„Учуутал аргыһа“,“Учительский вестник“ хаһыаттар, үөрэх оччотооҕу миниистирэ Б.Д.Слепцов көҕүлээһининэн, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар истэринэн1992 сылтан тахсар буолбуттара. Сүрүн эрэдээктэр Н.И.Протопопова эрэдээксийэ үлэһиттэриттэн сахалыытыгар Октябрина Михайловна Шамаеваны итэҕэйэн, эрэнэн анаабыта. Октябрина Михайловна, оскуолаҕа учууталлаабыт улахан уопуттаах буолан, үөрэх эйгэтин иһиттэн билэн, хаһыатын сатабыллаахтык салайбыта.
„Учуутал аргыһа“ хаһыаты таһаарар редактор дуоһунастанан
Мин «Кэскил“, „Юность Севера“ хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр 1999 с. сэтинньи ыйыгар үлэлии киирбитим. Икки ый тургутууну ааһан, 2000 сылтан хамнастаах үлэһит буолбутум.
„Учуутал аргыһа“,“Учительский вестник“ хаһыаттар 1992 сылтан тахсар буолбуттара. Хаһыаттары оччотооҕу үөрэх миниистирэ Б.Д.Слепцов үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин баҕаларын, туруорсууларын учуоттаан, кинилэри кытта сүбэлэһэн, тэрийэн таһаарар үлэни көҕүлээбитэ. Учуутал хаһыаттара оҕо хаһыатын редакциятын иһинэн тахсаллара ордук тоҕоостоох диэн, „Кэскил“оҕо хаһыатын сүрүн редактора Н.И.Протопопованы кытта сүбэлэрин холбоон, хаһыаттар тохсунньу ыйтан тахсан барбыттара уонна үөрэх үлэһиттэрин сэҥээриилэрин ылан,чахчы да, кинилэр арахсыспат аргыстара буолбуттара.
Онон оҕо хаһыатын редакциятын иһинэн тахсар „Учуутал аргыһа“ хаһыат таһаарар редактора дуоһунастанан, сүрүн редактор Нина Иннокентьевна Протопопова салалтатынан үлэлээн барбытым.
Саҥа уларыйыылар олоххо киириилэрин хаһыаппытыгар сырдатан иһэрбит
Мин үөрэх эйгэтигэр улахан уларыйыылар тахсар кэмнэригэр ити хаһыакка үлэлээбитим. Ол кэмҥэ,бары билэрбит курдук, үөрэҕи аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, уларыта тутуу кэлим үлэтэ саҕаламмыта. Ити уларыйыылар түһүмэх-түһүмэх олоххо киириилэрин инники соруктара барыта биһиги хаһыаппытыгар сырдатыллара. РФ Үөрэҕин оччотооҕу миниистирэ В.М.Филиппов көҕүлээһининэн 2001 сылтан КГЭ эксперименин Россия биэс регионугар ыытарга быһаарбыттара. Ол регионнар истэригэр Саха сирэ баара. Биһиги ураты, ыарахан усулуобуйалаах Сахабыт сиригэр бу саҥа уларыйыыны хайдах саҕалаан киллэрии уустук соруга өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар сүктэриллибитэ. Онно нуорма-быраап докумуоннарын оҥоруу, хас уонна ханнык оскуолаларга аан бастаан эсперимени саҕалыыр,ол оскуолалары көмпүүтэринэн хааччыйыы, эксээмэн тутар пууннары тэрийии, ол пууннары аныгы технологияларынан толору хааччыйыы, хонтуруоллуур-кээмэйдиир матырыйааллары ырытан оҥорууга кыттыы, олору эксээмэн тутар пууннарга тиэрдии механизмнарын тобулуу о.д.а.улахан уустук үлэни СӨ Президенэ, Бырабыыталыстыба, оччотооҕу үөрэх миниистирэ Е.И. Михайлова салалталаах СӨ үөрэҕин министиэристибэтэ саҕалаабыттара. Ким да тэлэ илик уустук, ыарахан суолун тэлэн, сүҥкэн үлэ ыытыллыбыта. Ол үлэни кэмигэр сырдатар сорук биһиги иннибитигэр турара. Хаһыат сыллааҕы үлэтин сүрүн ис хоһооно онон торумнанара.
Үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта М.П. Федоровка Нина Иннокентьевналыын сылдьа турарбыт
Эксперимент ыытыллар уһун унньуктаах кэмигэр сыллата элбэх уларыйыы, көннөрүү, чопчулааһын киирэрэ, инники өттүгэр туох соруктар тураллара— барыта учуутал хаһыатыгар суруллан-сырдатыллан иһэрэ. Үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта М.П. Федоровка сорудах ыла, сүбэлэһэ, Нина Иннокентьевналыын сылдьа турарбыт. Хайа нэһилиэккэ, хайа оскуолаҕа, эксээмэни тутар пууҥҥа туох кыаллыбакка турара, туох үлэ бүппүтэ, итэҕэһи хайдах туоратан эрэллэрэ — ааҕааччыларга тиэрдиллэн иһэрэ. Сыллата ыытыллар боруобалыыр эксээмэннэргэ бэлэмнэнэр сорудахтары эмиэ хаһыакка таһаарбыппыт.
