«Кэскил» редакциятын үлэһиттэрэ хас биирдиилэрэ хаһыаттарын туһугар кыахтара, өйдөрө-санаалара, билиилэрэ тиийэринэн кыһаллан, үлэлээн-хамсаан, ыстатыйалары суруйан, араас тэрээһини, сүлүөтү, куонкуруһу ыытан кэллэхтэрэ… Оҕо хаһыата буоларбыт быһыытынан, ордук оҕолор илэ-чахчы түмсэр, ыкса билсэр тэрээһиннэрин — эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин, чорботуохпун баҕарабын. Эрэдээктэри солбуйааччы Анисия Михайловна Иевлева үлэлиир кэмигэр сүлүөттэрбит чахчы чаҕылхайдык бараллара диэн бигэтик этэбин. Анисия сценарийы бэйэтэ суруйан, бэйэтэ сахалыы уус-уран тылынан, уу сүүрүгүн курдук, тохтообокко саҥаран-иҥэрэн, этэн-тыынан, сүлүөт тэрээһиннэрин өрө күүрүүлээхтик ыытан, оҕолор, учууталлар санааларыгар ураты өйдөбүлү хааллардаҕа. Ол эдкордарбытын кэлин көрүстэххэ: «Наһаа үчүгэй сүлүөттэр этилэр! Өссө буолуо дуо?»- дииллэрин элбэхтэ истибитим… Бүгүн РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Анисия Иевлева «Кэскилгэ» үлэтин-хамнаһын туһунан ахтыытын бэчээттиибит.
Таисия Алексеева.
ӨЙБҮН-САНААБЫН УУРАН ТУРАН ҮЛЭЛЭЭБИТИМ
Нина Иннокентьевна Амма Аччыгыйын туһунан ахтыытыгар сабыдыал туһунан үчүгэй баҕайытык эппит: “Киһи киһиэхэ сабыдыалын тылынан хайдах сатаан быһааран суруйуоххунуй? Ол сабыдыалы эн күннээҕи олоххор хайдах да тутан ылбаккын. Үчүгэй дуу, куһаҕан дуу сабыдыалга оҕустарбыккын бэйэҥ да билбэккэ хаалыаҥ”.
Тус бэйэбэр “Кэскил” хаһыакка үлэлээбит хас биирдии кэллиэгэм сабыдыаллаабыта чахчы. Тоҕо диэтэххэ, мин личность быһыытынан ситиим-хотуум, өйүм-санаам чочуллуута, майгым-сигилим оҥоһуллуута — барыта манна ааспыта: эрэдээксийэ аанын бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан, 17 саастаахпар, арыйан киирбитим уонна 38-пар үлэлээн бүппүтүм. Ол аата 21 cыл, атын ханнык да тэрилтэни билбэккэ, наар биир эйгэҕэ буһан-хатан хатарыллыбыппын. Ол иһин бииргэ үлэлээбит дьоммун барыларын хаан-уруу чугас аймахтарым курдук саныыбын.
“Кэскилбэр” ис сүрэхпиттэн кыһаллан, хаһыатым тупсарын-сайдарын туһугар өйбүн-санаабын, сатабылбын ууран туран үлэлээбитим диэн киһиргээбэккэ уонна кыбыстыбакка кырдьыгынан этэбин уонна ахтыыбар ол туһунан кэпсииргэ соруннум.
Саамай үлэлээхтэри
Түөрт мэлдьи тахсар сыһыарыыттан үһүн мин оҥорор этим: үрдүкү кылаастарга “Дьулус”, Александра Курилкина атын үлэҕэ көһүөҕүттэн ыла дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт “Биһик” уонна эдэр кэрэспэдьиэннэр тэрээһиннэрин сырдатар “Куорсун”. Александра Николаевнаттан бэрээдэк, сиэр-майгы туһунан “Сап саҕаттан”, Евдокия Семеновнаттан кыргыттарга аналлаах “Айыынаны” тутан хаалан, хас да сыл таһаара сылдьыбытым. Шура: “Оо, саамай үлэлээх сыһыарыылары, балаһалары бэлэмниир эбиккин”, — диэн эппитин санаан кэллим. Бэйэтэ эмиэ ону ааспыт буолан, бэркэ өйдүүр буоллаҕа.
