Николай Николаевич Никитин Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэри солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыта. Ол кэмҥэ издательство саҥа тэриллэн, атаҕар турар кэмэ этэ. Билигин Дьокуускайдааҕы А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин отделын салайааччытынан үлэлиир.
Оҕо суруналыыстыката диэн олох туспа суол, туспа хайысха
— 1986 сыллаахха, 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан, Бүтүн Сойуустааҕы «Пионерская правда» хаһыакка почтанан ыйытыы ыытан турардаахпын. Онно биир ыйынан “Пионерская правда” диэн кып-кыһылынан суруллубут фирменнэй бланкаҕа харда кэллэ. “Хас биирдии сурукка болҕомтолоох, кыһамньылаах да дьон үлэлииллэр эбит. Ыраах Саха сирин оҕотугар өссө массыынанан сурук бэчээттии олорбуттар”, — диэн бэркиһээбиппин өйдүүбүн. Аны биир сыл буолан баран, «Бэлэм буол» хаһыакка Бурятияҕа туризмҥа, спортивнай ориентированиеҕа күрэхтэһэн бастаабыппытын туһунан матырыйаалы Байкал күөл таһыгар турар хаартыскабытын кытта таһаарбыттара.
Ити икки түгэн мин суруналыыстыка идэтин таларбар улахан оруоллаах буолбута саарбаҕа суох. Кэлин «Кэскилгэ» үлэлиир кэммэр оҕо суруналыыстыката диэн олох туспа суол, туспа хайысха диэн өйдөбүлбүн чиҥэппитим. Оҕо өйүгэр-санаатыгар бэчээккэ тахсыбыт матырыйаал тиийимтиэ буолар. Тас дойдуларга хаһыат оруола эмиэ улаатан эрэр. Холобур, Японияҕа хаһыакка сурутуу үрдээбитэ биллэр. Биһиги билигин хаһыаты күннээҕи олохпутугар сүбэһит, доҕор оҥостуох кэриҥнээхпит. Билиҥҥи электроннай ситим кэмигэр “Кэскил” оҕо хаһыатын оруола өссө сүҥкэн буолан иһиэ.