Сыллата эксперимеҥҥэ кыттар оскуола ахсаана элбээн иһэрэ, өрөспүүбүлүкэ бары оскуолата бу тургутууну ааспыта. 2009 сылтан КГЭ штатнай режимҥэ киириитигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит балачча бэлэмнээх тиийбитэ. Оттон эксперимеҥҥэ кыттыбакка хаалбыт регионнар хайдах балаһыанньаҕа түбэспиттэрин истэн-билэн олордохпут. КГЭ-ҕэ уларытыылар, чопчулааһыннар билигин да киирэ тураллар.
Итини сэргэ саҥа кэмҥэ үлэлиэхтээх педагог таһымын үрдэтии соруга инники күөҥҥэ тутуллубута. Учуутал хамнаһын үрдэтии, үлэ төлөбүрүн саҥа көрүҥүн киллэрии, ону нуорма-быраап докумуоннарынан харааннааһын унньуктаах иирбэ-таарба үлэтэ саҕаламмыта. Бу үлэ эмиэ сыллата тупсарыллан, саҥардыллан иһэрэ. Ону тустаах салаа үлэһиттэрэ хаһыакка сырдатан, быһааран кэпсииллэрэ. Суруналыыстар Ил Түмэҥҥэ сокуоннары оҥорууга, дьүүллэһиигэ парламент истиилэригэр, мунньахтарга сылдьан сырдатарбыт.
Аан дойдутааҕы форумнары, кэмпириэнсийэлэри сырдатыыга тугу да сыыспат, сыыһа иһитиннэриини тиэрдибэт туһугар кыһанарбыт
Үөрэтиини аныгы технологияларынан хааччыйыы, саҥа үөрэх кинигэлэрин оҥоруу; ыраахтан олорон үөрэтии (дистанционнай) сатабылларын иҥэрии, оскуолалары оптуобустарынан хааччыйыы о.д.а. сүҥкэннээх үлэ ыытыллыбыта. Араас предметтэринэн бүтүн нэдиэлэлээх форумнар, учууталлар идэлэрин үрдэтэр фундаментальнай куурустар, семинардар о.д.а. тиһигин быспакка ыытыллаллара. Бу уларыйыылар кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар биһиги тыабыт сирин дьоҕус, кыра кэмпилиэктээх оскуолаларын дьылҕалара улахан болҕомтоҕо тутуллубута. Маннык оскуолаларбытын оннунан тутан хаалыы уустук үлэтэ саҕаламмыта.Кинилэри нуорма-быраап өттүнэн хараанныыр докумуоннары суһаллык оҥоруу наадата тирээбитэ. Онно аналлаах элбэх мунньахтар, парламент истиилэрэ, Ил Түмэҥҥэ (Ил Түмэн үөрэххэ, доруобуйа харыстабылыгар,иһитиннэрэр- биллэрэр эйгэҕэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ А.Н.Жирков) бу оскуолаларбытын сокуон өттүнэн боччумнаахтык хараанныырга аналлаах мунньахтар буолаллара. Депутаттар тыа сирин кыра оскуолаларын дьылҕатыгар араас этиилэри киллэрэллэрэ, үлэни-хамнаһы сүрүннэһэллэрэ. Ол форумнарга, семинардарга, кэмпириэнсийэлэргэ, мунньахтарга Россия эрэ учуонайдара буолбакка, араас омук дойдутун ааттаах-суоллаах учуонайдара кэлэн кыттан, үөрэтэн, үлэни-хамнаһы көрөн-истэн бараллара. Онно суруналыыс барытыгар сылдьан, долоҕойгор тохтотон, өйдөөн ырытан, сылдьыбатах дьон өйүгэр түһэр курдук суруйарын ирдэнэрэ. Онон тугу да сыыспат, дьоҥҥо сыыһа иһитиннэриини тиэрдибэт туһугар кыһаныахтааҕыҥ. Ону барытын сахалыы суруйар уустуктардааҕа. Араас омук тылыттан аныгы кэм саҥа терминэ бөҕө кутуллан киирбитэ. Урукку өттүгэр хайа да салааҕа маннык уларыйыылар (модернизация) киирэ иликтэрэ, онон хантан да ылан тугу да туһанар кыаҕыҥ суоҕа.