Кырдьыга да, психологтары, социологтары, быраап, полиция үлэһиттэрин, тустаах исписэлиистэри кытта ыкса үлэлэһэрим, артыыстартан, ыччат сэҥээрэр дьонуттан интервью ыларым. Биирдэ биир юнкорпост салайааччыта: “Бүттүүн бүөмнээн” рубрикаҕа таптал туһунан араас ааптар аатыттан айбыт кэпсээннэргин, улаатан эрэр оҕолор проблемаларын ырытар “Аһаҕастык кэпсэтиэх” матырыйаалларын, майгы-сигили, дьоннуун, төрөппүттүүн сыһыан туһунан “Уйулҕа” сүбэлэрин, тургутуктарын түмэн, кинигэ курдук оҥорон, иитэр үлэбэр туһанабын, оҕолорго аахтарабын. Олус сэргииллэр. Бэйэҥ кинигэ гына бэчээттэт ээ, актуальноһа хаһан да сүппэт тиэмэлэр дии, атыыга хамаҕатык барыаҕа”, —диэн сүбэлээбитэ. Оттон Коля Кривошапкин өссө үөрэнээччи эрдэҕинэ этэр буолара: “Эстрада ырыаһыттарын туһунан матырыйаалларгынан кинигэтэ таһаартар”, — диэн. Ээ, ону мин күлэн эрэ кэбиһэрим, суруйууларбын улаханнык суолталаабат этим. Өрүү миигин өйүүр, сүбэлиир-амалыыр чугас киһим Таисия Ивановна Алексеева: “Урут “Бэргэн” пресс-агентство балаһатыгар юнкордары жанрдарга эҥин үөрэтэриҥ дии. Оннук курдук методичката оҥорбоккун дуо?”—диэн, хаста да көҕүлүү сатаабыта да, “кэбис” диир киэппин кэтэн: “Ону учуонайдар оҥороллоро ордук”,— диирим. Арыый киирпиччэ соҕуһум, барытыгар чэпчэкитик сыһыаннаһарым эбитэ буоллар, баҕар, билигин “кинигэлэрдээх” суруналыыс буолан олорор буолуом этэ.
“Кэскил” фаната
Хаһыат хас биирдии нүөмэрэ интэриэһинэй буолуон олус баҕарарым. Ол туһуттан балаһалар оҥоһууларын дизайнердарга хаста да уларыттаран, кыайардыы диэххэ, Коля Гольдеровы субуотаҕа кытта кэлэн уруһуйдууругар сорудахтаан, айар үлэһиттэргэ: “Балаһаларгытын оҕо суругунан эрэ толорбокко, сырыы аайы сонуну-саҥаны бэйэҕит булан суруйуҥ”, — диэн этэн, баҕар, ыгылытан да, кыынньаан да ыларым буолуо. Ол эрээри хаһыат эрэ туһугар кыһалларбын өйдүүллэр эбит. Ону кэлин үлэлээн бүтэн баран билбитим: көрсүбүт дьонум суохтуулларын этэллэрэ, “Төттөрү кэлбэккин дуо?” – дииллэрэ, саҥа үлэһиттэргэ холобур гына кэпсииллэр үһү – ити буоллаҕа сыралаах үлэ сыанабыла.
Маша Горохова: “Олох “Кэскил” фанатаҕын дии. Жанна эмиэ”, — диэн эппитигэр, хайдах эрэ, өһүргэниэх курдук буолбутум да, чахчыта да, оннук этэ. Кэлиҥҥи сылларга букатын да наар үлэбин эрэ саныы сылдьар буолан хаалбытым: “Хаһыат кэлэр нүөмэригэр тугу былаанныыбыт? Туох тэрээһини өссө ыытабыт? Ааҕааччыны хайдах элбэтэбит? “Азия оҕолоро” буолара чугаһаата, тиэмэлэринэн үллэрэ охсуохха”, о.д.а. диэн.
