Ыам ыйын 15 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил»-«Бэлэм буол» хаһыат 85 сылын туолла. Бу оҕолорго аналлаах сахалыы тылынан тахсар аан дойдуга бастакы хаһыат буолар.
Оҕолорго аналлаах «Бэлэм буол» хаһыат сахалыы тылынан 1936 с. ыам ыйын 15 күнүгэр тахсыбыта, 8 тыһыынча сурутааччылаах этэ ( ВЛКСМ Обкомун Бюротун 14 №-дээх боротокуола, 25.04.36 с; ВЛКСМ Обкомун Бюротун 15 №-дээх боротокуола, 8.05.36 с; ОК ВКП(б) бюротун 144 №-дээх боротокуола, 28.04.36 с; ОК ВКП(б) бюротун 145 №-дээх боротокуола, 9.05.36 с.).
Хаһыат бастакы эрэдээктэринэн биллиилээх поэт Архип Георгиевич Кудрин-Абаҕыыныскай анаммыта.
Кини кэнниттэн эрэдээктэрдэринэн суруналыыс Гаврил Павлович Тихонов, норуодунай поэт Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап үлэлээбиттэрэ.
1939 сыллаахтан салайбыт суруйааччы Никифор Кирикович Седалищев- Дьүөгэ Ааныстыырап «Бэлэм Буол» хаһыат сэрии иннинээҕи бүтэһик эрэдээктэрэ этэ. Кини 1941 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр ССРС норуодунай комиссара Вячеслав Михайлович Молотов: “Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах. Өстөөх үлтүрүтүллүө. Кыайыы биһиэнэ буолуо!” диэн этиитинэн хаһыатын бүтэһик нүөмэрин таһааран баран, Ийэ дойдуну көмүскүү барбыта. Кыргыһыы хонуутугар 1944 сыллаахха сураҕа суох сүппүтэ. Онон хаһыаппыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр сабылла сылдьыбыта (бүтэһик №-рэ — 277).
Ол кэнниттэн 18 сыл ааспытын эрэ кэнниттэн, 1959 сыллаахтан «Бэлэм буол» саҥаттан сөргүтүллэн тахсар буолбута. Партийнай-комсомольскай органнар өйөбүллэринэн, САССР комсомолун обкомун 1 сэкирэтээрэ Егор Дмитриевич Кычкин этиитинэн, «Бэлэм буол» хаһыат иккистээн тахсар буолбута. Хаһыат сэрии иннинээҕи таһаарыылары салҕаан, 278-с нүөмэринэн бэчээттэммитэ. Хаһыат эрэдээктэринэн Секлетея Алексеевна Курчатова анаммыта.
Ол саҕанааҕы кэллэктиип: редактор С.А.Курчатова, эппиэттиир сэкиритээр, фронтовик поэт И.И.Эртюков, литэрэтиирэ отделыгар Н.Е.Мординов -Амма Аччыгыйа, сурук отделыгар Н.И.Протопопова, литература отделыгар М.Д.Игнатьев, спорт отделыгар И.С.Кычкин, бухгалтер Ф.В.Колодезникова, худуоһунньук С.В.Федоров, машинистка Е.А.Николаева, корректор Е.Попова, фотограф К.А.Бояков.
1961 сыллаахтан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри, уопсайа, 51 сыл, 8 ый, солбуллубат эрэдээктэринэн Нина Иннокентьевна Протопопова үлэлээбитэ. Кини саамай уһуннук кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбит киһи быһыытынан Россия рекордун кинигэтигэр киирбитэ.
Бу кэрдиис кэмҥэ эрэдээктэри солбуйааччынан Варвара Николаевна Угарова, пионер уонна оскуола отделыгар Марина Андреевна Дьячковская, эдкордары кытта үлэҕэ Варвара Федотовна Мякишева, эппиэтсэкирэтээринэн Николай Степанович Дмитриев, литература отделыгар Николай Прокопьевич Васильев, фотокэрэспэдьиэнинэн сэрии бэтэрээнэ Иннокентий Петрович Канаев, краеведение отделыгар Наталья Томтосова, спорт, культура отделыгар Александр Васильев, корректорынан Зоя Афанасьевна Михайлова, машинистканан Клара Гаврильевна Васильева, уо.д.а. өр кэмҥэ үлэлээбиттэрэ.
1988 сылтан «Бэлэм буол» нууччалыы тылбаастанан, өссө «Будь готов»диэн хаһыат тахсар буолбута. Эрэдээктэри солбуйааччы дуоһунаһыгар Екатерина Анатольевна Третьякова, тылбаасчытынан Мария Егоровна Алексеева анаммыттара.
