Игорь Данилов, Мииринэй улууһун Сүлдьүкээр оскуолатын үөрэнээччитэ, “Кэскилгэ» «алҕаска» кэлбитэ. Ол саҕана бу оскуолаттан Ангелина Егорова хаһыаппытыгар көхтөөхтүк суруйар этэ. Онон Ангелинаны бэлиэтээн, сүлүөппүтүгэр ыҥырбыппытын, хомойуох иһин, кыайан кэлбэтэҕэ. Ол оннугар … Игорь Данилов диэн олох бэйэтэ “тойон” курдук дуоспуруннаах, көстүүлээх уолчаан тиийэн кэлбитэ. Бу сүлүөккэ кыттыыта, омуннаабакка эттэххэ, кини олоҕун суолун ыйан биэрбит, түстээбит эбит. Игорь ону сыаналыырын биһиги үөрэ истэбит, киэн туттабыт. Билигин кини — Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрсиэт үһүс кууруһун устудьуона. Уонна… өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ «научнай-чинчийэр үлэ төрүөтэ» биридимиэти оҕолорго үөрэтэр. Маны таһынан, ХИФУ иһинэн тэриллибит «Лингвистическай экология Арктики» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы научнай лаборатория үлэтигэр кыттар. Барыйыактара РФ Бырабыытыластыбатын гранынан үбүлэнэллэр. Ол чэрчитинэн Игорь «Сырдат» диэн сахалыы подкаст устар, учуонайдары кытта саха тылын, литературатын, култууратын туһунан кэпсэтэр.
Кэскилбин түстээбит “Кэскилим”, эҕэрдэ!
2013 сыл. Дьокуускай куорат. “Сосновый бор” оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр киинэ. Эдэр суруналыыстар сүлүөттэрэ. Мин манна баар буола түспүтүм. Бу сүлүөккэ Мииринэй Сүлдьүкээриттэн “Кэскилгэ” көхтөөхтүк суруйар Ангелина Егорованы редакциялар анаан ыҥырбыттара эрээри, кини ол кэмҥэ барара кыаллыбат буолбута. Оскуола салалтата Ангелина оннугар миигин сүбэлээбиттэр, онуоха тэрийээччилэр даҕаны утарбатахтар. Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сүлүөккэ кыттар чиэскэ тиксибиппин! “Кэскили” үчүгэйдик билэрим: ийэм куруутун сурутара, ааҕарым, доҕор оҥосторум, дөрүн-дөрүн тугу эмэ суруйбуппун эрэдээксийэҕэ ыытарым. Барытыгар ийэм көҕүлүүрэ.
Сүлүөккэ кэлэн, “Кэскили” билиим өссө дириҥээбитэ. Хаһыаты таҥан таһаарар эрэдээксийэ үлэһиттэрин кытта билсэн, маастар-кылаастарга уһуйуллан, тылга сыстан барбытым. Ону ааһан, сүлүөппүт бырагыраамата, эчи, үчүгэйин: күөх экранынан эрэ көрөр сулустарбытыныын атах тэпсэн олорон сэһэргэһии, экскурсияларга, киинэҕэ сылдьыы, араас күрэхтэр, кэнсиэрдэр, о.д.а. тэрээһиннэр. Аны хаһыакка суруйар араас улуустартан кэлбит оҕолор бары даҕаны дьоҕурдаахтарын, чаҕылхайдарын, барыга бары көхтөөхтөрүн сөҕө-махтайа көрөрүм. Кыра оскуола үөрэнээччитигэр, тыа оҕотугар бу – атын дойдуга тэҥнээҕэ.
Суруналыыс идэтэ интэриэһинэйин, онно эбии “Кэскил” тылы хараанныыр түгэх сыаллааҕын, сахалыы суруналыыстыка тылы сайыннарар кыахтааҕын бу сүлүөттэн өйдөөбүтүм. Мин онно уон үс саастааҕым. Ол аата – сүлүөт сыалын ситтэҕэ! Оҕо киһиэхэ итинник санааны иҥэрии ылбычча кыаллыбатын бары өйдүүбүт. Ити тиһиктээх, дириҥ ис хоһоонноох үлэттэн тахсар. Хаһыат эрэдээксийэтин ити иһин хайгыыбын! Кинилэр суруксут эрэ буолбакка, оҕону билэр, оҕоҕо сөптөөх сыһыаны олохтуур уонна оҕоҕо сатаан чугаһыыр дьон. Ол кэмҥэ сүрүн эрэдээктэри солбуйар Анисия Михайловна Иевлеваны ордук чорботобун. Сүлүөт үлэтин барытын кини сүрүннүүрэ. Анисия Михайловналыын олус чугаһыспытым, эдьиийим кэриэтэ киһим буолбута. Кинилиин күн бүгүн сибээспин быспаппын.