Аҥаардас ийэ буоларбынан, кыра оҕолоохпунан эҥин хаһан да куоһурдаммат, үлэттэн куотуммат этим. Төттөрүтүн, саамай элбэхтэ командировкаҕа сылдьарым. Тус рекордум — биир нэдиэлэ иһигэр үс араас улууска утуу-субуу баран кэлбиттээхпин.
Кыаҕым баарынан кыһалларым
Хаһыат үлэтигэр саамай биһириирим – матырыйаал суһаллык тахсарын. Бэйэбиттэн да оннугу ирдиибин. Ньурбаҕа сүлүөт ыытан, субуота түүн кэлэн баран, баскыһыанньаны быһа утуйбакка биир нүөмэри барытын бэлэмнээн, бэнидиэнньиккэ эрдэ тиийэн, Нина Иннокентьевнаҕа киллэрэн, оҥоһуллубут нүөмэри бэчээттэн уһултаран, бээтинсэҕэ 8 балаһа барыта Бүлүү бөлөх эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтүн (2011 с.) туһунан тахсыбыта.
Бу кэнники 80 сыллаах cүлүөт кэмигэр, хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри салайсан-ыытыһан баран, аны түүннэри ол күн буолбут тэрээһин туһунан суруйа охсон, сарсыныгар дизайнердарга оҥорторо биэрэн испитим түмүгэр, субуотаҕа саҥардыы бүппүт сүлүөтү сырдатар нүөмэр номнуо оптуорунньукка тахсыбыта. Сорох-сорохтор: “Дьиэбитигэр тиийэ да иликпитинэ, дьоммут ааҕан билэ олороллор этэ. Дьэ, “кэскиллэр” оперативнай дьоҥҥут”, — диэн хайҕаабыттарын үөрэ истибитим.
Уопсайынан, сүктэриллибит балаһаны, тиэмэни, сыһыарыыны аҕыйахта таһааран баран, быраҕан кэбиһэллэриттэн хомойобун. Эпэрээссийэлэммит күммэр “Дьулуспун” бэчээттии олорорбун көрөн, палаатаҕа бииргэ сыппыт кыыһым: “Бу оччо ыксаллаах дуо?” – диэн ыйыппытыгар, мин: “Тохсунньутааҕы нүөмэри көтүппэккэ таһаарыахпын наада”, — диэбит үһүбүн. Балаһалар тахсар бэрээдэктэрэ кэһиллэрин, уочараттара ыһылларын сөбүлээбэппин. Ол кэриэтэ утуйбакка, өрөбүлбэр сынньаммакка, хайдах да балаһыанньаҕа оҥорорго кыһаллабын. “Эттилэр – булгуччу баар буолуохтаах” диэн бириинсиптээхпин.
Аҥаардас ол тематическай эрэ балаһаларынан олорбот этибит. Күннээҕи суруйуу, командировка сонуна үгүс буолара. Суруналыыс быһыытынан сайдыыбар улаханнык сабыдыаллаабыт киһим — А.В. Васильев-Көрдүгэн. Кинини көрөн, суруйар матырыйаалга кичэллээх буоларга үөрэммитим. Көрдүгэн дьон матырыйаалын бэйэтэ эбэн-сабан, онно сыһыаннаах информациянан ситэрэн-кэҥэтэн биэрэр үтүө өрүттээх. Ол үчүгэй хаачыстыбатын үтүктэ сатыыбын.
Сүүспэр “сулуһум”
Саҥа үлэлии киирбитим кэннэ, летучкаҕа дакылаатчыт оҥорбуттара. “Сонун киһи саҥа хараххынан хаһыат итэҕэһин-быһаҕаһын үчүгэйдик кириитикэлээр эрэ”, — диэн сүбэлээбитэ биир кэллиэгэм. Мин ону көнөтүнэн ылынаммын, букатын сурук бэлиэлэригэр тиийэ барытын ыйан, ымпыктаан-чымпыктаан ырытан кэбиспитим. Кэлин билбитим, сорох уопуттаах суруналыыстар ону сөбүлээбэтэхтэр эбит. Ол өһүргэнии тыына миигин өр хаарыйбыта… Төһө да: “Кэм мин киирэн биэрэ сылдьабын”, — диэн кэмсиннэрбин да, ол сөптөөх бэлиэтээһиннэр хаһыат матырыйаалларын хаачыстыбата тупсуутугар сабыдыаллаабыта.
