«Кэскил» хаһыат хайа баҕарар кэмнэргэ эрэллээх доҕоттордоох, кэрэспэдьиэннэрдээх буолар. Ол курдук, бүгүҥҥү кэммит биир көхтөөх үөрэнээччитэ, Ньурба улууһун Н.И. Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ — Анжелина Жданова буолар.
-Мин бэйэм алын сүһүөхтэн эдкор буолабын. Биһигини маҥнайгы учууталбыт Прасковья Николаевна Алексеева үөрэтэн-такайан таһаарбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта ыкса үлэлэһэбин.
-Суруналыыс диэн, эн санааҕар, кимий, анала туохханый?
-Мин санаабар, суруналыыс үлэтэ ыарахан, олус эппиэтинэстээх уонна туһалаах буолар. Суруналыыс буолар киһи айылҕаттан талааннаах, санаатын сатаан сааһылыыр, элбэҕи тута өйдүүр, үөрэнимтиэ буолуохтаах. Инникитин суруналыыс идэтин баһылыам диэн эрэнэбин.
-Оскуолаҕыт иһинэн пост үлэлиир?
Биһиги оскуолабытыгар «Ыллык» эдкорпост үлэлиир. Бу сылтан уларыйыы киирдэ, ол эбэтэр медиа-киин буоллубут. Манна оскуолабыт сонуннарын, «Кэскил» кэрэспэдьиэннэрэ ыыппыт сорудахтарын устан ыытабыт. Ол онно мин сүрүн оруолу толоробун, элбэх аҥарыгар уһуллабын.
-Билигин ыытылла турар «Медиавызов» смена хайдах ааһан эрэрий?
«Сосновый бор» киин иһинэн «Медиавызов» сменаҕа үөрэнэ сылдьабын. Манна оҕолору ыстатыйаны таба суруйарга, тэттик видеолары устарга, интервьюну сөпкө ыларга үөрэтэллэр. Бу медиа хайысха өттүнэн иккис лааҕырым буолар. Былырыын, күһүн, IT- сменаҕа сылдьыбытым.
-Мин билэрбинэн, олоҥхолуугун?
Бэйэм кыра сааспыттан олоҥхону, тойугу таптаан истэбин. Күн бүгүн быраҕан кэбиспэккэ илдьэ сылдьабын. Фольклорунан дьарыктанарбыттан олус диэн үөрэбин уонна киэҥ туттабын. Билигин Маар нэһилиэгин «Дьөнкүүдэ кыталыктара» ансаамбылга дьарыктанабын. Оһуохайы, норуот ырыатын, тойугу өрө тутабын. Ол курдук, маҥнайгы миэстэлэри ыларга ситиһэбин, сайынын ыһыахтары кэрийэбин. Өссө да элбэх гостуруоллар, кэнсиэрдэр күүтэллэр.
Анжелинаҕа ситиһиини баҕарабыт!
-Үчүгэй үөрэхтээх буоламмын, оскуола президеныгар турунуохтаахпын, элбэҕи сатыыбын уонна сыалбын ситиһэбин.
Кэпсэттэ Эльдар Садовников