Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан үөрэхтээһин холбоһугар «Ис кэрэни уһугуннаран, үтүөҕэ, сырдыкка тардыһыҥ» диэн уйулҕа ыйа ыытылла турар.
Оскуолабыт уйулҕаһыта Василиса Ивановна Дьяконова, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Варианна Васильевна Макарова тэрийиилэринэн үөрэнээччилэр кэрэни өйдөөн көрө үөрэнэллэригэр сөптөөх араас тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Олортон биирдэстэринэн Амма Аччыгыйын «Сааскы кэм» айымньытынан худуоһунньук Ефим Шапошников үлэлэринэн 1957 сыллаахха тахсыбыт альбом хартыыналарынан «Тиллибит хартыыналар» диэн үөрэнээччилэр төрөппүттэрин кытта үтүктэн түһэрбит хаартыскаларынан күрэҕэ буолла. Маннык хаартыскаҕа түһэр туһугар айымньыны ааҕыы, суруллубут, кэпсэнэр кэмин билии наада эбит.
Олус интэриэһинэй хаартыскалары оҕолор уоскулаҥҥа арахсыбакка көрөллөр. Кэрэни кэрэхсиир буоларга туһалаах тэрээһин буолла.
Лейла Никонова, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 7 кылааһын үөрэнээччитэ.