Евдокия Семеновна биирдэ: “Бары эн курдук сүүстэригэр “сулустаах” кэлбэттэр ээ. Эдэрдэри үөрэттэххэ-такайдахха эрэ сайдаллар буоллаҕа”, — диэн эппитэ. Ол тоҕо “сулустаах” диирин дьиибэргээбитим. Онтуката мин, чахчыта да, биирдэ да планеркаҕа сэмэлэммэтэх эбиппин. Нина Иннокентьевна сэкирэтээр Наталья Ефремоваҕа: “Ася үөрэтиигэ наадыйбат бэлэм суруналыыс буоллаҕа”, — диэн бастакы сылбар хайҕаабытын билиҥҥэ диэри ахтар. Манна даҕатан эттэххэ, “Кэскил” — каадыры үүннэрэн таһаарыыга бэртээхэй кыһа. Бүөбэйдэһэн, мөлтөх да суруксуту үчүгэй суруналыыс оҥороллор. Атын эрэдээксийэлэргэ оннук бодьуустаһалларын көрбөтөҕүм.
Нина Иннокентьевна өссө үлэһиттэрин чиэстиир-бочуоттуур үтүө үгэстээҕэ. “Оҕо хаһыатын суруналыыстара диэн намтата санаабаттарын туһуттан улахан наҕараадаларга дьоммун түһэрэбин”, – диирэ. Чахчыта да, “Кэскилгэ” баар дьон үксэ ааттаах-суоллаах. Мин Е.С. Иринцеева кылаабынай эрэдээктэрдээн олорор кэмигэр СӨ Үөрэҕириитин туйгуна уонна Н.И. Протопопова аатынан бириэмийэ лауреата буолбутум. Ол кэнниттэн өссө Бэчээт туйгунугар түһэриэн баҕарбытын истэн, олох аккаастаммытым. Онуоха Евдокия Семеновна: “Онто да суох эйиэхэ наҕараада наһаа ыараханнык кэлэр ээ. Ону эн бэйэҕинэн бу утарылаһа олороҕун”, — диэбитэ. Ол кини 2014 сылга диэри наар мүччү-хаччы түһэ сылдьыбыппын эппитэ. 2006 сыллаахха “Бэлэм буол” 70 уонна 2011 сыллаахха 75 сылларын бэлиэтиирбитигэр сыанаҕа туох да наҕараадата суох мин эрэ соҕотох туран хаалбыттааҕым. Бастакытыгар оҕобун көрөн олорорбун иһин умнубуттар быһыылааҕа, иккиһигэр Ыччат бэлиитикэтин туйгунугар түһэрбиттэрэ, бэлиэтэ сүтэн хаалбыт дуу, миниистир уларыйбыт дуу этэ. Ол эрээри онно бэйэм наадыйбатаҕым, арай бары: “Оо, саамай үлэһит киһибитигэр”, — дииллэрэ, хайдах эрэ, аһыннарыылаах баҕайытык иһиллэрэ. Хата, ол кэнниттэн үбүлүөйдээх ыһыахпытыгар постар салаайааччылара, учууталлара кыттыһан, бэлэх биэрэн үөрдүбүттэрэ.
