Оҕо хаһыатыгар ыстатыйа эрэ буолбакка, тас көстүүтэ, дизайн, уруһуй, ойуу-мандар улахан оруоллаах. «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары өр кэмҥэ киэргэппит худуоһунньуктарынан кэргэннии Дмитрий Николаевич уонна Сардаана Григорьевна Мухиннар буолаллар. Классическай истиилинэн уруһуйдууллара. Дмитрий, кыра да уруһуй буоллун, олох ымпыктаан-чымпыктаан чопчутук оҥороро. Ордук кэпсээн иллюстрациятын кыайа тутара. Мухиннар эрэдээктэрбит Нина Иннокентьевна Протопопова көмөтүнэн дьиэлэрин кэҥэтэн, кэлин Бэчээт дьиэтиттэн чугастааҕы куорат «Старый город» оройуонугар көһөн кэлэн, бодоруускалаһан баран аа-дьуо хааман иһэллэрэ бу баар курдук. Иккиэн сахаҕа көстүүлээх, кыраһыабай паара, иннэлээх сап курдук өрүү бииргэ сылдьаллара. Дмитрий Мухин ахтыытын бэчээттиибит.
«Эдэр коммунист» хаһыакка үлэлии сырыттахпына «Бэлэм буол» хаһыат худуоһунньуга Спиридон Васильевич Фёдоров ыалдьан хаалан, хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ Николай Степанович Дмитриев миэхэ уруһуйдатар этэ. Устунан 1987 сыллаахха «Бэлэм буолга» худуоһунньугунан көспүтүм. Оччолорго редакция кэллэктиибэ биир дьиэ кэргэн курдук Нина Иннокентьевна тула мустан, эйэлээх, таһаарыылаах үлэ бөҕө буолара. Бырааһынньыктарга Наталья Никитична Томтосова «стенгазета» оҥорон, күлсүү бөҕөтө буоларбыт. Кэлин эркин хаһыатын миэхэ уруһуйдатар буолбуттара. Амма Аччыгыйа (оччолорго «Бэлэм буолтан» уурайбыт кэмэ), Күннүк Уурастыырап курдук улуу дьоннор биһиги редакциябытыгар кэлэн ыалдьыттаан бараллара. Сурук отделыгар Варвара Федотовна Мякишева, машинистка Ирина Дмитриевна Корякина, фотокорреспонденнар Иннокентий Петрович Канаев, Михаил Дмитриевич Игнатьев, суруналыыстар Николай Прокопьевич Васильев, Марина Андреевна Дьячковская, Зоя Афанасьевна Михайлова (корректор), Варвара Николаевна Угарова, Александр Васильевич Васильев, Николай Захаров, Евдокия Семёновна Иринцеева буолан үлэлээбиппит.
1990 сыллаахха хаһыаппыт «Кэскил», «Юность Севера» диэн ааттыын уларыйбыта, үөрэхтэрин бүтэрбит ыччаттар үлэлии кэлбиттэрэ. Кэллэктииппит өссө улааппыта. 1998 сыллаахха хаһыаппыт балаһалара өссө элбээн, өҥнөөх буолан, иккис худуоһунньук наада буолан, кэргэним Сардаана Григорьевна Мухина үлэҕэ киирбитэ.
Хаһыаппыт өҥнөөх, элбэх уруһуйдаах, рубрикалардаах буолбута. Онтон аны олох сайдыытынан көмпүүтэр бырагырааматынан оҥорору редакциялартан бастакынан саҕалаабыппыт. Онно Нина Иннокентьевна туох наада буоларын барытын түргэн үлүгэрдик хааччыйан, үлэлииргэ наһаа да үчүгэй этэ. Саҥа эдэр үлэһиттэр кэлэн, өссө элбээн, сайдан, үлэбит да, олохпут да, тупсан барбыта.
Кэлин биэнсийэҕэ тахсан олорон өйдөөн-санаан кэллэххэ, үчүгэй да кэмнэр ааспыттар эбит. Уопсайынан, «Кэскил» хаһыакка үлэлиирбит устатын тухары биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх да, ыарахан да кэмнэрбитигэр куруутун сылаас сыһыаннаах бииргэ үлэлии сылдьыбыт кэллэктииппитигэр махталбыт улахан.