Нюргуяна Егорова, «Якутия-24» ханаал шеф-редактора, оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр “Кэскил” хаһыакка суруйар этэ. Билигин оҕо аахпат буолуута дьиэ кэргэниттэн тутулуктаах диэн санаалаах. Кинини ааҕыыга-суруйууга ийэтэ уһуйбут.
— “Кэскил”, “Эдэр саас”, “Эркээйи” Мэҥэ-Хаҥалас хаһыатыгар суруйар этим. Суруйарга ийэм, Софья Гаврильевна Егорова, Майа 1-2 сүһүөх оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, иилээбитэ. Цифровизация үйэтигэр ааҕыы олус наадалаах. Билигин киһи барыта көмпүүтэргэ, гаджетка умса түһэн баран олорор. Онно, бэйэтэ да билбэтинэн, доруобуйата эмсэҕэлиир.
Хаһыат, кинигэ ааҕыыта оҕолорго туһата элбэх. Үчүгэйэ диэн, ааҕыы эдэр ыччат сорох араҥатыгар муода курдук буолла. Бэйэм оҕом, 9-с кылаас үөрэнээччитэ, кинигэни батыһан аахпыта үһүс сыла буолла. Бииртэн биир кинигэни умсугуйан ааҕа турар. Өскө бэйэм кинигэни өрүн-дөрүн эрэ ааҕа сылдьыбыт эбит буоллахпына, кыыспын үтүктэммин, кыыспын батыһа сатааммын, кини кинигэлэрин ылан, бэйэм да булан, ааҕар буоллум. Үлэбитинэн кинигэни ааҕааччылар ватсап бөлөхтөнөн, аахпыт айымньыларбытын ырытабыт, атастаһабыт. Араас күннээҕи сонуну, биллэн туран, араас саайтартан, инстаграмтан билэбит. Онтон киһи дууһатын таарыйары ис-иһигэр киирэн туран билиэххин-көрүөххүн баҕарар буоллаххына, кинигэни ааҕыахтааххын. Билигин ааптардар суруйуулара прозаҕа да, поэзияҕа даҕаны буоллун, барыта чэпчэки, лирика хабааннаах соҕус буолла. Үйэбит ирдэбилэ оннук буолуо.
Урукку классиктары ааҕар ыарахан – нуучча да буоллун, саха да буоллун. Ыллын да ааҕан киирэн барбаккын. Кинигэ ааҕар наһаа үчүгэй! Биир үчүгэй кинигэни аахтаххына, онтон тартаран, баран иһэҕин. Уонна харахпын да сынньатабын, төлөпүөнү, киинэни көрөр оннугар ааҕыы туһата быдан элбэх.