Эбии ноҕоруускам элбэҕэ
Оҕобор олорон тахсыбыппын кэннэ, Нина Иннокентьевна ыҥыран ылан: “Жоралаах, Оксаналаах, Шуралаах глянцевай сурунаал таһаарар баҕа санаалаахтарын туһунан эппиттэрэ да, тоҕо эрэ тохтоон хааллылар. Ыл, эн оҥорон көр эрэ”, — диэбитэ. Эттилэр – хайаан да толоробун. Ол курдук, 2007-2010 сылларга үрдүкү кылаас оҕолоругар аналлаах “Үрдэл” диэн сурунаалы таһаара сылдьыбыттаахпыт. Макыатын Оксана Борисова таҥара. Тустаах үлэбит таһынан, эбии ноҕуруускабыт этэ. Чэ, ол таһаарара диэн кыра. Батарыыта баара – уустук дьыала. Оруобуна 10 нүөмэр 2000-лыы эксэмпилээринэн бэчээттэммитэ. Ол аата 20 тыһыынча кэриҥэ сурунаалы (300-чэкэ устууканы эрэдээксийэм үлэһиттэрин көмөтүнэн) атыылаабыт эбиппин. Билигин билинэбин – наһаа ыарахан этэ. Нина Иннокентьевнаны эрэ үөрдээри, эрэдээксийэбэр дохуот киллэрээри, тугу да эппэт этим. Харчы аҕаллахпына, Нина Иннокентьевна Оксаналаах Наташаны ыҥыран, төһө суума буолбутун аахтарара. Ол үбүнэн 60 тыһыынчаттан тахсалаах фотоаппарааты, өссө көмпүүтэр эҥин ылбыппытын өйдүүбүн. Бүтэһик “Оҕолор уонна маастардар” күрэхтэһиини барытын ол суотугар тэрийбиппит. Дьиэлэригэр баралларыгар, аны хас биирдии оҕоҕо 500 солк. биэрбиппит, дьонноругар кэһии ыллыннар диэн. Онтон да элбэххэ “чернай кассабыт” туһалаабыт буолуохтаах.
2008 күһүн уоппускаттан кэлбиппэр, Нина Иннокентьевна эмиэ ыҥыран ылан: “Сурутуубут түстэ. Сайыҥҥы 3000-тан эрэ тахса. Онон эйигин отдел сэбиэдиссэйэ оҥоробун. Сурутууну үрдэтэргэ үлэлээ”, — диэбитэ.
Ноҕуруускам өссө улааппыта. Ол эрээри оччолорго оннук санаабат этим. Хаһыатым, “Үрдэлим”, юнкордарым, куонкурустарым… Ону таһынан аны өрөспүүбүлүкэ хас биирдии оскуолатыгар эрийэн, сурутууга үлэлэһэллэригэр ыҥырарым. Син 500-чэкэ учуутал иннин ылан, сурутууга агенынан анаабытым. Ааттарын-суолларын, дойдуларын ыйан туран, “Кэскилгэ” испииһэктээн таһаарбытым. Бэйэлэрин ааттарын көрөн, хайыахтарай, үлэлииллэригэр тиийдэхтэрэ дии. Олору аны хонтуруоллаан, күнү быһа төлөпүөҥҥэ ыйанарым. Ити 206 кэбиниэккэ олорор сылларбар. Оннук гынан, кыһыҥҥы сурутуу ахсаанын 7777 эксэмпилээргэ тиийэ элбэппитим. Нина Иннокентьевна: “Маладьыас, 4000-та эйиэнэ”, — диэн эҕэрдэлээбитэ. Оттон хас биирдии хаһыат иһин төһөлөөх кэпсэтии, сыра-сылба бараммытын, ааттаһыы-көрдөһүү, ааранан албыннаһыы, сороҕор модьуйуу буолбутун бэйэм эрэ билэн эрдэҕим…
Эрэдээксийэм туһугар
Суруналыыстар бириис булуутугар эмиэ үлэлэһэрбит. Бииргэ үөрэммит уолум, “Кэскил” урукку юнкора Руслан Платоновы “хайытан”, “Бэргэн” пресс-агентство ыытар “Бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэн” күрэҕэр ноутбук биэрэрин ситиспитим. Бэйэм туспар хаһан да итинник туруорсуом суоҕа этэ, оттон уопсай дьыала туһугар, төһө да көрдөһөрбүн кыбыстар буолларбын, олох харса суохпун киллэрэн, “ээҕин” ылбытым. Ону кыайыылаах Анджела Бабановаҕа (Таатта Харбалааҕа) туттарбыттара. Таисия Ивановна “Түүнүн кэлэн түннүкпэр” куонкуруһугар түннүк сахалыы сабыытын бириис быһыытынан туруораары, “Кэрэ” ательеларга тиийэн: “Эһиги тускутунан элбэх төрөппүт ааҕар хаһыатыгар суруйуом, реклама буолуо”, — диэн дуогабардаспыппын өйдүүбүн. Чэ, оннук араас ньыманан, баартардаһан-мэнэйдэһэн, бирииһи син буларбыт.
