«Кэскил» хаһыат кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан, сылын ахсын сайдан-тупсан иһэр. Биһиги хаһыаппыт 1991-1993 сыллардаах кэрэспэдьиэнэ, билигин СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир «Дьулуур» оҕо хамсааһынын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлиир Александр Дмитриевич Васильев ол кэмҥэ типографияҕа дьуһуурустубалыылларын туһунан ахтар. Александр Дмитриевич СӨ ыччат политикатын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия ыччат политикатын Бочуоттаах үлэһитэ, Россия уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ буолар, «Гражданская доблесть» үрдүк бэлиэ хаһаайына.
Мин «Кэскил», «Юность Севера» редакцияларын кытта Саха государственнай университеты 1986 сыллаахха бүтэрэн баран, үөрэх министиэрстибэтин иһинэн тэриллибит эдэр туристар станцияларыгар үлэлиир кэммиттэн ыкса билсибитим. Турстанция өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар ыытар тэрээһиннэрин, күрэхтэһиилэрин, экспедициаларын сырдатан ыстатыйа суруйан, редакция кыраайы үөрэтии отделыгар Наталья Никитична Томтосоваҕа туттарарым. Наталья Никитична, Николай Захаров мин суруйууларбын “Кэскилгэ” лаппа көннөрөн таһааралларын көрөн, наһаа диэн астынарым.
1987 сыллаахха комсомол уобаластааҕы кэмпириэнсийэтигэр делегатынан талыллан баран, Нина Иннокентьевна Протопопова накааһын толорон, өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар нууччалыы тыллаах хаһыат наадатын туһунан эппитим, кэмпириэнсийэ түмүк докумуонугар киирэн, “Будь готов” хаһыат тахсар буолбута. Кэлин «Юность Севера” диэн ааттаммыта.
1991 сыл күһүнүгэр эдэр туристар станцияларын атын тэрилтэлэри кытта холбообуттарыгар Наталья Никитична Томтосова миигин редакцияҕа үлэлииргэ ыҥырбытыгар үөрүүнү кытта сөбүлэспитим.
Редакцияҕа үлэҕэ киирэн баран өйдөөн хаалбыт түгэним: Гагарин аатынан типографияҕа түүн дьуһуурнайдыы барбытым. Киэҥ, үрдүк саалаҕа уонча линотип станоктарыгар наборщиктар хаһыат балаһаларын макеттарын таҥан оҥороллоро. Бэчээт станоктарын тыастара, дьон саҥата, типографскай кырааска сыта, аан бастаан киирдэххэ, олох атын эйгэҕэ умсубут курдук буолаҕын. Наборщик кыыс “Кэскил” бастакы балаһатын макетын туттаран баран, кэтэһэн турда. Маннык тыаска, сыкка-сымарга ааҕа-үлэлии үөрэммэтэх буолан, аны долгуйбутум оччо, балачча уһуннук ааҕа сатыыбын да, туох-хайдах суруллубута өйбөр киирэн биэрбэт. Наборщик кыыһым кэтэһэн көрөн баран, атын станокка иккис балаһаны бэлэмнии барда. Бастакы балаһаны ааҕан бүтэрэ иликпинэ, иккис балаһам макетын аҕаллылар, онтон үһүс уонна төрдүс балаһалар кэллилэр. “Метранпаж күүтэр, хаһан ааҕан бүтэрэҕин?» — диэн кыыһым ыксатар. Онон-манан көрө охсон, аҕыйах сыыһаны булан, балаһабын төттөрү биэрдим. Элбэх баҕайы ырычаахтаах, көлүөһэлээх линотип станогар сибиниэс буукубаларын таҥан хомуллубут верстканы ыспакка, наборщиктар гранкалартан сыыһа буукубалары бүргэһинэн сэрэнэн-сэрэнэн таһааран, уларыталлар. Верстка көннөрүллүбүтүн кэннэ, лиис кумааҕыны линотипка баттаан, сигнальнай балаһаны таһаарбыттарын миэхэ туттардылар. Булбут сыыһаларым көммүттэрин көрөн, астына санаан, «барыта сөп» диэн акт докумуоҥҥа илии баттаатым, чаһыытын эмиэ суруйдум. Хайыы-үйэ түүн 3 чаас буола охсубут. Атын редакциялартан кэлбит эмиэ мин курдук, дьуһуурунай-кэрэспэдьиэннэр үлэлэрин эрдэ бүтэрэ охсон, дьуһуурунай массыынанан дьиэлээбиттэр. Мин саамай бүтэһик бүтэн, массыына эргийэн кэлэрин типография үлэһиттэрин кытары кэтэһэ хааллым…
Сарсыарда редакцияҕа кэлэн, бастатан туран, таһаарбыт нүөмэрбин арыйдым. Дьэ, онно саатан кулгааҕым кытаран хаалбытын барбытын билбэккэ да хааллым — бастакы балаһа аллара өттүгэр сыыһаны буллум, иккис балаһа эмиэ сыыһалаах барбыт!
Нөҥүө күн летучкаҕа сиэппэр хатырык уктан киирдим. Николай Степанович Дмитриев, эппиэттиир сэкиритээр, “Кэскилгэ” тахсыбыт сыыһалары хас биирдиитин ыйан, дьуһуурунай кэрэспэдьиэни, миигин, сэмэлиир. Нина Иннокентьевна : «Биһиги хаһыаппыт өрөспүүбүлүкэҕэ саамай сыыһата суох хаһыатынан ааҕыллар. Дьон итинник ытыктабылын ылар элбэх сыллаах сыралаах үлэттэн тахсар…», – диэн аргыый аҕай эппитин наһаа үчүгэйдик өйдөөн хаалбытым.
Уопсайынан даҕаны, редакция летучкатыгар, планеркатыгар, эдэрдэр тугу эрэ сыыстахпытына, ыһыытаан-хаһыытаан мөхпөккө, буруйдаабакка, аргыыйдык ол сыыһалары туоратар суолу ыйыы-үөрэтии буолара. Онон аҕа көлүөнэ коллегаларбытын хомоппот гына, биһигинэн киэн тутталларын курдук гына, үлэлии сатыырбыт. «Кэскилгэ» наһаа иллээх, эйэ-дэмнээх кэллэктиип үлэлиирэ, бырааһынньыктарга биир дьиэ кэргэн курдук мустаммыт ыллыырбыт-туойарбыт, кэпсэтэрбит-ипсэтэрбит. Үлэ кэнниттэн хаалан, саахымат, дуомат оонньуурбут.
…Сотору кэминэн типографияҕа баран дьуһуурунайдыырбыт тохтообута. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттара компьютерынан версткаҕа көспүттэрэ.
«Кэскил» хаһыакка үлэлээбит сылларбын ахтан тураммын, «Бэлэм буол» — «Кэскил» хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүнэн редакцияҕа үлэлээбит кэллиэгэлэрбин, хаһыат бэриниилээх ааҕааччыларын истиҥник эҕэрдэлиибин! «Кэскилбит” салгыы сайдар саҥа суолу булан, аныгы технологиялары туһанан, биһигини, бары ааҕааччылары үөрдэ туруо диэн эрэнэбин!