«Бэлэм буол» («Кэскил») 1936 сыллаахха тэриллиэҕиттэн хаһыат, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрин, суруналыыстар үүнэр кыһаларынан буолбута. Олох сайдан, аны эдэр кэрэспэдьиэннэрбит медиа-суруналыыстыканы баһылыыр суолга туруннулар. Бүгүн биир бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэммитин Николай Федоровы билиһиннэрэбит.
— Мин Бүлүү 1 №-дээх Г.И. Чиряев аатынан «Ориентир» пресс–киин хаһыс да сылын дьарыктанабын, оскуолам хаһыатыгар редактордыыбын. Салайааччыбыт — Марианна Константиновна Ионова.
Маны таһынан, “Кэскил” уонна «Юность Севера» оҕо хаһыаттарыгар суруйабын уонна ыытар күрэхтэригэр өрүү кыттабын.
“Кэскил” издательствотын медиа-киинигэр дьарыктанан, хас даҕаны улахан тэрээһиҥҥэ эдэр кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлээтим. Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууга, Сахалиҥҥа ыытыллыбыт бастакы кыһыҥҥы «Азия оҕолоро” спортивнай оонньууга, Азиатскай–Тихоокеанскай кэмпириэнсийэҕэ өрөспүүбүлүкэ эдэр кэрэспэдьиэннэрин хамаандатыгар киирэн, хаһыакка, саайтка матырыйааллары бэлэмнээн, видеолары устан, интервью ылан үлэлээбитим.
Былырыын Ньурба куоратыгар “Кэскил” хаһыат редакцията Бүлүү бөлөх улуустар эдкордарын сүлүөтүн ыыппыта. Онно биһиги пресс-кииммит кыайыылааҕынан тахсан, бүтүн Россиятааҕы «Океан» оҕо киинигэр барар путевканан наҕараадаламмыппыт. Ол чиэс миэхэ тиксэн, аатырар “Океан” лааҕырга сынньанар дьолломмутум. «Океан» сайтыгар хас даҕаны ыстатыйам бэчээттэммитэ.
“Кэскил” издательство көмөтүнэн улахан тэрээһиннэргэ кыттан, үлэлээн, суруналыыстыка эйгэтигэр сүҥкэн билиини ыллым. “Кэскил”оҕо хаһыатын үлэһиттэригэр Таисия Ивановнаҕа, Айыына Ивановнаҕа, Юлия Григорьевнаҕа, Сардаана Николаевнаҕа, Сардаана Игнатьевнаҕа махталбын тиэрдэбин.
Ааптар: Федоров Николай, Бүлүүтээҕи «Ориенти» пресс-киин эдкора