Эрэдээксийэ аатыттан ырыа, үҥкүү, оһуохай куонкурустарыгар, идэлээх сойуустар бэстибээллэригэр өрүү кыттарым, кэллиэгэлэрим үбүлүөйдэрин тамадалаан ыытарым, араас көрдөөх сыаҥкалары сценарийдаан суруйарым. 2007 сыллаахха суруналыыс кыргыттар ортолоругар “Леди СМИ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэскэ бастаабытым.
Сөҕүмэр сүлүөттэр
Дьааҥы Баатаҕайыгар, Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар, Таатта Харбалааҕар, Ытык Күөлүгэр, Кыйытыгар, Чурапчыга, Уус Алдан Бороҕонугар, Ньурбаҕа, Бүлүү куоратыгар, Илбэҥэтигэр, Үөһээ Бүлүүгэ, өссө Ороһутугар, Сунтаар Элгээйитигэр, Кэбээйигэ, икки сыл субуруччу Дьокуускай “Сосновый бор” сынньалаҥ киинигэр, ХИФУ “Смена” профилакторийыгар оҕолору олордон эрэ, ааттаах улахан сүлүөттэри тэрийэн ыыппыппыт.
Улуустар киэннэригэр кэлин эрэдээксийэттэн элбэх киһи барсар буолбута. Онон бирииһэ да улааппыта. Ол иннинэ наар биир-икки суруналыыһы илдьэ барарым. Билигин саныыбын ээ, ол сүлүөттэри кэллиэгэлэрим көрбүттэрэ эбитэ буоллар диэн. Сүүһүнэн оҕону түмпүт сөҕүмэр тэрээһиммит бэйэбит эрэдээксийэбитигэр биллибэккэ да ааһар быһыылааҕа. Ол иһин, дьэ, сорунан туран, бу кэпсээн эрэбин. Оччолорго итиччэлээх киэҥ далааһыннаах үлэни ыытан баран, аҕыйах тылынан: “Этэҥҥэ буолан ааста”, — эрэ диирим. Дэлэҕэ Нина Иннокентьевна: “Чэ, хаһыаккар суруйбуккуттан ааҕаа инибин”, — диэ үһү дуо?
Оо, оннук сүлүөттэри ыытыы сыралаах үлэттэн тахсара. Аҥаардас 80 сыллаах үбүлүөйбүтүн бэлиэтиир сүлүөт чэрчитинэн ыытыллыбыт “Бэлэм буолтан” “Кэскилгэ” хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ бэлэмниир олус түбүктээҕэ. Бастаан кыттарга көҕүлээн, элэ-была тылбын этэрим, онтон сүлүөккэ кэлбит араас улуус 125 оҕото бары “Кэскил” устуоруйатыгар, ис хоһоонугар чинчийэр үлэни оҥороллоругар, тиэмэтин, суолтатын, хайысхатын, о.д.а. ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан, төлөпүөнүнэн салайааччыларын кытта быһаарсан, научнай консультант буола сыспытым. Ол дакылааттара барыта билигин да баар. Кинигэ оҥорон туһаараары, үп көрдүү сатаабытым да, салалта өйөөбөтөҕө.