90-с сыллардааҕы уларыта тутуу, комсомол, пионерия тэрилтэлэрэ үрэллэр уустук кэмнэригэр Нина Иннокентьевна өрөспүүбүлүкэ Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев (оччолорго САССР Верховнай Сэбиэтин Президиумум бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ) өйөбүлүнэн хаһыаттара «тыыннаах” хаалалларыгар турууласпыта. Онон КПСС Дьокуускайдааҕы Обкомун уонна Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин 1990 c.атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи 4/2-282 №-дээх уурааҕынан «Бэлэм буол», «Будь готов» пионердар хаһыаттарын базатыгар оскуолалар үөрэнээччилэригэр аналлаах саха уонна нуучча тыллаах хаһыаттар тэриллэр буолбуттара. «Кэскил» уонна «Юность Севера» диэн саҥа аатынан сүрэхтэнэн, бу хаһыаттар 1990 cыл сэтинньи 6 күнүттэн олох хардыытын кытта тэҥҥэ сайдан, билиҥҥэ диэри тахса тураллар.
“Бэлэм буол” хаһыат “Кэскил» диэн аата уларыйбытын туһунан Нина Иннокентьевна “Кэскил” хаһыат историятыттан” диэн редакция 2001 c. таһаарбыт альбом-кинигэтигэр суруйбута: «М.Е.Николаев Верховнай Совет Президиумун Председателинэн талыллыбыт кэмэ.(..) Верховнай Совет Ыччат комиссиятыгар председателин А.В.Мигалкины кытта приемҥа киирдибит.(.. )Онно Михаил Ефимович: «Үөрэх министерствотыгар биэриэххэ»,-диэтэ. (..). Хаһыат аатын туһунан министерство киэҥ ыҥырыылаах коллегиятыгар дьүүллэһии буолбута. Тутатына биир өйдөбүлгэ кэлбэтэхпит. Ол икки ардыгар В.П.Шамшин (САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ): «Оҕо хаһыатын саппаппыт, үбүлээһиҥҥэ ылабыт», — диэн правительство мунньаҕар көрүллэр буола охсон хаалан, Будимир Дмитриевич (үөрэх миниистирэ) киллэрэн, хаһыаппытын, өр толкуйдуу барбакка, “Кэскил” уонна “Юность Севера” диэн ааттатан кэбиспиппит. Ол аатынан хаһыат 1990 c. сэтинньи 6 күнүгэр тахсыбыта. Оччолорго биһиги хаһыаппыт аатын харыһыйа барбакка, сабартан быыһаабыт дьоҥҥо махталбыт муҥура суох».
Н.И.Протопопова үлэни-көрү тэҥҥэ тутан, таһаарыылаахтык үлэлиир айар кэллэктииби тэрийбитэ. Бу кэмҥэ эрэдээксийэҕэ В.Н.Угарова, Е.А. Третьякова, Н.П. Васильев, Н.С. Дмитриев, А.В. Васильев, Ж.В. Леонтьева, А.Н. Павлов, И.А. Андросов, Е.С. Иринцеева,О.М.Шамаева, М.В.Кондратьева, И.М.Попова (Н.И.Протопопова сиэнэ), Т.И. Алексеева, А. М. Иевлева, А.В.Назаров, М.Ф.Лыткина. М.М.Юмшанова, Ю.Ю. Слепцова, А.Н. Курилкина, В.П. Иванов, Е.Г. Юмшанова, Л.А. Устинова, М.П. Решетникова, В.Н. Пак, О.А. Борисова, С.Г. Мухина, Д.Н. Мухин, А.С. Собакина,А.С. Жиркова, Р.Н. Чайнова, Л.И.Босикова, О.М. Кириллина, Н.Ф. Гольдеров уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.