Үөрэхтээһин саҥаттан саҥа түһүмэхтэрэ утум-ситим киирэн испиттэрэ
Ити курдук сыллата Үөрэхтээһин кэлим бырайыагын саҥаттан саҥа түһүмэхтэрэ утум-ситим киирэн испиттэрэ. Ф.В.Габышева миниистирдиир кэмигэр “Үөрэхтээһин“ национальнай бырайык, „Биһиги саҥа оскуолабыт“ үөрэх стратегиятын олоххо киллэрии курдук уустук, сыраны-сылбаны эрэйэр улахан үлэ саҕаламмыта. Наука, тиэхиньикэ, саҥа информационнай технологиялар олус түргэнник сайда турар кэмнэригэр үөрэтии технологиялара эмиэ оннук тэтиминэн сайдан иһиэхтээхтэрэ олохпут ирдэбилэ буолбута. Ити үлэ билигин син биир салҕанан бара турар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Биһиги хаһыаппытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ инновационнай оскуолалар, федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи былассаакка буолбут оскуолалар үлэлэрин уопутун, төһө кыалларынан, тарҕата, сырдата олорорбут.
Үөрэтии, үөрэх ис хоһооно эмиэ саҥардыыны эрэйэрэ. 2005 сыллаахтан «Базиснай үөрэх былаана“ олоххо киирэн барбыта. Бу үөрэх былаана эмиэ дойду 14 регионун ортотугар бастаан апробацияны барбыта. Олор ортолоругар — биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ. Бу үөрэх саҥа былааныгар биһиги бэйэбит уратыбытын учуоттаан тугу киллэриэхтээхпит, тылбытын үөрэтиибит бу бырагыраамаҕа хайдах тоҕооһуохтааҕар улахан кэпсэтиилэр, үлэлэр саҕаламмыттара. Манна Ф.В. Габышева салалталаах үөрэх министиэристибэтэ хас биирдии предмеккэ национальнай-региональнай компонены киллэриигэ олус уустук, сыралаах үлэни ыыппыта. Бу үлэни Ил Түмэн кыраҕытык кэтээн, бэйэтин этиилэрин, көрүүлэрин киллэрэрэ. Маны сокуон өттүнэн хараанныыр үлэ Ил Түмэҥҥэ депутаттар улахан болҕомтолоругар тутуллара.
Федеральнай государственнай үөрэх саҥа стандарта олоххо киириитэ саҕаламмыта
Онтон аны Федеральнай государственнай үөрэх саҥа стандарта олоххо киириитэ саҕаламмыта. ФГҮөС-кэ көһүү 2010 сылтан сүһүөх-сүһүөх киирэн барбыта. Бу түгэҥҥэ биһиги тыабыт сирин кыра кэмпилиэктээх, дьоҕус оскуолаларыгар бу саҥа стандарты хайдах тоҕоостоохтук киллэриигэ эмиэ туспа үөрэтии үлэ наада буолбута. Бэйэбит төрөөбүт тылбытын үөрэтии бырагыраамата хайдах ырытыллан оҥоһуллара, биһиги норуот быһыытынан тыыннаах хааларбыт кэрэһитэ буоларынан, үөрэх министиэристибэтин өттүттэн улахан суолта ууруллубута. Саҥа стандартынан үөрэтиигэ үөрэх, методика кинигэлэрин оҥоруу соруга турбута. Предметтэринэн үөрэнэр кэбиниэттэр саҥа технологияларынан хааччыллан, үөрэтэр усулуобуйа күүскэ, тэтимнээхтик сайдан испитэ.
Үөрэх эйгэтигэр ыытыллыахтаах үлэ сыллааҕы соруктарыгар тирэҕирэн, бу туохха аналлаах сыл буоларынан хаһыат үлэтэ былааннанара. Сорох сорох ситэ өйдөөбөт дьон өттүттэн мунньаҕынан эрэ олорор хаһыат курдук, министиэристибэ көлдьүргээн араас уларыйыыларга кыттарын курдук саҥа-иҥэ тахсара эрээри, бу оччотооҕуга киирэн барбыт уларыйыылар билиҥҥи олохпут дьиҥ кырдьыга буолан, бары салааҕа барытыгар киирэ турарын көрөн-билэн олордохторо.
2007 сылтан оскуола иннинээҕи саастаах оҕону сайыннарыы, үөрэтии, иитии уопсай барыла оҥоһуллан, РФ 25 субьегар апробацияны барбыта. Манна эмиэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит кыттан, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин уопсай үөрэҕин бырагырааматын федеральнай ирдэбиллэрин ырытан оҥорууга сүрүн олук буолбута.
Салгыы эбии үөрэхтээһини саҥардан сайыннарыы соруктара турбуттара. Ити курдук, сылтан сыл саҥаттан саҥа соруктары олоххо киллэрии түргэн тэтимнээх, уустук үлэтэ күөстүү оргуйара.
