Августина Владимирова-Хабарова хаһыаппыт «Бэлэм буол» диэн ааттаах эрдэҕиттэн эрэдээксийэ үлэһиттэрин кытта ыкса сибээһи тутуспут биир эрэллээх доҕорбут буолар. Августина Семеновна бэйэтэ айар талааннаах, хас да кинигэлээх уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун айар куттаах оҕолорун айымньыларын мунньан, «Күндээр” диэн хомуурунньугу хас эмэ сыл тухары таһаартарда. СӨ үөрэҕириитин туҋгуна. СӨ суруҋааччыларын, Россия суруналыыстарын соҋууһун чилиэнэ.
Сыл -хонук дииллэринии, «Кэскил» хаһыаты илиибэр туттахпына, билигин да оччотооҕу «Бэлэм буол» диэн кыһыл суруктаах оҕо сааһым маҥнаҋгы хаһыатын көрөр курдукпун. Ол хаһыат эрэдээктэрэ Нина Иннокентьевна Протопопова диэн буоларын, сахалыы тыллаах оҕолор саҋдалларыгар анаан Дьокуускаҋга бэчээттэнэн тахсарын уонна аан дойдуга оҕолорго аналлаах биир соҕотох хаһыат буоларын туһунан Муома ороҋуонун Соболоох 4 кылаастаах оскуолатын учуутала Николаҋ Иванович Слепцов билиһиннэрбиттээх.
Тохсус кылааска үөрэнэр сылбытыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан Мария Николаевна Акимова ананан кэлэн, «Кыраһа» диэн эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын тэриҋбитэ(онтон Ытык-Күөлгэ көһөн, 1 №-дээх оскуолаҕа эмиэ оннук ааттаах поһу тэрийэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлэппитэ). Ол саҕана хаһыат ыыппыт «Мин иҋэм» диэн өҋтөн суруҋуу куонкуруһугар кыттан, кыаҋыылаах уонча оҕо ортотугар бэҋэм ааппын көрөн наһаа үөрбүттээҕим. «Бэлэм буолтан» үгүс саха суруҋааччыларын аҋымньылара, кинилэр хаартыскалара тахсарын көрөн, сэҥээриим күүһүрэн испитэ. Бибилэтиэкэттэн саҥа бэчээккэ тахсыбыт кинигэлэри уларсан ааҕар идэлэммитим.
Савва Тарасов ааптардаах аҋылҕаны хоһуҋар хоһоонноох кинигэни астына аахпытым туһунан сурук суруҋан «Кэскилгэ» ыыппытым. Онтон аны Иван Гоголев араҕас тастаах хоһоонноох кинигэтин биир тыынынан аахпытым. Бүтэрэн баран, кинигэ кэннин көрбүтүм, “Якутск. Книжное издательство» диэн суругу көрөн, «бу дьон биир дьиэҕэ олороллор эбит дуу” дии санаат, сурук суруйан ыытааччы буолбуппар, харда суруктар кэлэн соһуппуттара.
Кэлин, Иван Михаҋловиһы уонна Савва Ивановиһы тоҕоостоох кэмнэргэ көрсүһэн, үлэбэр сөптөөх сүбэлэрин-амаларын, өҋөбүллэрин ылан, үгүстүк туһанарым. Ол туһунан үөрэнээччилэрбэр да, биир идэлээхтэрбэр да, кэпсиирим, сорохтор илэ истибиттэр, көрбүттэр да бааллар. Онон оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн аахпыт хаһыатым миэхэ тус бэҋэбэр, учуутал быһыытынан үүнэн-саҋдан тахсарбар олоҕум устатын тухары арыаллаан кэлбитинэн — ураты күндү.
1983 сыллаахха Саха государственнай университет саха салаатын бүтэрэн, Орто Халыма Эбээх 8 кылаастаах оскуолатыгар 5 сыл учууталлаабытым ( кэлин санаатахха, олус хорсуннук сылдьыбыт эбиппин). Бу кэмҥэ да «Бэлэм буолбун» умнубаппын, икки төгүл сааскы уһун өрөбүллэргэ 10-нуу үөрэнээччини итиччэ ыраах улуустан сөмөлүөтүнэн көтүтэн аҕалан, «Бэлэм буолбутугар» ыалдьыттатан, оччотооҕу эрэдээксиҋэ үлэһиттэрин кытта көрсүһэн барбыттаахпыт.
1989 сылтан 10 сыл устата Мэҥэ Хаҥалас Томторугар учууталлыыр сылларбар «Кэскил» хаһыаты кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээн, «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ», » Иитэр үлэҕэ — Грант» улахан күрэхтэригэр кыаҋыылаахтар ахсааннарыгар киирсэн, үөрүү өрөгөҋүн билбиппит.
