Тааһаҕар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Кэскил» хаһыат туһунан хоһооннорун көрүҥ, сэргээҥ!
История омоон суолунан
Мин саастыы оҕолор
Дьарыктарын билиэҕим,
Өҥнөөх- ойуулаах
Хаһыаты ааҕаммын.
Ребустары таайыахха,
Таабырыннаһан да ылыахха,
Кроссворду толоруохха,
Тургутугу да ааһыахха,
Саҥаны — үгүһү билиэххэ,
Сырдыкка талаһыахха.
Сонун кинигэни билэргэ,
Чахчыны бигэргэтэргэ,
История омоон суолунан
Айанныахпыт доҕоттоор!
Айылхан АНДРЕЕВ, 8 кылаас.
Хаһыаппын күүтэбин!
«Кэскил» хаһыаты
Күн аайы күүтэбин.
Кэскил хаһыаты
Күндүтүк саныыбын.
Кэскил хаһыакка
Элбэх хоһоонноох,
Элбэх кэпсээннээх.
Кэскили ааҕыахпыт!
Элбэҕи билиэхпит!
Эрхан АНДРЕЕВ, 3 кылаас.
Таайбараҥ хоһоон
Күлэ-үөрэ олорон
Эмискэччи санаатым
Сааскы салгын кэриэтэр
Кэрэтийэн кэлбиккин
Илиибинэн сэрэнэн
Лаампа уотугар көрүөҕүм
Интэриэһинэй сонуну
Туруору ааҕыаҕыҥ
Хаһыаппын таайыаҕыҥ.
Харысхан АНДРЕЕВ, 6 кылаас.