«Кыраҕытык кэтээн көрөн, сырдата туруохтаахпыт“,—диирэ Нина Иннокентьевна
„Бу саҥа уларыйыылар барылара биһиги инники кэскилбит, үүнэр көлүөнэбит туһугар ыытыллар. Онон биһиги ону кыраҕытык кэтээн көрөн, сырдата туруохтаахпыт,“—диирэ хаһыаппыт сүрүн редактора Нина Иннокентьевна.
2010 сыл Учуутал сылынан биллэриллэн, саҥа сайдыылаах үйэҕэ айыахтаах-тутуохтаах дьону үөрэтэн-иитэн таһаарар учууталлар иннилэригэр чопчу сыаллар-соруктар турбуттара. Биһиги үлэбитигэр эмиэ эбии соруктар турбуттара. Ити сыл Сахабыт сирин бары улууһун үөрэҕин управлениеларын, ол улуус бастыҥ лицейдэрин, гимназияларын, инновационнай, агропрофилированнай оскуолаларын үлэлэрин уопутун, оҕо уһуйааннарын үлэлэрин, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиини, эдэр учууталлары өйөбүлү, учууталлар олорор усулуобуйаларын тупсарыы хаамыытын о.д.а хас нүөмэр аайы биирдии балаһаны биэрэн сырдатар сорук ылыммыппыт. Бу сорукпутун үчүгэйдик толорон, Министиэристибэ грамотатынан наҕараадаламмыппыт.
Ити кэминээҕи үөрэх эйгэтин үрдүк таһымнаах бэлэмнээх, үлэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэрэ
Ол кэмҥэ үөрэх министиэристибэтигэр бэйэлэрин салайар салааларыгар, анал үлэлэригэр ананан төрөөбүт курдук дириҥ билиилээх,үрдүк таһымнаах бэлэмнээх, үлэлэригэр бэриниилээх М.В.Никифорова, С.В.Брызгалова, Э.Н.Попова, Н.В. Ситникова, Е.Н.Колосова, Н.К.Петрова, М.В.Платонова, А.Н.Атласова уо.д.а. курдук үтүөкэннээх дьону кытта алтыһан үлэлээн ааспыппыттан үөрэ саныыбын.
Ити уларыйыылары хамсатар күүс учууталлар буолалларынан, Идэни үрдэтэр институкка үлэ-хамнас тигинэччи барара. Институт дириэктэрдэрэ Р.Е. Тимофеева, О.М.Чоросова, Г.И.Алексеева салалталарынан сүҥкэн үлэ ыытыллыбыта. Үөрэх министиэристибэтин институттарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирбит. Күнтэн күн өссө сэтэрэн иһэр үлэлэрин төһө кыайарбытынан сырдатарга кыһанарбыт. Тиһигин быспакка ыытыллар семинардарга, кэмпириэнсийэлэргэ, педдьаарбаҥкаларга о.д.а. сылдьан, бэйэбит да билиибит-көрүүбүт кэҥээтэҕэ. ТООЧИ саҥа көлүөнэ үөрэх кинигэлэрин ырытан оҥоруу үлэтин ылсан үлэлээбитэ. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарбыт төрөөбүт тылларын үөрэтиигэ үөрэх кинигэлэрин ырытан оҥорууга улахан болҕомто ууруллан, сүҥкэн үлэ барбыта. Уларыйа турар саҥатан саҥа үөрэх былааныгар сөп түбэһэр үөрэх кинигэлэрин оҥорууга институт үгүс сырата барбыта. Ити үлэни институт дириэктэрдэрэ С.В.Васильева, С.С.Семенова иилээн-саҕалаан тэрийэллэрэ.
СӨ үөрэҕин министиэристибэтэ киинтэн кэлэр уларыйыыларга эрэ үлэлээбэккэ, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит үөрэтэр-иитэр үлэтэ салгыы сайдарыгар, аныгы кэм ирдэбилинэн эмиэ араас хабааннаах бырагыраамалары, хос бырагыраамалары, бырайыактары олоххо киллэрэргэ бары кыаҕы түмэн үлэлиирэ. Ол курдук, дуальнай үөрэхтээһин олугун ууран, оскуоланы бүтэрэр хас биирдии оҕо олоххо тыын суолталаах идэни ылан тахсарыгар усулуобуйа тэриллэн, үтүө саҕалааһын үөскээбитэ. Оскуолалар хайысхалаах үөрэхтээһиҥҥэ киириилэрэ үчүгэй түмүктэри биэрбиттэрин билигин көрөбүт. Билигин тыа да, куорат да, сирдэригэр килиэп астыыр дьоҕус бэкээринэлэр, иистэнэр сыахтар, сылгы, таба иитэр хаһаайыстыбалар, мас, тимир ууһун кыһалара о.д.а. тэриллэн, дьоҥҥо-норуокка туһаны аҕала туралларын сорох олуга онно охсулуннаҕа.
