Россия почтата сылын аайы оҕо ааҕарын көҕүлүүр «Дерево добра» диэн ааксыйа биллэрэр. Манна баҕалаах киһи сайыннарар кииҥҥэ дуу, оскуолаҕа дуу 6 ыйдааҕы сурутуу бэлэхтиир. Аахсыйаҕа кыттыһан, «Кэскил» хаһыаты суруттарыҥ, оҕолорго бэлэх уунуҥ диэн ыҥырабыт!
Ону таһынан, @keskil.news инстаграм аккуаҥҥа быһа эфиргэ кэпсэтии ыытылынна. Люся Аргунова Саха гимназиятын VIII “А” кылааһын үөрэнээччитэ быһа эфирга кэлэн ыалдьыттаата.
— Мин “Кэскил” хаһыакка бастакы кылаастан суруттарабын. Билигин эмиэ сурутуулаахпын. Сонуннары, ыстатыйалары суруйарга уонна сахалыы үчүгэйдик саҥарарга Надежда Павловна Жерготова үөрэтэр. Киниэхэ махталбын тиэрдэбин. Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэри, үөрэнээччилэрим тустарынан, бэйэм тугу гынарбын хаһыакка суруйан сырдатаары эдкоркуруһуокка дьарыктанабын.
Үөрэхпэр үчүгэйбин. Хас биирдии уруокка кыһаллабын, эбии дьиэҕэ дьарыктанабын. Сотору хонтуруолунай үлэлэр буолаллар. Билигин онно бэлэмнэнэ сылдьабын. Омук тылларын үөрэтиэхпин баҕарабын, оскуолабын бүтэрдэхпинэ, салгыы бу эйгэҕэ үөрэниэм. Ол да буоллар, суруйар дьарыкпын бырахпакка, илдьэ сылдьыам.
Оҕолорго баҕарыам этэ, үөрэххитигэр кытаатыҥ, доруобай буолуҥ, элбэх кинигэтэ ааҕыҥ. “Кэскил” хаһыакка суруттар. Хаһыаты ааҕар киһи тыла баай, билиитэ-көрүүтэ киэҥ буолар. Элбэҕи көрөн-истэн, баҕа санаата элбээн, ситиһиилээх буоларга сирдиир. Үөрэниҥ, элбэҕи билэн-көрөн сайдан иһиҥ!
Ааптар: Павел Ильин.