1936 сыллаахтан билиҥҥэ тарбахха баттанар соҕотох сахалыы тыллаах «Кэскил»-«Бэлэм буол» хаһыаппыт өрөспүүбүлүкэ үгүс суруналыыстарын иитэн таһаарбыта диэтэхпитинэ, улаатыннарбаппыт буолуо. Бүгүн СӨ үтүөлээх суруналыыһа, СӨ бэчээтин туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Эркээйи» хаһыатын эрэдээктэр-дириэктэрэ Алена Докторова ахтыытын бэчээттиибит:
— Ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар ыал барыта элбэх хаһыаты, сурунаалы суруйтарара. Олбуор, кыбартыыра ахсын ааҥҥа почта дьааһыга хайаан да баар буолара. Эдэрдиин-эмэнниин оройуон, өрөспүүбүлүкэ бэчээтин сэргэ, дойду таһымнаах бөдөҥ таһаарыылары почта нөҥүө сурутан, сөбүлээн ааҕарбыт. Атыыга киэҥник тахсыбат сэдэх кинигэлэргэ почтанан сурутуу эмиэ барара. Бибилэтиэкэҕэ оҕо барыта тиһигин быспакка сылдьара. Сэбиэскэй Сойуус саамай ааҕар дойдунан аан дойдуга биллэрин үгүстүк истэрбит.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, оҕо барыта «Бэлэм буол» хаһыаты сөбүлээн ааҕар этэ. Ол саҕана хаһыат нэдиэлэҕэ хаста да тахсара. Дьиэбитигэр хас биирдии нүөмэри мунньан тиһэрбитин өйдүүбүн. Сорох ыал оннук тиспит хаһыаттарын истиэнэҕэ ыйаан турара. «Бэлэм буолга» өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан оҕолор оскуолатаааҕы ситиһиилэрин, интэриэһинэй тэрээһиннэри, бастыҥ үөрэнээччилэри билиһиннэрэн үгүстүк суруйаллара. Оскуола ахсын кэриэтэ эдэр кэрэспэдьиэннэр постара үлэлиирэ. Мин кыра уонна орто сүһүөх кылаастарга сылдьан, аҕыйах да буоллар, оскуолабыт, кылааспыт олоҕуттан кылгас заметкаларым бэчээттэммиттэрэ. Онон хаһыакка бастакы суруйуум бу хаһыакка этэ. Оччолорго суруналыыс буолуом диэн өйбөр да суоҕа.
Кэлин оскуоланы бүтэрэн баран, 1984 с. М.Горькай аатынан Ураллааҕы судаарыстыбаннай университекка суруналыыстыка факультетыгар үөрэнэ сылдьан, үһүс куурус кэнниттэн бастакы производственнай практикабын «Бэлэм буол» хаһыакка барбытым. Кылаабынай эрэдээктэр Нина Иннокентьевна Протопопова миигин сурук отделыгар сыһыарбыта. Отдел сэбиэдиссэйэ Марина Андреевна Дьячковская салалтатынан үлэлээбитим. Эрэдээксийэ кэлэктиибигэр бэчээт эйгэтигэр улахан уопуттаах суруналыыстар бааллара. Нина Иннокентьевнаны, Марина Андреевнаны сэргэ Николай Степанович Дмитриев, Николай Прокопьевич Васильев, Варвара Николаевна Угарова о.д.а бааллара. Кэлэктиип биир дьиэ кэргэн курдуга, олус иллээхтэрэ тута көстөрө. Планеркаҕа, летучкаҕа нэдиэлэтээҕи былаан ылыныллара, оҥоһуллубут үлэ түмүгэ ырытыллара.
Эрэдээксийэҕэ сурук отдела биир сүрүн салаанан буолар. Ааҕааччылары кытары ыкса сибээһи тутар, эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын түмэр, үлэлэрин сүрүннүүр соруктааҕа. «Бэлэм буолга» күннэтэ Саха сирин араас муннуктарыттан сүүрбэччэ сурук кэлэрэ. Хаһыат иэнэ биллэр буоллаҕа, онон кэлбит сурук барыта бэчээттэммэтэ. Хаһыакка тахсар матырыйааллары бэлэмнээн баран, аны бэчээккэ барбатах суруктарга эппиэт бэлэмнээн ыытарбытын өйдүүбүн. Оҕо барахсан дууһата уйаҥ буоллаҕа, “хомойботун” диэн санаатын көтөҕөр, сороҕор сүбэлиир ис хоһоонноох эппиэт-суруктары массыыҥкаҕа бэчээттиирим. Суруктары куоппуйалаан, икки экземплярга таһаарарбыт. Биирэ ‒ эрэдээксийэҕэ хаалара. Марина Андреевна эдэр киһини санаатын көтөҕөн, мэлдьи хайгыыра, сүбэлиирэ-амалыыра. Кэлин үлэһит буолан, сурук отделыгар үлэлиирбэр устудьуоннуу сылдьан ылбыт уопутум көмөлөспүтэ саарбаҕа суох. Оҕо хаһыатыгар суруйар, биллэн турар, уратылаах. Тыл-өс, ис хоһоон барыта оҕоҕо өйдөнүмтүө буолуохтаах. Ойуулуур-дьүһүннүүр өрүтэ элбэх буолуохтаах.
Билигин отуттан тахса сыл устата төрөөбүт улууһум хаһыатыгар биир эрэдээксийэҕэ үлэлээн кэллим. Тылбаасчытынан, сурук отделын сэбиэдиссэйинэн, отдел эрэдээктэринэн, кэлин 15 сыл эрэдээктэр-дириэктэринэн үлэлээтим. Суруналыыс идэтин баһылыырга «Бэлэм буол» хаһыакка үлэҕэ быраактыкабын барбыппын истиҥник саныыбын, умнубаппын.