„Арктика учуутала“,“Көс оскуола“ бырайыактар, „РФ үөрэҕин туһунан“ Сокуон…
ЮНЕСКО бюротун кытта „Арктика учуутала“,“Көс оскуола“ курдук бырайыактар олоххо киириилэрэ хоту сир сорох кыһалҕаларын толуйарга тирэх буоллахтара. Билигин Россияҕа Арктическай зонаны сайыннарыы стратегията олоххо киирэ турар.
Ити кэмҥэ аны „РФ үөрэҕин туһунан“ саҥа сокуон олоххо киирэн барбыта. Онон эмиэ саҥа соруктар бөҕө турбуттара, ол үлэни-хамнаһы ону таһынан инники саҕаламмыт үөһэ ахтыллыбыт соруктары толорууну миниистир А.С.Владимиров салҕаабыта. Ити кэмҥэ саҥа кэмҥэ саҥалыы өйдөөх-санаалаах, киһилии киһини иитэн таһаарар,үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр соруктар инники күөҥҥэ турбуттара.
2005 сыллаахха биһиги олоҥхобут ЮНЕСКО быһаарыытынан Киһи-аймах тылынан айбыт уус-уран айымньытын кылаан чыпчаалынан биллэриллибитэ. Үүнэр көлүөнэни сиэр-майгы,духовность өттүнэн сайыннарыыга олоҥхо кыаҕын туһаныы соруга турбута. Олоҥхо педагогикатын үөрэххэ, иитэр үлэҕэ киллэрии, оскуолаҕа, оскуола иннинээҕи оҕо тэрилтэтигэр олоҥхону үөрэтии саҕаламмыта.
Итини сэргэ, хомуспут эмиэ аан дойду таһымыгар тахсан, оскуола, оскуола иннинээҕи тэрилтэлэргэ үөрэтиллэрэ. Ити курдук, оскуолаларга, оскуола иннинээҕи оҕо тэрилтэлэригэр, эбии үөрэхтээһиҥҥэ ыытыллар киэҥ хабааннаах үлэни барытын хабан сырдата сатыырбыт. Ол соҕотох үлэһиттээх хаһыакка сороҕо кыаллыбатах да өрүттэрдээх буолуон сөп. Ол эрээри оччолорго ыытыллар үлэни-хамнаһы сырдатыыга туох кыалларын барытын оҥоро сатыырбыт. Учуутал хаһыата буоларбытынан, кинилэр аттестацияларын ааһалларыгар көмөлөһөр сыаллаах, үөрэтэр методикаларыттан үллэстэр, оскуолаларын, урут үлэлээн сылдьыбыт учууталлар тустарынан ахтыы суруйууларын о.д.а. миэстэ биэрэн таһаарарбыт. Аттестацияны барарга, хайаан да, бэчээккэ тахсыбыт суруйуулардаах буолуохтааххын. Сорохтор аныгы нэдиэлэҕэ аттестацияланаары сылдьан аҕаланнар, бу киһи суруйуута маннык нүөмэргэ тахсыаҕа диэн ыспыраапка суруйан биэрэрбит. Тыа оскуолаларыгар үйэлээх саастарыгар бэрт сэмэйдик үлэлээн, оҕо бөҕөнү үөрэтэн таһаарбыт учууталлар тустарынан матырыйааллары сорохтор: „Ханнык эрэ тыаҕа үлэлээбит, ким да билбэт киһитин таһаара олороллор“,—диэн кириитикэлииллэрэ иһиллээччи. Хас биирдии киһи учууталга үөрэнэн үөрэхтээх киһи буолан тахсар, онон итинник тыл-өс кыараҕас көрүүлээх дьонтон тахсар диэн саныыбын.
Хаһыат көхтөөх көмөлөһөөччүлэрэ, общественнай корреспонденнарбыт
Хаһыаппыт доҕотторо, көхтөөх көмөлөһөөччүлэрэ, общественнай корреспонденнарбыт буолаллара. Ол курдук, В.М.Анисимов, П.Р Дарбасов, Н.С.Николаев, М.Е.Винокурова, И.Г.Федоров, К.В.Павлов, Г.Б.Сюндюкова, У.А Шишигина уо.д.а.редакциябытыгар сылдьа тураллара, санааларын үллэстэн, кэпсэтэн бараллара, тиһигин быспакка суруйаллара. Кинилэргэ махталбыт муҥура суох.
Хаһыаты таһынан, үөрэх эйгэтигэр ыытыллар үлэ сылга түөртэ тахсар „Народное образование Якутии“ сурунаалга сырдатыллара. Кинилэри кытта эмиэ сибээһи тутарбыт, сүбэлэтэрбит.
