Биһиги биир киэн тутта ааттыыр урукку эдэр кэрэспэдьиэммитинэн Никита Антонович Аргылов буолар. Никита оскуола сааһыттан «Кэскил» хаһыакка суруйуутуттан саҕалаан, кэлин биллиилээх суруналыыс быһыытынан редакциябыт ыытар маастар-кылаастарыгар кэлэн, эдкорпостар салайааччыларын, бэйэбитин даҕаны, үөрэтэр киһи буола үүннэ. Кини ханнык да дуоһунаска үлэлээтэр, «Кэскилин» кытта сибээһин быспатыгар, өрүүтүн сүбэ-ама буола сылдьарыгар махталбытын тиэрдэбит, кэнчээри эдэр кэрэспэдьиэннэргэ кинини холобур туруорабыт!
— Мин «Кэскил» хаһыаты кытта сибээстээх дьону: айар-тутар үлэһиттэрин, ааҕааччыларын итиитик-истиҥник эгэрдэлиибин! Мин«Кэскилгэ» бастакы суруйуум 5 кылааска тахсыбыта. Онтон хаста даҕаны кыралаан суруйан таһаарар этим. Сурукпут оччолорго өр да өр буолан баран тахсааччы. Ол хомолтолоох буоларын тэҥэ, «Кэскилгэ» бэчээттэнэр оҕо киһиэхэ олус күндүтүк сыаналанар этэ.
ТУОҺУ: Аргылов Никита Антонович, Уһук Илиҥҥи федеральнай университет (Владивосток к.) Коммуникация уонна медиа академическай департаменын дириэктэрэ. Бэлитиичэскэй наука хандьыдаата, доцент.
М. К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты 2011 с. бүтэрбитэ, “суруналыыс” квалификациялаах дипломнаах.
М. В.Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет (2014 с.), “Экэниэмикэ уонна сонуннары маассабай тарҕатар сириэстибэлэр менеджменнэрэ” идэтигэр эбии квалификациялаах дипломнаах.
ХИФУ сонуннарын эрэдээксийэтигэр эрэдээктэр, кылаабынай эрэдээктэр (2010–2016 сс.). 2016 сыл кулун тутар 24 күнүттэн иһитиннэрэр бэлиитикэ уонна коммуникативнай технологиялар управлениеларын начаалынньыга.
2016–2019 сс. — ХИФУ медиабэлиитикэтин уонна уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ управлениетын начаалынньыга.
2019 сыл балаҕан ыйыттан УИФУ (Владивосток к.) Искусство уонна гуманитарнай наукалар оскуолатыгар коммуникацияҕа уонна медиаҕа департаменын дириэктэрэ.
Биһиги Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах оскуолатын эдкорпоһа «Бэргэн» диэн этэ. Учууталларбыт Августина Саввична Корнилова уонна Николай Николаевич Нутчин биһиэхэ сатабылларын, билиилэрин биэрэн туран бэриниилээхтик үлэлээбиттэрэ, тугу да сатаабат ыччаты өйөөн, санаабытын бөҕөргөтөн киһи буоларбытыгар оруоллара улахан.
Ол курдук, «Сыккыс» куруһуокка саха тылын уонна литературатын учуутала Николай Николаевич хоһоону, кэпсээни суруйарга холонор оскуола оҕолорун үөрэх кэнниттэн хаалан дьарыктыыра. Биһиги саҕана ол куруһуок нөҥүө элбэх айар-тутар ыччат үүнэн тахсыбыта.
Саха тылын учуутала Августина Саввична хас уруок ахсын «биэc мүнүүтэлээх ааҕыы» диэни ыытар этэ. Онно уруок саҕаланыытыгар «Кэскил» нүөмэрдэрин түҥэтэн, хас биирдии үөрэнээччи 5 мүнүүтэ устата хаһыаты ааҕара. Мин санаабар, маннык дьаһаныы хаһыакка угуйуу, ааҕыыга көҕүйүү таһаарыылаах ньыматыгар киирсиэн сөп. Итини таһынан, бэйэбит баҕабытынан оскуола хаһыатын таһаарарбыт. Учууталбыт өйөөн иһэрэ: уруоктар кэннилэриттэн хаалан кылааһы көҥүллэтэн арыйара, көмпүүтэр кылааһыгар үлэлииргэ кэпсэтэрэ, субэлиир, тиэкистэрбитин эрэдээксийэлиирэ.
Ити курдук, оскуолатааҕы сылларбытыгар учууталларбыт уһуйууларынан суруйа-бичийэ үөрэммиппит. «Кэскилкэ» үксүбүт суруйарбыт. Биһиги эдкорпоспут үчүгэй үлэлээх постар ахсааннарыгар киирэрэ.
Билигин «Кэскил» хаһыат иннигэр элбэх сыал-сорук турар. Аан дойду укулаата сыыппара эйгэтигэр көһөн, дьон олоҕун тэтимэ түргэтээн, хаһыаты-сурунаалы ааҕара да мөлтөөтө, смартфон киһини аралдьытара күүһүрдэ. Ону билигин айар кэлэктиип барытын дьүөрэлээн хаһыаты сайыннара турара ирдэнэр.
«Кэскил» билигин оҕолорго хайаатар да чугас, интэриэһинэй доҕор-атас буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин уонна өссө төгүл 85 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн итиитик-истиҥник эгэрдэлиибин! Бииргэ улэлиэҕиҥ, доҕордоһуубутун салгыаҕыҥ!