Алекдина Соловьева «Саха» НКИХ иһинэн «Якутия 24» информационнай телеканал продюсердарын сулууспатын салайааччытынан үлэлиир. Төхтүр оскуолатыгар талааннаах учуутал, суруйааччы, поэт Василий Васильевич Скрябин-Идэлги тэрийбит «Тыҥ хатыыта» диэн литературнай куруһуогар дьарыктанан, аан бастакы халлаан күөх өҥнөөх «Бэргэн» оҕо прессатын дастабырыанньатын ылбыта киниэхэ күн бүгүнүгэр диэри туохтааҕар да күндү.
Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүр орто оскуолатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитим. Айар үлэҕэ кыра кылаастан сыстан барбытым. 90-с сыллар ортолоругар биһигини саха тылыгар уонна литературатыгар талааннаах учуутал, суруйааччы, поэт Василий Васильевич Скрябин-Идэлги үөрэппитэ. Кини «Тыҥ хатыыта» диэн ааттаах литературнай куруһуогар элбэх оҕо сөбүлээн дьарыктанар этибит.
Мин бииргэ үөрэммит дьүөгэбиниин ол куруһуокка сылдьан, 1994 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр «Бэргэн» оҕо прессатын өрөспүүбүлүкэтээҕи агентствотын эдэр кэрэспэдьиэннэрин кэккэтигэр киирбиппитин туоһулуур дастабырыанньаны туппуппут. Бу бастакы «докумуоммут» «Кэскил» уонна «Юность Севера» хаһыаттарга бэчээттэнэрбитигэр кыах биэрбитэ. Тус бэйэм инники үлэбин таларбар бастакы суолу арыйбыта. Оо, онно төһөлөөх үөрбүппүт-көппүппүт буолуой! Омуммутугар буолан, түөртүү-биэстии хоһоону күн аайы айан кэлэн, күрэхтэһии быһыылаан, бэйэ-бэйэбитигэр ааҕар идэлэммиппит, тэтэрээт илииһигэр «бастыҥ айымньыларбытын» килиэйдээн, кинигэ оҥорон бэлэхтэһэрбит.
Учууталбыт Василий Васильевич биһигини суруйарга, айарга эрэ үөрэппэтэҕэ, кини биһигини элбэх биллэр дьону кытта билсиһиннэрбит үтүө өҥөлөөх. Ол курдук, Егор Шестаков-Эрчимэн, Николай Винокуров-Урсун, Сэмэн Тумат, Василий Протодьяконов биһиэхэ, Төхтүргэ, кэлэн ыалдьыттаабыттара, куруһуок оҕолоругар элбэх интэриэһинэйи кэпсээн барбыттара. Көрсүһүү түмүгэр түспүт хаартыскабытын харыстаан альбоммар укта сылдьабын. Оччолорго мин улаатан баран суруналыыс идэтин баһылаан, бу көрсүбүт ытыктабыллаах дьоммун кытта бииргэ алтыһыам диэн санаабар да суоҕа. Оннук ырааҕы-киэҥи ырыҥалыыр учууталлаах этибит.
Мин үксүн кылгас кэпсээни, дьүһүйүүнү, табаарыстарым, бииргэ төрөөбүттэрим тустарынан хоһооннору суруйар этим. «Кэскил» хаһыакка тахсыбыт матырыйаалларбын ийэм кичэллээхтик мунньан испитэ. Бу суруналыыстыка эйгэтигэр бастакы хардыыларбын күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн.
Үөрэхпин бүтэрэн баран, 2002 сыл күһүнүттэн «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалыгар үлэлээн саҕалаабытым. 2004 сылтан «Саха» НКИХ сонуннар редакцияларыгар кэрэспэдьиннии кэлбитим. Билигин «Саха» телевидениетын иһинэн «Якутия 24» информационнай телеканал продюсердарын сулууспатын салайааччытынан үлэлиибин. 2007 сылтан Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэбин. Ол эрээри, ол аан бастакы, халлаан күөх өҥнөөх «Бэргэн» оҕо прессатын дастабырыанньата миэхэ күн бүгүнүгэр диэри туохтааҕар да күндү.
Оҕо сааһым ыра санаатын толорбут «Тыҥ хатыыта» куруһуокка уонна ыйан-кэрдэн биэрбит, төрөөбүт тылбын таптыырга үөрэппит, айар тылбын чочуйан биэрбит учууталбар Василий Васильевич Скрябиҥҥа махталым муҥура суох.