Үөрэх министиэристибэтин Редакциялыыр-таһаарар салаатын дириэктэрэ Н.Н.Винокурова, Норуот педагогикатын ассоциациятын салайааччы Н.И.Шарин, „Народное образование Якутии“ сурунаалы таһаарар эппиэттээх үлэһиттэр Е.М.Заморщикова, Н.А.Расторгуева курдук үтүөкэннээх дьону кытта алтыһан үлэлээбит, сүбэ-соргу ылбыт дьоллоохпун.
Оҕо хаһыата үтүмэн үгүс сылларга мунньуммут туспа үлэлиир үгэстэрдээх этэ
Оҕо хаһыатын кэлэктиибэ үтүмэн үгүс сылларга мунньуммут туспа үлэлиир үгэстэрдээх,ньымалардаах,үөрүйэхтэрдээх этэ. Нэдиэлэҕэ иккитэ хайаан да мустан, нэдиэлэтээҕи үлэни быһаарсыы, араас сорудахтары түҥэтии, ону толоруу болдьоҕун чопчулааһын о.д.а., ону таһынан саҥа тахсыбыт хаһыат үчүгэй уонна табыллыбатах өрүттэрин ырытыы буолара. Хаһыакка ити кэмҥэ уһун сылларга Нина Иннокеньевнаны кытта бииргэ үлэлээбит Н.С.Дмитриев, Н.П.Васильев, З.А.Михайлова,В.Н.Угарова, Е.А. Третьякова, А.В.Васильев-Көрдүгэн, А.Н.Павлов-Дабыл уо.д.а үлэлии, айа-тута сылдьаллара. Николай Степанович, Николай Прокопьевич барыбытын „Тоойуом“ диэнтэн атыннык ааттаабат кэрэ майгылаах, сымнаҕас сыһыаннаах үтүкэн дьон этилэр. Уопуттаах үлэһиттэргэ саҥа үлэлии кэлбит оҕолору сыһыаран уһуйтарар үтүө үгэс баара редакцияҕа. Онон сотору кэминэн бэртээхэй суруналыыстар үөскээн тахсаллара. Суруйар үлэни кыайыа суох киһини тута билэн, ол оҕо бэйэтэ да билинэн уурайара. Хаһыакка бэйэлэрэ туспа буочардаах, оччолорго хайы-үйэ уопутурбут Александра Курилкина, Таисия Алексеева, Мотрена Кондратьева курдук элбэх идиэйэлээх, үчүгэй суруналыыстар үлэлии сылдьаллара. Георгий Белоусов, Татьяна Жиркова, Сергей Муксунов, Георгий Матвеев, Алексей Васильев, Анастасия Москвитина уо.д.а курдук эдэр көлүөнэ ыччаттар үлэлии кэлбиттэрэ. Оскуола саҕаттан хаһыакка суруйбут, эдэр корреспонденнар кыһаларыгар уһаарыллан тахсыбыт, үчүгэй бэлэмнээх Анисия Архипова, Жанна Леонтьева,Миэль Юмшанова ситиһиилээхтик үлэлээн барбыттара.
Улуустарынан айаннаан сүлүөт бөҕө, хаһыат күннэрэ, көрсүһүүлэр тиһигин быспакка тэриллэллэрэ. Онно барарга тэринии сүпсүлгэнэ, түбүгэ барыбытын таарыйара, барыбытыгар туох эрэ сорудах бэриллэрэ. Учуутал хаһыатын үлэһиттэрэбит диэн оҕо хаһыатын үлэтиттэн туора турбат этибит, оҕо хаһыатыгар эмиэ быыс булан суруйа турарбыт. Командировкаҕа бардахпытына, учуутал, оҕо хаһыаттарыгар тэҥинэн матырыйаал хомуйан кэлэрбит.
„Модун санаа ыллыктарынан“ курдук араас экспедициялар тэриллэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэ-хамнас күөстүү оргуйара. „Оҕолор уонна маастардар“ дуобат турнира сүүһүнэн оҕону түмэрэ. Ол үлэни А.В.Васильев хамаандата тэрийэн ыытара.
Оҕо хаһыатын үбүлүөйдээх сылларыгар өрөспүүбүлүкэ оскуолалара бары өрө көтөҕүллэн үлэлииллэрэ, эдэр корреспонденнар постарын үлэтин тэрийэр-дьаһайар Таисия Ивановна, Анисия Михайловна күн солото суох араас тэрээһиннэри иилииллэрэ-саҕалыыллара. Ол курдук, хаһыат 80 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах Бүлүү бөлөх улуустарын сүлүөтэ Сунтаарга үрдүк тэрээһиннээхтик хас эмэ сүүһүнэн оҕону түмэн ааспыта. Амма Аччыгыйын 110 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах сүлүөт Дьокуускайга тэриллибитэ. Түмүктүүр бырааһынньыкка күндү ыалдьыт буолан, оҕо, учуутал бөҕө кэлэн, лааҕырдарга сынньанан, наҕараада бөҕөҕө тиксэн, араас куонкурустарга кыттан, биллииээх дьону кытта көрсүһэн, үөрэн-астынан аҕай тарҕаһаллара. Ол үбүн барытын Нина Иннокентьевна булара-талара. Эдэр корреспонденнар салайааччыларын барыларын билэрэ, кинилэри олус үчүгэйдик көрсөрө.
