттан, «Туйгун үөрэнээччи – туйгун үлэһит» үлэтэ бэчээттэммитэ. «Кэскил» хаһыат 80 сылын көрсө, Дьулустан Канаев «Бэлэм буол», «Кэскил» — көлүөнэ ситимэ» дакылаата биһирэммитэ. Кыра хос сиэннэр Карина Канаева, Женя Владимирова «Юнкор» куруһуокка дьарыктаналлар, «Кэскили» сэҥээрэн ааҕаллар.
Бу курдук аҥардас биир дьиэ кэргэн холобуругар «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыат оҕо сайдыытыгар – үүнүүтүгэр, хаһыаты, кинигэни ааҕыыга көҕүлүүр, уһуйар оруолун, сабыдыалын холобурун көрүөххэ сөп.
Үөһээ бэлиэтэммитин курдук, «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыат оскуола иитэр үлэтин хайысхаларын сүрүннээччи, пионерскай үлэлэри сылларынан маршруттарга арааран ыытар, көҕүлүүр үлэтэ улаханнык биһирэнэр уонна пионерскай үлэҕэ “ориентир” быһыытынан туттуллар этэ.
Чөркөөх орто оскуолатыгар үлэлиир кэммэр, кылаас салайааччытын быһыытынан хаһыат матырыйаалларын иитэр үлэбэр туһанарым. «Планетаҕа эйэ иһин» куонкуруска (1981-1983) үс сылы быһа кылааһынан кыттан, 1 миэстэни ылан “Артек” лааҕырга путевканан наҕараадаламмыппыт. Бу уһун болдьоххо ыытыллыбыт куонкурус дириҥ ис хоһоонноох, үөрэтэр, чинчийэр научнай хайысхалаах буолан, кылаас оҕолоро сылайбакка, өссө тэтимирэн, көхтөөхтүк кыттыбыта. Элбэх кылаас чаастарын, викториналары ыытан, ааҕан, литератураны хасыһан, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥээн, бары да астыммыппыт. Маны таһынан, «Саха сирин лениниадата», «Гайдария устун айан» күрэхтэр кыайыылаахтара буолбуппут. “Володя Ульянов” дневнигэр кылаас туйгун үөрэнээччилэрэ Зина Жерготова, Света Лебедева, Света Протодьяконова, Таня Собакина киирбиттэрэ.
Бу хаһыаты кытта үлэҕэ П.А.Ойуунускай аатынан пионерскай дружина баһаатайа, “Мичил” пост салайааччыта Екатерина Ильинична Аржакованы кытта ситимнээхтик, бииргэ үлэлиир буолан, ордук таһаарыылаах, түмүктээх буолара.
Онтон салгыы 2010 сыллаахха Дьокуускай куорат биир бастыҥ оскуолатыгар, Саха гимназияҕа, үлэлии киирбитим. Хаһыаты кытта үлэм саҥа кэрдиискэ тахсыбыта. Сахалыы тыллаах, сахалыы тыыннаах саха оҕотун төрөөбүт тылын сайыннарыыга, сахалыы эйгэни тэрийэргэ «Кэскил» хаһыаты кытта алтыһан үлэлиир ордук табыгастаах буолуоҕун өйдөөн, «Үктэл» эдкорпост үлэтин саҕалаабытым.
Бу бырайыагы олоххо киллэрээри, «Кэскил» хаһыат редакциятыгар тиийбитим, санаабын үллэстибитим. Миигин редакторы солбуйааччы Варвара Николаевна Угарова наһаа истиҥник көрсүбүтэ, былааммын биһирээбитэ. Редакция куруутун киирэн ирэ–хоро кэпсэтэр, санаа атастаһар сирим буолбута. Бу истиҥ алтыһыыбыт бэлиэтинэн Варвара Николаевна «Угуйар, уһуйар, умсугутар- Учуутал» бэйэтин хомуурунньугун уонна «Ыҥырабыт 1959 сылы» хаһыат альбомун, онно бэйэтин баҕа санаатын суруйан, бэлэх ууммута: «Убаастабыллаах Надежда Павловнаҕа, саҥа сиргэ кэлэн, саҥа сүүрээнинэн үлэлии сылдьаргыттан үөрэммин, бу үлэлэспит, суруйсубут кинигэбин бэлэхтиибин». Дьэ, бу тыллар миигин саҥа үлэҕэ, саҥа бырайыакка кынаттаабыттара уонна кулун тутар 15 күнүгэр 2011 сыллаахха 73 нүөмэрдээх «Үктэл» пост регистрацияламмыта. Онон, «Үктэл» пост Варвара Николаевна Угарова алгыһынан тэриллибитэ диэн куруутун астынан бэлиэтиибин, махталынан ахтабын.