«Кэскил» редакциятыгар саҥа үлэһиттэри бүөбэйдэһэр, суруйууларын ырытан-көннөрөн, ыйан-кэрдэн биэрэр үтүө үгэстээхтэрэ. Нина Иннокентьевна, Варвара Угарова, Екатерина Третьякова оскуолатын ааһан, уолаттар Петр Васильев «Полиметалл УК» федеральнай хампаанньа общественноһы кытта сибээскэ дириэктэри солбуйааччыта, Алексей Васильев (Нина Иннокентьевна бэйэтин сиэнэ) аан дойду таһымнаах фотограф, аан дойдутааҕы А.Стенин аатынан фотожурналистика куонкуруһун кыайыылааҕа, аан дойдутааҕы LensCulture Street Photography-2016 куонкурус финалиһа, аан дойдутааҕы Worldpressphoto-2021 куонкурус кыайыылааҕа, Альберт Лукинов CӨ Ил Дарханын уонна бырабыытылыстыбатын тэрийэр үлэҕэ отделын салайааччыта, Сергей Муксунов CӨ Ил Дархан уонна бырабыытылыстыба пресс-сулууспатын сүрүннүүр суруналыыһа, Иван Сергин, Георгий Белоусов өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыстар, Сергей Винокуров москватааҕы «Собеседник» хаһыат суруналыыһа буола үүннүлэр.
2008 c.ахсынньы 26 күнүнээҕи Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбатын 604 №-дээх уурааҕынан “Сахапечать”АУ тэриллэн,“Кэскил”, «Юность Севера», «Чуораанчык» («Колокольчик») бу тэрилтэ састаабыгар киирбиттэрэ.
1992-2013 сс. Үөрэх министиэристибэтиттэн үбүлэнэн, редакция иһинэн “Учуутал аргыһа”, “Учительский вестник” сыһыарыылар (эппиэттээхтэр Октябрина Шамаева, Екатерина Габышева) тахса сылдьыбыттара. Билигин бу хаһыаттары Үөрэх министиэристибэтэ таһаарар.
2007-2010 сс. 2000 тиражтаах үрдүкү саастаах оҕолорго аналлаах «Үрдэл» глянцевай сурунаал тахсара (эппиэттээх Анисия Иевлева).
2013 c. Нина Иннокентьевна күүстээх туруорсуутунан «Сахапечать» тэрилтэттэн арахсан, туспа ГАУ «Детское издательство «Кэскил» тэриллиитин СӨ Президенин Егор Борисов 2013 с. от ыйын 4 күнүнээҕи 543-РП №-дээх Уурааҕа бигэргэппитэ. «Кэскил» ГАУ састаабыгар «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар, «Чуораанчык»-«Колокольчик» (1986 с.тэриллибитэ, эрэдээктэрдэр — поэт, прозаик Р.Д.Ермолаев-Баҕатаайыскай, Н.А.Герасимов–Айталын, О.Н.Корякина-Умсуура, Т.И.Жиркова) сурунааллар киирбиттэрэ. Издательство дириэктэрдэринэн А.П.Гоголев, солбуйааччыта Н.Н.Никитин, А.Е.Андреева, солбуйааччыта С.Сыромятникова, кылаабынай эрэдээктэринэн Е.С.Иринцеева, солбуйааччылара А.М.Иевлева, А.Ксенофонтова, үлэлээбиттэрэ. 2019 cылтан дириэктэринэн О.И.Семенова, солбуйааччыта С.Е.Коврова, кылаабынай эрэдээктэринэн Т.И.Жиркова үлэлииллэр.
Н.И.Протопопова этии көтөҕөн, 2014 с. от ыйын 23 күнүнээҕи Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 583-РГ №-дээх уурааҕынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар «Бэлэм Буол» хаһыакка өр кэмҥэ үлэлээбит норуодунай суруйааччы Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа аата иҥэриллибитэ.
85 сыл устата “Кэскилтэн” хас эмэ көлүөнэ юнкор иитиллэн, билигин өрөспүүбүлүкэ бэчээтин, тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын, Интернет ситимин таһаарыыларын эйгэтигэр үлэлии сылдьаллар. «Бэлэм буол» хаһыат – Саха сиригэр аан бастакынан эдэр кэрэспэдьиэннэри иитэр кыһанан буолбута, юнкоровскай хамсааһыны тэрийбитэ. Бастакы юнкоровскай постар 1970 с. В.И.Ленин 100 cылыгар анаан «Бэлэм буол» хаһыат иһинэн тэриллибиттэрэ. Бу хамсааһыны бастакы иилээччинэн Варвара Мякишева буолбута, салгыы юнкордары кытта Варвара Угарова, кэлиҥҥи кэмҥэ Таисия Алексеева, Анисия Иевлева үлэлэспиттэрэ. Оҕо хаһыатын суруналыыстара, атын эрэдээксийэлэртэн уратыланан, аҥардас суруйуунан эрэ дьарыктаммакка, маассабай үлэни кыайа тутан, экспедицияны, маршы, көрдүүр-чинчийэр үлэни, сүлүөтү, кэмпириэнсийэни, ааҕыыны, саахымат-дуобат турнирын, эстафетаны ыыталлара, биир кэмҥэ, бэйэлэрин күүстэринэн, сурутууну көҕүлээри, кэнсиэри да туруора сылдьыбыттара.