Бырааһынньыктарбытыгар Нина Иннокентьевна урут үлэлээбит бэтэрээн үлэһиттэри хайаан да ыҥырара, кинилэр ахтыы кэпсээннэрин эдэр үлэһиттэргэ, оҕолорго иһитиннэрэрэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор дьон олус үөрэн, сэргэхсийэн, махтанан бараллара.
Хаһыат уһун сыллаах историятын уонна онно үлэлээн сылдьыбыт суруналыыстар тустарынан оҕо-ыччат билиэхтээх диэн санааттан, уһун кэмҥэ мунньуллубут матырыйаалларынан хаһыат редакциятын мусуойун тэрийэри көҕүлээн, үлэ бөҕө барбыта. Мусуой 2012 сыллаахха үөрүүлээхтик аһыллыбыта. Мусуойу көрө куорат да, улуустар да оскуолалаларыттан кылааһынан оҕо бөҕө сылдьыбыта. Саҥа салалта мусуой үлэтин сөргүтэн, чөлүгэр түһэриэ диэн эрэнэбит. „Хаһыатым историятын суруйуох буолбутум, кыаллымаары гынна“,—диэбитэ Нина Иннокентьевна олоҕун тиһэх күннэригэр…
Нина Иннокентьевна СӨ Бастакы Президенэ М.Е.Николаевка наһаа махтанара
Олох уларыйар ыарахан, иэмэ-дьаама биллибэт быыс кэмигэр оҕо хаһыатын тыынаах хаалларбыт СӨ Бастакы Президенэ М.Е.Николаевка Нина Иннокентьевна наһаа махтанара, ол ыарахан кэмнэргэ норуот инники кэскилин санаан, таба дьаһалы ылыммытын тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. „Оҕо хаһыата хайаан да баар буолуохтаах, оҕо кэнники улаатан баран ааҕар буоларыгар, суруйарга бэйэтин кыаҕын холонон көрөрүгэр, үчүгэй киһи буола үүнэн тахсарыгар хаһыат суолтата улахан. Биһиги оҕону үчүгэйинэн үчүгэйгэ тарда сатыахтаахпыт, наар куһаҕаны хаһан суруйар буоллахпытына, оҕо ону үтүктэн барыан сөп“—, диирэ. „Оҕоҕо суруйуу аҕыйаата, эһиги хас биирдиигит оҕоҕо суруйа үөрүйэхтэннигит, онон оҕоҕо кэпсээннэ, хоһоонно суруйан холонон көрүҥ“, —диэн суруйарга көҕүлүүрэ. Онон да Миэль Юмшанова, Анисия Архипова, Жанна Леонтьева, Лия Устинова, Иван Андросов уо.д.а оҕоҕо аналлаах кэпсээннэрэ хаһыакка утуу-субуу тахсаллара.
Нина Иннокентьевна дьулуурдаах, сыралаах туруорсуутунан 2013 сыллаахха „Кэскил“оҕо издательствота тэриллибитэ
Нина Иннокентьевна өр кэмҥэ иитиэхтээн, санаа ымыыта оҥостубут баҕа санаата, редакцияҕа отучча сыл үлэлээбит Норуодунай суруйааччы Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатын иҥэрии буолара. Ол туһунан кэнники элбэхтик этэрэ. Кэнники сылларга бас тэрилтэ тэрийэн, ол иһигэр оҕо хаһыатын редакциятын киллэрэллэрин, ол тэрилтэлэр сотору-сотору уларыйа-тэлэрийэ турар буолбуттарын сөбүлээбэт буолан барбыта. Биирдии-иккилии сыл буола буола, атынтан атын тэрилтэ тэриллэн, онно холбонон иһэрбит,ол аайы туох баар докумуон барыта саҥаттан оҥоһуллара. Араастаан салайар, оҕо хаһыатын уратытын билбэт, билэ да сатаабат салайааччылар кэлэн салайан бараллара. Ол барыта уһун сылларга оҕо курдук бүөбэйдээн аҕалбыт хаһыатын инники дьылҕата хайдах буолара биллибэт курдук өйдөбүлү үөскэтэн, кинини долгутара. Онон оҕо хаһыатын дьылҕатын туруктаах оҥорор туһунан элбэхтик толкуйдаан, атын сиртэн салаллыбат туспа оҕо издательствотын тэрийэр туһунан туруорсан барбыта. Кини дьулуурдаах, сыралаах туруорсуутунан, 2013 сыллаахха СӨ Ил Дархана Е.А.Борисов ыйааҕынан, „Кэскил“оҕо издательствота тэриллибитэ. Ол улахан үөрүүлээх түгэн буолбута. Онтон салгыы туруорсан, оҕо издательствотыгар Норуодунай суруйааччы Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аата иҥэриллэрин ситиспитэ. Ити икки-үс этиинэн сурулуннар да, элбэх кэпсэтии-үлэ түмүгэр ситиһиллибитэ. Кини олоҕун тиһэх күннэригэр:“Амма Аччыгыйын үбүлүөйүн киэҥник, үрдүк тэрээһиннээхтик ылаарыҥ,“Тоҕус төгүл тоҕо?“ кэпсээннэрэ билиҥҥи олоххо оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ өссө улахан суолталаннылар, онон кыра кинигэ оҥорон таһаараарыҥ, нууччалыы тылбаастатан, икки тылынан“—, диэбитэ. Ол, хомойуох иһин, туолбатаҕа. Ону саҥа редактор, салалта толоруон сөп этэ.
—Оҕо хаһыата государство үбүлээһининэн тахсыахтаах, атын хаһыаттар курдук, биһиги ону-маны рекламалаан, үп-харчы киллэринэр кыахпыт суох,—диирэ. Онон туспа оҕо издательствота тэриллибитигэр олус үөрбүтэ,оҕо хаһыата мэлдьи баар буолуо диэн эрэл санааламмыта.
—Хаһыат электроннай варианнаах буоллун,оттон кумааҕы хаһыаттан аккаастанан барытын электроннай оҥорор хайдах да сатаммат, киһи илиитинэн тутан олорон ааҕара, умуннаҕына хос ылан көрө сылдьарыгар да олус наадалаах,— диирэ.
Биллэн турар, аныгы технология олоххо киирэн сайдан иһэрэ билиҥҥи ыччат кыаҕын киэҥ эйгэҕэ таһаарарыгар, билиитин-көрүүтүн кэҥэтэригэр, хайа баҕарар омугу кытта тэҥҥэ күрэстэһэр кыаҕы биэрэринэн бэрт бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри буортута, оҕону-ыччаты буккуйара эмиэ элбэх. Туох барыта кэмнээх-кээмэйдээх буоларыныы, көрөн, сөбүн талан туттар туһалааҕа чахчы. Ааҕа, көрө үөрэммиппитинэн, кумааҕы хаһыат баар буолара хайаан да наада. Сайдыылаах омук сирдэригэр кумааҕы хаһыакка төннөн эрэллэрин туһунан элбэхтик суруйаллар, онон оҕо хаһыата кумааҕы вариана эмиэ сайдан,тираһа эбиллэн,урукку курдук оҕо аймах күүтүүлэх хаһыата буола туруохтаах. Бэйэбит төрөөбүт тылбытынан ааҕар, суруйар, өбүгэ төрүт тулхадыйбат сыаннастарын, үгэстэрин билэргэ, сыаналыыр буоларга ийэ тылынан тахсар хаһыат суолтата сүдү буолуохтаах. Төрөөбүт тылбыт чөлүн, баайын, кыаҕын оҕо кыра сааһыттан билэ, сыаналыы үөрэнэрэ оҕоҕо аналлаах хаһыаттан, литератураттан саҕаланар. Онон тылы таптыыр, билэ, имитэн- хомутан тутта сатыыр үлэһиттэр үлэлииллэрэ наада. Онно уһуйааччылар аҕа көлүөнэ суруналыыстар буолуохтаахтар этэ…
Сахалыы тыллаах оҕо хаһыатын тылын-өһүн кичэйэр сорук турара наада буолуо. Билигин социальнай ситимнэргэ тарҕанар сахалыы сурук-бичик иэдэйдэ, ким хайдах таптыырынан суруйан тарҕатар буолла. Итинник суруктаах-бичиктээх олордохпутуна, тыспыт кылгыырыгар, үйэбит уһаабатыгар тиийэр. Онон оҕо хаһыата ханнык да ыарахан кэмнэргэ баар буолара наада.
Хаһыаппыт үбүлүөйдээх 85 сылынан хаһыат бары үлэһиттэрин, бэтэрээн суруналыыстарын, ааҕааччылары, эдэр корреспонденнары эҕэрдэлиибин! Оҕо хаһыатын урукку үтүө үгэстэрин салҕаан, таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэни баҕарабын. 85 сыл анараа өттүгэр Үөрэх наркома И.Н.Жирков эппитинии, хаһыаппыт „сарсыардааҥы күн күлэр мичилэ“ буолан, оҕоҕо-ыччакка сырдыгы, кэрэни, үтүөнү, кэскили, үйэлээҕи арыйа турдун!