Кулун тутар маҥнайгы күннэригэр Харбалаахха улахан сэргэхсийии буолла. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай драмтеатрын артыыстара икки испиктээк кэһиилээх тиийэн кэллилэр.
Бастакы күн Айсен Дойду суруйуутугар, Сергей Потапов туруоруутугар «Ааттаах поэт Арбитаны” биир тыынынан көрдүбүт. Олус бэрт испиктээк. Артыыстар Арбита поэт чэпчэкитэ суох олоҕун итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Оннооҕор алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ кытта чуумпуран олорон көрдүлэр. Оннук бары сөбүлээтилэр.
Сарсыныгар артыыстары Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан үөрэхтээһин холбоһугар ыҥыран, көрсүһүү тэрийдибит. Театр гастроллуур бөлөҕө кэлбитэ биһиэхэ үс бүк үөрүүлээх: бастатан туран, Саха театра кэлбэтэҕэ 20-чэ сыл буолла. Иккиһинэн, быйыл киэҥ Арассыыйаҕа Театр сыла биллэриллибитэ. Үсүһүнэн, киэн туттар биир дойдулаахпыт Амма Аччыгыйа «Сааскы кэмин” көрдүбүт.
Көрсүһүүгэ бастаан дириэктэрбит Л.А. Сергеев холбоһук үөрэнэр дьиэтин устун экскурсияны тэрийдэ. Онтон бары аактабай саалаҕа мустан, күндү ыалдьыттарбытын дохсун ытыс тыаһынан айхаллыы көрүстүбүт.
Төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ Театр сылынан эҕэрдэлээн туран, регионнааҕы көрүүгэ «Кылаан чыпчаал» бирииһи ылбыт «Эллэй — үүнэр үйэ тойуксута этэ» дьүһүйүүлэрин көрдөрөн, улахан артыыстартан хайҕаннылар. Салгыы саха тылын учуутала В.С. Кривошапкина иилээн-саҕалаан, истиҥ-иһирэх кэпсэтии тэнийдэ, үөрэнээччилэр араас ыйытыктарынан кутан-симэн кэбистилэр. Артыыстар сиһилии кэпсээннэрин истэн, элбэҕи биллилэр-көрдүлэр.
Бөлөх салайааччыта — үтүөлээх артыыс Иннокентий Луковцев. Кини театр историятын, үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.
\
Үөрэнээччилэр артыыстартан сахалыы сериалларга оонньооһуннарын туһунан элбэҕи ыйыттылар. «Сүлүһүннээх тапталга» оонньообут үтүөлээх артыыстар Елизавета Потапова, Надежда Ущницкая болҕомто киинэ буолан, элбэх ыйытыыга толору хоруйдаатылар. Үөрэнээччилэр киэһэ ким Микиитэни оонньуурун кытта ыйыттылар. Үтүөлээх артыыс Кирилл Семенов поэт Дмитрий Дыдаев хоһоонун иэйиилээхтик ааҕан, дохсун ытыс тыаһынан кэрэхсэннэ. Кирилл Михайлович саха суруйааччыларын айымньыларын аахпыт аудио-хомуурунньугун коллективка бэлэх уунан, үөрүүбүт өссө үрдэттэ.
Көрсүһүү түмүгэр VII кылаас үөрэнээччитэ Женя Осипов оҕолор ааттарыттан күндү ыалдьыттарбытыгар махтанна, үөрэнээччилэр бэйэлэрэ маһынан оҥорбут Харбалаах туһунан значоктарын артыыстарга бэлэхтээтилэр. Холбоһук дириэктэрэ Лев Антонович Сергеев маннык үтүө көрсүһүүлэр ситимин быспакка салҕана туралларыгар баҕа санаатын эттэ. Көрсүһүү түмүгэр артыыстары кытта хаартыскаҕа түһүү буолла.
Киэһэ сынньалаҥ киинигэр харбалаахтар мустан, «Сааскы кэми» дуоһуйа көрдүбүт. Испиктээк кэнниттэн истиҥ-иһирэх санаа атастаһыыта буолла. Олохтоохтор Саха театрын айымньылаах үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.
Театр сылынан тэриллибит икки күннээх дьоро күн үгүс киһи дууһатын өрүкүтэн, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурун уһугуннаран, сандал сааһы үөрэ көрсөр кыаҕын өссө күүһүрдэн биэрдэ.
Валентина Кривошапкина,
Харбалаах, Таатта.