Биһиги нэһилиэкпитигэр Е.А. Захарова-Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинигэр “Ийэ кыыһынаан” күрэх буолан ааста.
Кыттааччылар Айыына, Сайыына, Мавра Юрьевна Петровалар, Анеля, Ульяна Фёдоровна Ларионовалар, Аюна, Ирина Ивановна Ноговицыналар, Наташа, Василиса Валерьевна Неустроевалар биэс түһүмэҕинэн күрэхтэстилэр.
Бастакы түһүмэххэ кыргыттар ийэлэрин кытта сахалыы таҥастаах тахсан, бэйэлэрин тустарынан сырдаттылар. Иккис түһүмэххэ ийэлэрин туһунан кэпсээтилэр. “Сарсыардааҥҥы аһылык” диэн үһүс түһүмэххэ ас астаан көрдөрдүлэр. Төрдүс түһүмэххэ кыргыттар дьоҕурдарын, сатабылларын, иллэҥ кэмнэригэр тугунан дьарыктаналларын туһунан биллибит. Бүтэһик түһүмэххэ мааны таҥас кэтэн, муода көрдөрдүлэр.
“Ийэ кыыһынаан” күрэҕи В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Алёна Владимировна Готовцева, Эмистээҕи модульнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ Мирославна Юриевна Ноговицына уонна “Далбар” ансаамбыл салайааччыта, өр сылларга култуураҕа үлэлээбит Наталья Николаевна Константинова састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Түмүк маннык буолла. “Талба талаан” анал аат кыайыылаахтарынан игирэ кыргыттар Айыына, Сайыына ийэлэрин кытта Мавра Юрьевна Петровалар буоллулар. “Бастыҥ асчыт” анал ааты Анеля, Ульяна Фёдоровна Ларионовалар ыллылар. “Кэрэ куолар” анал ааты Аюна, Ирина Ивановна Ноговицыналар туттулар. “Ил-эйэ” анал аат кыайыылаахтарынан Наташа, Василиса Валерьевна Неустроевалар буоллулар.
Ийэлэр уонна кыргыттар олоҕу киэргэтэллэр. Бу күн биһиги ону көрөн өйдүүн-санаалыын сырдаатабыт.
“Ийэ кыыһынан” күрэҕи кытта коллекционердар быыстапкалара буолла. Дьон арааһы барытын мунньарын көрдүбүт.
Мотрена Иннокентьевна Владимирова былааттары, дьахтар кэтэр араас киэргэллэрин мунньар эбит.
Наталья Николаевна Константинова розалаах иһит арааһын коллекциялыырын көрдүбүт.
Анатолий Алексеевич Михайлов аан дойду араас муннуктарыгар оҥоһуллубут кылыгырыы тыаһыыр чуорааннары мунньарын астына көрдүбүт.
Аграфена Константиновна Николаева араас быһыылаах, кыра, улахан, аныгы, былыргы үрүҥ чаанньыктары мунньар.
Ольга Саввична Михайлова араас быһыылаах сүүтүктэри мунньарын биллибит, көрдүбүт.
Онтон мин Саха сириттэн саҕалаан араас дойдулар уруучукаларын мунньабын. Мин коллекциябар саха норуотун поэта Иван Васильевич Мигалкин, кини бииргэ төрөөбүт быраата, Россия Генеральнай консула Александр Васильевич Мигалкин тус бэйэлэрэ тутта сылдьыбыт, Мигалкиннар бииргэ төрөөбүттэрэ, биллэр общественнай-политическай деятель, историк Афанасий Васильевич Мигалкин миэхэ анаан бэлэхтээбит уруучукалара бааллар. Ону тэҥэ былыргы значоктары, вымпел арааһын мунньабын.
Коллекционердар олоххо тардыһыылаах, сөбүлүүр дьарыктаах, киэҥ көрүүлээх дьон буолаллар.
Онон бу күн биһиэхэ, Эмис нэһилиэгин олохтоохторугар, кэрэни кэрэхсиир, кэрэни бэлэхтиир ураты түгэн буолан ааста.
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма