Кларника Гоголева өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр поэт Константин Сосин Тыыллымаҕа учууталлыыр кэмигэр кини тэрийбит литературнай куруһуогар дьарыктаммыта. Заметкалара “Бэлэм буол” хаһыакка бэчээттэнэллэрэ, билигин кини өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирэ” хаһыат үлэһитэ.
Дьылҕам “Бэлэм буол” хаһыаты кытта сибээстээбит
— Мин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Тыыллыма орто оскуолатыгар үөрэммитим. Саха тылын учуутала, оҕолорго анаан суруйар поэт Константин Ильич Сосин ыытар эдкордар куруһуоктарыгар дьарыктаммытым.Айылҕа, кыыллар, күннээҕи олох, оскуолаҕа буолбут тэрээһиннэр, нэһилиэк сонуннарын тустарынан суруйарбыт. Заметкаларбыт улуустааҕы “Эркээйи”, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Бэлэм буол” хаһыаттарга бэчээттэнэллэрэ. Оччотооҕу “Бэлэм буол” хаһыат улуус эдкордарыгар ыыппыт кэмпириэнсийэтигэр кыттыбытым. Хаһыат отделын сэбиэдиссэйэ Евдокия Иринцеева ыстатыйаны хайдах суруйар туһунан кэпсээбитэ. Инники олоҕум хаһыаты кытта сибээстээх буолуон иһин, дьылҕам “Бэлэм буол” хаһыаты кытта сибээстээбит эбит.