Саха гимназиягар пост үлэтин тэтимнээхтик саҕалаабыппыт. «Кэскил» хаһыат Кыайыы 70 сылыгар «Бары бииргэ», «Кэскил рекорда» курдук улахан бырайыак кыайыылаахтарынан буолбуппут. Сүрүн болҕомтону оҕо хаһыатын ааҕааччытын элбэтиигэ уурбутум, бары билэрбит курдук, ааҕааччыта суох – хаһыат суох. Үс сыл устата субуруччу өрөспүүбүлүкэҕэ «Сыл бастыҥ сурутуулаах оскуолата» ааты ылбыта. «Кэскил» хаһыат 75 сылын көрсө, «Кэскил» 75 сылынан «75 «Кэскил» хаһыаты – оскуола аайы” акцияны саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар ыҥырыы таһаарбыппыт.
«Кэскил» күннэрин сыл аайы оскуолаҕа ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйан, элбэх оҕо, учуутал, төрөппүт болҕомтотун тардан, оҕо хаһыатын ааҕааччытын ахсаана эбиллэр.
«Үктэл» пост үлэтин таһынан алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр анаан 2013 сылтан “Юнкор” куруһуок үлэлиир, элбэх оҕо сөбүлээн дьарыктанар. Манна кырачааннар хаһыаты ааҕарга, рубрикалары араарарга, заметканы суруйарга, санааларын сахалыы сайа саҥарарга, таба суруйарга дьарыктаналлар. Бу наһаа туһалаах куруһуогу оскуолаҕа бастакынан киллэрбит учууталынан, ол кэмнэргэ алын сүһүөх кылаастар завучтаабыт Людмила Георгиевна Дедюкина буолар. Бу түмүгэр алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ — «Кэскил» хаһыат саамай көхтөөх ааҕааччыларынан буолаллар. 100% суруттарбыт кылаастар «Бочуот балаһатыгар» тахсаллара, хас биирдиилэрэ анал сертификат туталлара – хаһыат ааҕааччыта элбииригэр улахан стимул буолар.
Бу сыл кулун тутар 15 күнүгэр «Үктэл» пост тэриллибитэ 10 сыла туолла. Бу кэм устата «Үктэлтэн — үрдэлгэ» тахсыбыт эдкордарбынан киэн туттабын:
- Молокотин Айаал Иннокентьевич – Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культураларын институтун бүтэрэн, литературнай үлэһит, магистратура истиэпэннээх тыл үөрэхтээҕэ, күн бүгүн аспирант, Уус Алдан улууһун «Мүрү саһарҕата» хаһыатын кэрэспэдьиэнэ;
- Лена Андреева – өрөспүүбүлүкэҕэ «Сыл бастыҥ эдкора», «Кэскил» 75 сылыгар аналлаах ыытыллыбыт «Бэлэм буолтан»-“Кэскилгэ» НПК лауреата (2016с.), “Дьулуур”оҕо хамсааһынын кулуубун бэрэссэдээтэлэ, “Дьулуур”оҕо хамсааһынын анал бэлиэтин хаһаайката, 9 кылааска үөрэнэ сылдьан,«Министр-2016» дьыалабыай оонньуу кыттыылааҕа, «Перспектива» анал номинация хаһаайына, ХИФУ историческай факультетын, политика уонна государственнай управление салаатын 2 кууруһун устудьуона, үөрэх туйгуна, Ил Түмэн вице–спикерын көмөлөһөөччүтэ, “Волонтеры Победы” Саха Сирин региональнай салаатын толорооччу дириэктэрэ. Лена 5-с кылааска үөрэнэ сылдьан, оччолорго Дьокуускай куорат мэринэн талыллыбыт Айсен Сергеевич Николаевтан «Киин куораппытын сайыннарыа» диэн ааттаах интервью ылбыт соҕотох эдкор буолар;
- Говоров Валера – ХИФУ филологическай факультетын, суруналыыстыкаҕа салаатын 4 кууруһун устудьуона, үөрэх туйгуна. «Киин куорат» хаһыат 2016с. киниттэн интервью ылбыттара. Онно Валера сахалыы, нууччалыы, английскайдыы иҥнигэһэ суох кэпсэтэрин, бу тылларынан хаһыакка ыстатыйалары суруйарын, иллэҥ кэмигэр кинигэни ааҕар, оскуолатын бүтэрэн, суруналыыс идэтигэр үөрэниэн баҕарарын кэпсээбитэ. Баҕа санаатын толорон, билигин суруналыыс идэтигэр үөрэнэр;
- Кириллин Сергей – Санкт–Петербург куоракка Россиятааҕы Правосудие государственнай университетын суут уонна прокуратура салаатын 3 кууруһун устудьуона, үөрэх туйгуна. Бастыҥ эдкор буолан талыллан, Азия оҕолорун VI Аан дойдутааҕы спортивнай оонньууларыгар 6 эдкор ахсааныгар киирэн, пресс-кииҥҥэ үлэлиир чиэскэ тиксибитэ. Хаҥалас улууһугар «Синергия Севера» тэрээһиҥҥэ эдкор быһыытынан кыттыбыта. «Мин суруналыыс идэни талбатаҕым да иһин, «Үктэл» постка сылдьан дьарыктаммытым, «Кэскил» хаһыаты аахпытым инникитин олохпор туһалаах», — диэн Сережа махтанан суруйбута;