2014 сыллаахха цирк уораҕайыгар “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата буолбуппут биир сылын бэлиэтээбиппит. Ол чэрчитинэн “Кэскил рекорда” куонкурус кыайыылаахтарын эҕэрдэлээбиппит. Бу күрэхтэһиини “Бэргэн” пресс-агентство салайааччыта Таисия Алексеева кылаабынай эрэдээктэрбит Н.И. Протопопова, тустаах дуоһунаһыгар 50-тан тахса сыл үлэлээн, “Россия рекорда” кинигэҕэ киирбитин чиэстээн, икки сыл устата ыыппыта. Ол бырааһынньыкка көрөөччү олорор 700 миэстэтэ барыта туолбута. Оччолорго дириэктэрбит А.П. Гоголев: “Наһаа долгуйбутум, саала кураанах буолара буолуо диэн. Хайдах толордуҥ?” – диэн соһуйан ыйыппыта. Дьиҥэр, онно икки куобаҕы тэҥинэн өлөрбүтүм – сурутууну үрдэппитим уонна көрөөччүнү хааччыйбытым. “Квитанцияҕытынан лотереяҕа оонньуугут”, — диэн куоһурданан, оҕом үөрэнэр Cаха политехническай лиссиэйин алын сүһүөх кылааһын 400-чэкэ үөрэнээччитин “Кэскилгэ”суруйтарбытым. Онно эбии хомуска рекорд олохтообут Саха гимназиятын хомусчуттарын Н.П. Жерготова аҕалбыта. Ол оннугар, киһи күлүөх, ити сылы быһа нэдиэлэ аайы 400-чэкэ устуука хаһыаты бэйэм оптуобуһунан 14-с оскуолаҕа таһар чиэскэ тиксибитим. Киоскаҕа 200 солкуобайга сурутуу усулуобуйата оннук этэ – бэйэҥ ылан тиэрдиигэ. Ону да, ол икки мөһөөхтөрүн харыһыйан, сорох төрөппүттэр саҥарбыттара: “Аахпат хаһыаттарын күүскүнэн күһэйэҥҥин”, — диэн. “Кэскил” туһугар оннооҕор буолуоҕу тулуйбут киһи кыһамматаҕым. “Аата, арыгыны атыылаабыт буоллахпыный”, — диэн уоскутунарым.
Туох да киэргэтиитэ суох бэртээхэй сүлүөттэри тэрийэрбит. Икки сыл субуруччу 100, 150 үөрэнээччини “Сосновый бор” сынньалаҥ киинигэр ыҥыран, 21 хонук устата “аралдьыппыппыт”: күн аайы маастар-кылаастар, биллэр дьоннуун көрсүһүүлэр, күрэхтэһиилэр, о.д.а. Джиданы, Талбаны, Георгий Белоусовы, Игорь Говоровы, Афанасий Афанасьевы уо.д.а. медийнэй дьону оҕолорго аҕалан көрсүһүннэрбиппин астына саныыбын.
Мин дьоллоохпун – Нина Иннокентьевна Протопопова, Варвара Николаевна Угарова курдук киһи быһыытынан үтүөкэн дьону кытта бииргэ алтыһан ааспыппыттан, Т.И. Алексеева, М.М. Юмшанова, О.М. Шамаева, Ю.Ю. Слепцова, А.Н. Курилкина, Н.П. Васильев., Н.С. Дмитриев, А.В. Васильев,Т.И. Жиркова, А.Н. Павлов, И.А. Андросов, Е.С. Иринцеева, В.П. Иванов, Е.Г. Юмшанова, Л.А. Устинова, М.П. Решетникова, В.Н. Пак, Е.А. Третьякова, С.Г. Мухина, Д.Н. Мухин, Н.Ф. Гольдеров, А.С. Собакина, Р.Н. Чайнова, А.С. Жиркова, О.А. Борисова, О.М. Кириллина, Ж.В. Леонтьева, А.Н. Аргунова, З.А. Михайлова, М.П. Лыткина, М.В. Кондратьева, М.М. Горохова уо.д.а. бэйэлэрэ туспа уратылаах, кэрэхсэбиллээх олохтоох, талааннаах дьону кытта айа-тута үлэлээбиппинэн. Хас биирдиилэрин туһунан элбэҕи ахтан суруйуохпун сөп.