Эһиилигэр иккис сүлүөккэ кыттыбытым. Онно оскуолабыттан соҕотох буолбакка, Гелябыныын кэлбиппит. Сүлүөт үөрүүлээх сабыллыыта циркэҕэ буолбута, онно «Кэскил» рекорда» куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалааһын буолбута уонна “Кэскил” кыһата тэриллибитэ биир сылын бэлиэтээбиппит. Хайдах курдук таһымнаахтык ааспытын өйгөр оҥорон көр! Арай сыанаҕа (аренаҕа) миигин ыҥырдылар. Эрэдээксийэ көхтөөхпүн бэлиэтээн, Владивосток куоракка баар “Океан” лааҕырга путевка анаабыт! Дьэ, бу улахан ситиһии! Буолаары буолан, судаарыстыба циркэтин аренатыттан дьоһуннаах муусука, дохсун ытыс тыаһа доҕуһуоллаах ылар – улахан наҕараада буолар! Бу үөрүүбүн күн бүгүн өйдүүбүн. Сөмөлүөккэ Мииринэйдиир билиэттээх киһи, сүлүөт бүтээтин кытта, Владивостокка көтөр буолбутум. Хата барыта табыллан, “Океаҥҥа” сылдьан кэлбитим, өссө сайдыбытым, наһаа астыммытым!
“Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар эрэдээксийэлэрин кытта олус чугаһыспытым. Кэрэспэдьиэннэр эрэ буолбакка, сүрүн эрэдээктэр, отделлар бары үлэһиттэрэ, тылы көннөрөөччүлэр, хаһыаты таҥааччылар, хаартыскаһыттар, худуоһунньуктар – бука бары мин доҕотторум буолбуттара. Хаһыакка ол курдук көхтөөхтүк суруйарым, куоракка кэллим эрэ, хайаан даҕаны эрэдээксийэ дьиэтигэр киирэн тахсарым. “Кэскил” кыһата тэрийэр атын даҕаны тэрээһиннэригэр үөрүүнэн кыттарым.
2014 сыл сайыныгар “Дьоҕур” уопсастыбаннай хамсааһын сайыҥҥы оскуолатыгар үөрэнэргэ ыҥырыы туппутум. Миигин “Кэскилтэн” Таисия Ивановна Алексеева мэктиэлээбитэ. Кини Анисия Михайловналыын биир хоско олороллоро, миигин бэркэ билэрэ. Ол сайын сэттис кылааһы бүтэрэн, сайыҥҥы оскуолаҕа кэлбитим, арай кэлбит оҕолор бары ахсыһы бүтэрбиттэр эбит. Улаханым, “бөдөҥүм” бэрдин иһин эрэдээксийэм дьоно миигин биир сыл аҕа дии санаабыттар. Итинтэн бэттэх аны өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт үлэтин кытта билсэн барбытым, бу оскуолаҕа үөрэнэ киирээри, сыал оҥостубутум. Ону ситэммин, Сүлдьүкээргэ тоҕус кылааһы бүтэрэн баран, улахан куоҥкуруһу ааһан, 10 уонна 11 кылааска лиссиэйгэ үөрэммитим. Сахабыт сирин бастыҥ оскуолатыгар үөрэммиппин улахан дьолбунан ааҕабын! Онно төһүү буолбут – “Кэскилим”!
Лиссиэйи бүтэрэр сылбар эрэдээксийэттэн Анисия Иевлева: “МГУ суруналыыстыкаҕа бакылтыатыгар быйыл миэстэ баар. Үөрэҕи өрөспүүбүлүкэ үбүлүүр. Онно туттарыс, биһиги өйүөхпүт, министиэристибэҕэ мэктиэлиэхпит”, – диэн бэрт интэриэһинэй этиини оҥоро сылдьыбыта даҕаны, мин «сахам тылын, литэрэтиирэтин дириҥэтэн үөрэтиэм” диэммин аккаастаммытым. Онно эбии омук тыла эксээмэн курдук ирдэнэрэ, оттон ону туттарар мин былааммар киирбэт этэ. Ити түгэн эрэдээксийэ оҕону өйдөөн көрөрүн, кини туһугар кыһалларын өссө биирдэ бигэргэтэр. Бэриллибит кыаҕы туһамматахпыттан кэмсиммэппин. Билигин Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрсиэккэ үһүс кууруска үөрэнэбин, тылы чинчийэбин. Билимҥэ ситиһиилэрим иһин АБ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын истипиэндьийэтинэн наҕараадаламмытым. Барыта – иннибэр!
Олоҕум оҥкулун охсубут, кэскилбин түстээбит “Кэскилбэр” ис сүрэхпиттэн махтанабын, эрэдээксийэ хас биирдии үлэһитин истиҥник саныыбын! Хаһыаппыт тиһигин быспакка салгыы таһаарыылаахтык үлэлииригэр, саха тылын туһа сайдарыгар баҕарабын!