- Колесова Алина — «Кэскил» хаһыат тэрийэн ыыппыт “Бастакы президентан ыйыт”, “Ревизорро Парк Инфо куорат сынньалаҥпааркатын кытта холбоһуктаах «Араас идэлэр тустарынан» — улахан бырайыактар көхтөөх кыттыылааҕа. Бу кэнниттэн сылдьыбыт, кыттыбыт бырайыактарын тута «Кэскилгэ» сырдатар суруналыыс идэтин биир сүрүн хаачыстыбатын бигэтик иҥэриммит эдкор буолар. Быйыл эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран, норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ буолбута. “Үктэлин” кытта сибээһин быспат;
- Аргунова Люся – маҥнайгы кылаастан саҕалаан, «Юнкор» куруһуокка дьарыктаммыта. СӨ Бастакы Президенын кытта көрсүһүүгэ «Бастакы Президентан ыйыт» куонкуруска кыттан, бэйэтин боппуруоһун биэрбитэ уонна бу көрсүһүү кэнниттэн «Сахалыы кини курдук саҥарыахпын баҕардым» диэн ыстатыйата «Кэскилгэ» тахсыбыта. «Кэскил» ыытар бары тэрээһиннэрин көхтөөх кыттыылааҕа. Быйыл «Сурутуу-2021» ааксыйа чэрчитинэн ыытыллыбыт аһаҕас эфиргэ кыттан, Саха сирин оҕолоругар «Кэскил» хаһыакка сурутууну агитациялаан, боппуруостарга эппиэттээн, киэҥ сэҥээриини ылбыта, сурутуу элбииригэр сэмэй кылаатын киллэрбитэ.
Киһи үөрэрэ баар, бу оҕолор бары «Кэскил» хаһыаттан, төрөөбүт тылларынан суруйууттан тирэх ылан, “Юность Севера” хаһыакка нууччалыы суруйуулара эмиэ бэчээттэнэр буолбута. Ол курдук, Лена Андреева «Кэскил» 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, «Лучший юнкор газеты «Юность Севера» буолбута.
Биллэн турар, «Кэскиллиин бииргэ» бырайыак өр кэмҥэ үтүө түмүктээх, үрдүк ситиһиилээх үлэтигэр улахан оруолу оскуола дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наука кандидата Валентина Васильевна Софронеева ылар. Кини бэйэтэ оскуола кэмигэр көхтөөх эдкор буолан, «Кэскил» бырайыактарын барытын сэргиир, сыл аайы «Кэскил» хаһыакка сурутууну өйүүр.
Быйылгы үөрэх дьылыгар “Кэскил” хаһыакка сурутууну “Аҕа сүбэтэ” тэрийэн ыытта. Уонна хаһыаты дьиэ-кэргэҥҥэ бииргэ ааҕарга, ырытарга көҕүлүүр сыаллаах «Аҕам уонна мин – “Кэскили” ааҕабыт» бырайыагы үлэлэтэн, ыам ыйын 15 күнүгэр «Кэскил” хаһыат историятыгар, үбүлүөйүгэр аналлаах куонкуруһунан түмүктүүр былааннаах. Күрэххэ аҕа уонна уол хамаандалара “Кэскил” хаһыат бастыҥ ааҕааччылара кыттыахтара.
Ону тэҥэ, “Үктэл” пост уонна «Кэскил» хаһыат ыытар ааксыйаларын, бары тэрээһиннэрин куруутун өйүүр-өйдүүр 100% сурутуулаах алын кылаас салайааччылара И.В.Хомподоева, М.Е.Сивцева, дириэктэри наукаҕа уонна инновацияҕа солбуйааччы Л.Г. Дедюкина, ИБЦ сэбиэдиссэйэ А.М. Васильева, «Аҕа сүбэтин» салайааччылара Я.Т. Оконешников, Е.Е. Жерготов, өр сылларга дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы А.А. Антонова, соцпедагог О.Ю. Семенова түмсүүлээхтик үлэлииллэрин, хаһыат нөҥүө ааҕыыны сатабыллаахтык тэрийэн ыыталларын иһин махталбын тиэрдэбин.
Бу суруйуубар, инники бэлиэтээбитим курдук , «Кэскил» хаһыат суруйар – сырдатар үлэтин үс сүрүн хайысхаларын: дьиэ кэргэн, оскуола үөрэтэр – иитэр үлэтин холобуругар, төрөөбүт тыл эйгэтин тэрийэр, ааҕыыны көҕүлүүр үлэтин сырдаттым.
Түмүккэ, 10 сыл устата «Кэскил» хаһыаты кытта алтыспыт кэммэр, бииргэ үлэлэспит дьонум, Евдокия Иринцеева, Анисия Иевлева, Таисия Алексеева, Анна Жиркова, Жанна Леонтьева, Александр Васильев, Иван Андросов, Римма Чайнова, Василий Пак, Сардаана Сыромятникова, Айыына Ксенофонтова, Татьяна Жиркова курдук, оҕо хаһыата сайдарын туһугар үлэлээбит уонна үлэлиир дьон баар буолан, «Кэскил» хаһыат инникитэ кэскиллээх, сайдар суола саргылаах диэн этэбин.