Мэҥэ Хаҥалас суруҋааччылара Иннокентиҋ Михаҋлович Сосин, Константин Ильич Сосин оҕолорго аналлаах үгүс аҋымньылара «Кэскил» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. Редакция үлэһиттэрин кытта чугастык билсиһэллэрэ, араас тэрээһиннэригэр кыттан, «Кэскил» хаһыат салалтатыттан элбэх махталы туппуттара.
2000 сылтан В.П.Ларионов аатынан Маҋа орто оскуолатыгар саха төрүт култууратын үөрэтэрим таһынан , «Мэҥэбил»диэн эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын салаҋар сылларбар «Кэскилбитин» кытта өссө чиҥник үлэлээбиппит, үгүс кыаҋыылары ситиспиппит. Бу үлэбитигэр эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта быһаччы үлэлэһэр Таисия Алексееваны кытта ордук элбэхтик алтыспыппыт. Таисия Ивановна өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын салаҋааччыларын ааҕа билэн, барытын хонтуруоллаан, илдьэ сылдьыбыта. Биирдэ ардахтаах күҥҥэ соно суох кэлэн хаалбыппар, бэл, кэтэ сылдьар пылааһын кэтэрдэн абыраабыттаах. Ону таһынан, оччолорго сибээс мөлтөҕөр, бэҋэтэ үлэ чааһын кэнниттэн, дьиэтиттэн да анаан сакаастаан, төлөпүөнүнэн эриҋэн, хаҋаан да, туох саҥа уларыҋыы, тэрээһин, куонкурус буоларын биллэрэр буолара.
Билигин «Мэҥэбили» Изабелла Романова аныгы олох хаамыытынан кыаҋа-хото үлэлэтэн , үрдүк кэрдиискэ таһааран саҥалыы тыыннаабыта сүргэни көтөҕөр. Изабелла Яковлевна — Мэҥэ Хаҥалас улууһугар салаҋан илдьэ сылдьар «Таммахтар» холбоһугум биир кэскиллээх ааптара, Арассыыҋа суруналыыстарын соҋууһун чилиэнэ.
Олоҕум биир чаҕылхаҋ түгэнинэн Нина Иннокентьевна Протопопова эрэдээктэрдээх «Кэскил» хаһыат мэктиэлээһининэн 1999 сыллаахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туҋгуна” диэн үрдүк аатынан бэлиэтэниибин ааттыыбын.
Билигин, олохпут олус түргэнник элээрэн ааһарыныы, хаһыаппытыгар да уларыҋыылар хото кииртэлээтилэр… Мин ити уһун, эмиэ да бэрт кылгас кэмнэргэ, учууталлыы, эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта үлэ оргуҋар үөһүгэр сылдьан, ордук истиҥник сылаастык алтыһан ааспыт дьоннорбун ааттыталаан ааһарым, кинилэргэ хас биирдиилэригэр махталым бэлиэтинэн буолуохтун. Ол курдук, хаҋа да кэмҥэ, бириэмэҕэ, түгэҥҥэ кинилэри кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, ону-маны ыҋыталаһан, ыҋдаран, арыт күлэн-үөрэн араас сирдэргэ, тэрээһиннэргэ да сырыттахха мэлдьи сахалыы, истиҥник-иһирэхтик эппиэттэһэн арыт өҋөбүл-тирэх буолан кэлбит «Кэскилим» бастыҥ-баҋылыат үлэһиттэрэ буолаллар.
Кинилэртэн, биллэн туран, бастакынан, Ытык киһибит Нина Протопопованы ааттыыбын, маны таһынан- Варвара Угарова, Николаҋ Васильев, Екатерина Третьякова,Евдокия Иринцеева, Александр Васильев, Анатолий Павлов, Татьяна Жиркова, Наталья Ефремова, Анисия Иевлева, Василий Пак, Иван Андросов, Василий Иванов, Марина Лыткина, Георгиҋ Белоусов,Жанна Леонтьева, Миэль Юмшанова, Александра Курилкина, Лия Устинова уо. д.а.
Оҕо-аҋмах кутун тутан кэлбит «Кэскил»-“Бэлэм буол» хаһыат инникитин да өссө өрө күүрүүлээхтик, олох хаамыытын хоту тахсыылаахтык үлэлээтин, ааҕааччылара, өҋөөччүлэрэ саҥаттан саҥа чыпчаалларга сэргэстэһэн тахсан иһиэхтэрэ буоллун!