Үлэлээн бүтэн барарбар, арааһа, харыһыйан быһыылаах, кыыһырбыттар, өһүргэммиттэр да бааллара. Барбыт дьиҥ төрүөтүм — “уонна туох да саҥаны аныгы ыччакка биэрэрим суох быһыылаах” диэн толкуйдаан, “ресурсум” бараммыт курдук сананан, онно эбии тус олохпор күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэрэ, үлэлиир эйгэбит тыҥааһыннаах буолбута дьайбыта. Онон эмискэ уурайарга быһаарыммытым. Чахчыта да, Сардаана Сыромятникова курдук саҥаны-сонуну саргылыыр, мультимедийнай суруналыыстыканы көҕүлүүр, үс тылынан медиа-оскуоланы тэрийэргэ сыаллаах салайааччылар кэлбиттэригэр, хайдах эрэ, бэйэм ыытар маастар-кылаастарбын, тутуспут сахалыы хайысхабын, юнкорпостарынан күрэхтэһиннэрэр сүлүөттэри былыргылыы курдук санаабытым, суолу аныгылыы толкуйдаах дьоҥҥо туран биэрэр уолдьаспытын билиммитин. Ол эрээри ол бэйэбэр эрэ билиммитим. Оттон таспар оннук эппэтэҕим. Ол иһин эрэдээксийэм дьоно тоҕо соһуччу баран эрэрбин таайа сатаан, араас биричиинэнэн быһаарбыт этилэр.
Туох барыта кэмнээх. Мин эмиэ олус уһаабакка, наһаа кылгастык буолбакка, оруобуна 20 сылбын “Кэскилгэ” анаабытым. Умсуура Гималай хайаларыгар үөрэнэ-олоро барарыгар, кэбиниэппэр киирэн кэлэн: “Эйигин таныктаах курдук көрөбүн. Мин оннубар “Далбар Хотуҥҥа” хаал эрэ”, — диэбитэ. Ону мин: “Ээ, суох, эһиил “Кэскил” 80 сылын тэрийиэхпин наада”, — диэн аккаастаммытым.
Чахчы, ол сорукпун толорбутум: эрэдээксийэ үлэһиттэригэр үлэни үллэрэн, хас биирдии киһи туохха эрэ эбээһинэстээх буоларын ситиһэн, үрдүк таһымнаах “Мисс Кэскил”, “Кэскил Боотур”, “Бастыҥ салайааччы” куонкурустары, НПК-ны, быыстапканы, о.д.а тэрийэн ыыппыппыт. Эрэдээксийэ биэс сыллаах үлэтин, биири да хаалларбакка, барытын түмэн, үбүлүөйгэ анаммыт бэртээхэй кинигэни бэлэмнээбиппит. Ол хаарыан фотоальбому типографияҕа бэчээттэппэтэхтэрэ.
“Кэскилтэн” тохтуурбар, хаһыаппын уонна юнкорпостарым салайааччыларын ордук харыһыйбытым. Кинилэргэ уонна эдэр кэрэспэдьиэннэргэ элбэх үтүө түгэни бэлэхтэспит эбиппин. Ону ахтыыларыттан ааҕан, дьоҥҥо кэпсииллэриттэн истэн үөрэбин. Хаһыат төрөөбүт күнүгэр, ыам ыйын 15 күнүгэр, аан дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн күнүн бэлиэтииллэр. Ити икки бэлиэ даатаны холбоон, сылын аайы “Кэскили” – ыал аайы” аахсыйаны ыытарым. Юнкорпостар оскуолаларыгар дьиэ кэргэн күрэхтэһиитин, сурутууну тэрийэллэрэ, ону отчуоттууллара. Кэлиҥҥэ сылларга ити күн Национальнай бибилэтиэкэҕэ “Ааҕааччы дьиэ кэргэн” биктэриинэни ыытар буолан испиппит.
Интэриниэт ситимэ тэнийэн, хаһыат тиражтара түһэн саҕалаабыт быыһык кэмҥэ ааҕааччы ахсаанын тутан хаалыыга туруулаһан, хаһыат ис хоһоонун бириэмэ хардыытын кытта дьүөрэлииргэ кыһаллан, тэрийэр үлэҕэ саҥа сүүрээннэри киллэрэн, айымньылаахтык үлэлээбит эбиппин.