“Кэскил”, “Юность Севера” эрэдээксийэлэрэ сыллата эдэр кэрэспэдьиэннэр улахан сүлүөттэрин ыыталлара. Онно Нина Иннокентьевна уонна үлэһиттэр булан-талан, кыттааччы оҕолор, учууталлар элбэх сыаналаах бирииһи-бэлэҕи тутан, грамоталарынан наҕараадаланан, астынан тарҕаһаллара. Кэлиҥҥилэртэн аҕыннахха, Дьааҥы Баатаҕайыгар, Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар, Таатта Харбалааҕар, Ытык Күөлүгэр, Кыйытыгар, Чурапчыга, Уус-Алдан Бороҕонугар, Ньурбаҕа, Бүлүү куоратыгар, Илбэҥэтигэр, Үөһээ Бүлүүгэ, өссө Ороһутугар, Сунтаар Элгээйитигэр, Кэбээйигэ, икки сыл субуруччу Дьокуускай “Сосновый бор” оҕо сынньалаҥ киинигэр сүүһүнэн оҕолоох сүлүөттэр ыытыллыбыттара. Кэнники кэмҥэ, ковидынан сибээстээн, «Кэскил» күннэрин оффлайн (кыалларынан) уонна онлайн форматтаах ыытыллар буолбута.
Эрэдээксийэ кэллэктиибин этиитинэн, «Барҕарыы» национальнай пуонда өйөбүлүнэн «Кэскил», «Юность Севера» оҕо суруналыыстыкатыгар Бочуоттаах эрэдээктэрэ Н.И.Протопопова аатынан бириэмийэ олохтоммута. 2013, 2014, 2015 сс. лауреаттарынан эрэдээксийэ суруналыыстара А.И.Иевлева, А.Н.Павлов, А.М.Васильев уонна эрэдээксийэни кытта көхтөөхтүк үлэлиир учууталлар буолбуттара.
2012 с. редакция иһинэн “Бэлэм буол”-“Кэскил” устуоруйатын көрдөрөр мусуой арыллыбыта. Былааҥҥа – мусуойу цифровой киэпкэ киллэрии.
Саҥа кэм ирдэбилигэр олоҕуран, дириэктэр О.И.Семенова, дириэктэри солбуйааччы С.Е.Коврова, сүрүн эрэдээктэр Т.И.Жиркова , цифровой трансформация, сетевой изданиелар отделларын салайааччылара Т.В.Чьямова, Т.И.Алексеева, “Кэскил” , «Юность Севера», “Чуораанчык”-“Колокольчик” таһаарыыларыгар эппиэттээх М.А.Иванова, В.П.Петрова, А.Г.Голикова, С.А.Матвеева уонна эдэр көлүөнэ суруналыыстар, видеографтар хаһыаттары, сурунааллары саҥа киэбинэн таһааран, бэчээт бородууксуйатын цифровой форматка киллэрдилэр. Ол курдук, «Кэскил» издательство өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан хаһыат балаһаларыгар QR-код киллэрэн, ааҕааччылар анал мобильнай сыһыарыынан видеону көрөллөрүгэр, туһалаах сигэҕэ (ссылкаҕа) тахсалларыгар кыах биэрдэ. «Юность Севера» хаһыат ис хоһооно, тас көстүүтэ уларыйан, 2021 cылтан «Юность Севера: Arctic ideas» научнай-популярнай сурунаал быһыытынан тахсар буолла. “Кэскилгэ” эбии “Бэлэм буол” сурунаал тахсар. Бу сурунааллар тастарыгар «дополненнай реальность» көмөтүнэн көстөр уруһуйдаахтар. Издательство медиаоскуолатыгар эдэр кэрэспэдьиэннэри үөрэтии утумнаахтык барар. keskil14.ru саайтка хаартыскалар, ыстатыйалар бэчээттэнэр эрэ буолбакка, лонгрид, подкаст тахсар. Интернет ситимигэр телеграм, ВКонтакте, Rutube үлэлэтэбит.
«Кэскил», «Юность Севера», «Чуораанчик», «Колокольчик» таһаарыыларга https://podpiska.pochta.ru сайтка киирэн суруйтарыҥ!
keskil14.ru