Куорат, кырдьык, наһаа дьалхааннаах сир. Киэҥэ-куоҥа, киһитэ үгүһэ, ол-бу араас албаһа, угуйар угаайыта элбэҕэ бэрт. Оҕоҕор кыратык болҕомто уурбатыҥ да — ол сүпсүлгэҥҥэ сүтэриэххин сөп. Аҕыйах ый иһигэр наркоман буолан хаалбытын, биитэр аптамаакка оонньуур кыдьыктаммытын билбэккэ хаалбыт төрөппүттэр үгүстэр. Ол иһин мэлдьи көрө-истэ, бэрэбиэркэлии сылдьыахха, харах далыттан ыраатыннарымыахха наада. Тыа сиригэр киһи барыта бэйэ-бэйэтин билсэр буолан, оннук куттал соччо суох.
Таптал бу хомолтолоох дуу, хобдох дуу остуоруйатыгар кэпсиир кыыһым Кэрэчээнэ — ыал соҕотох оҕото. Кини Дьокуускай оскуолатыгар үөрэммитэ. Кыра кылаастарга чаҕылхай үөрэнээччи этэ, “5” сыанаттан атыны билбэтэ. Оттон улаатан баран, кыһаллыбат буолан хаалбыта, үөрэҕэр ээл-дээл сыһыаннаһара. Ол төрөппүттэрэ хонтуруоллаабат буолбуттарыттан сылтаан. Ийэтэ бизнес тэринэ сатаан, барара-кэлэрэ үксээбитэ, элбэх харчыны хайдах ылыахха сөбүн туһунан толкуйга төбөтүн сынньара. Кини санаатыгар, кыыһа бэрээдэктээх, үөрэҕин кыанар, таҥнар таҥастаах, аһыыр астаах — ол аата барыта этэҥҥэ. Туох эрэ кыһалҕалаах сылдьара буолуо диэн санаан да көрбөтө. Оттон аҕалара үлэтин миэстэтэ сарбыллан, онно-манна быстах холтууралыыр буолбута. Түптээх үлэтэ суох буолан, аны иһэр идэлэммитэ. Онтон сылтаан ойоҕун кытта сотору-сотору этиһэллэрэ, ардыгар арахсан да ылаллара.
Дьиэ кэргэн олоҕо түөрэҥэлээбит, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан тыйыһырбыт кэмигэр Кэрэчээнэ оскуолатын бүтэрэр сыла үүммүтэ. Кини ханна туттарсарын да быһаара илигэ. Дьиҥэр, соҕуруу барыан баҕарара да, ийэтэ: «Ол-бу араас буолума. Соҕотох оҕобун бэйэбиттэн тэйиппэппин», — диэн, били аттыгар өрүү баар киһи курдук, саба саҥаран, абитура боппуруоһун баламаттык быһааран, кэпсэтиини түмүктээн кэбиһэрэ. Оттон Кэрэчээнэ сүбэҕэ-амаҕа, өйдүүр чугас киһиэхэ олус наадыйара…
Оннук киһи соторунан көстүбүтэ. «Балыксыт балыгы ыраахтан көрөр», — дииллэринии, хас да сылы быһа кэккэлэһэ олорбут ыалларын кыыһа Катя, бу күҥҥэ диэри Кэрэчээнэни кытта үчүгэйдик билсибэт бэйэтэ, эмискэ баҕайы эйэргэһэр буолан хаалбыта. Бука, муммут кус курдук сылдьарын, наһаа соҕотохсуйарын бэлиэтии көрбүтэ буолуо. Өс киирбэх, кэнэн кыыһы бэйэтигэр тардан, бэриниилээх «саллаат» оҥостон саҕалаабьгга. Кини Кэрэчээнэттэн биир эрэ сыл аҕа этэ. Уонна, дьэ, бүтүн олоҕу олорбут саастаах киһи курдук, ону-маны бөлүһүөктээбитэ, өйдөөҕүмсүйбүтэ, сүбэлээбитэ, «психологтаабыта» буолара.
Бэйэтэ буоллаҕына орто анал үөрэххэ киирэн баран, идэтин сирбит аатыран, аҕыйах ыйынан бырахпыт этэ. «Быйыл сайын эйигин кытта үрдүккэ туттарсыам. Орто үөрэх туохха нааданый?» — диэн, хата, киһиҥ куолулуура, кыайыылаах-хотуулаах тахсара.
Күн иллэҥ Катя туох да дьарыга суох таах мээнэ олорортон тэһийбэт буолан, Кэрэчээнэни буллаҕа, бэйэтигэр сыһыардаҕа эбээт. Аралдьыйаары, тэҥҥэ сылдьар киһилэнээри. Кини ийэтин кытта иккиэн эрэ олороллоро. Ийэтэ иһээччи буолбатах эрээри, биир да бээтинсэни көтүппэт үгэстээҕэ, кыараҕас кыбартыыратыгар бэйэтин курдук дьүөгэлэрин мунньан, нэдиэлэ бүппүтүн бэлиэтииллэрэ.
Биирдэ ол оннук «астаах-үөллээх остуол» кэнниттэн хаалбыт пиибэни Катя ылан кистээн кэбиспит. Уонна, дьэ, биир үтүө күн, соҕотох хаалан баран, Кэрэчээнэни ыҥыран, дэлби кучуйан, иккиэн испиттэрэ. Хаһан да аһыы утаҕы амсайбатах Кэрэчээнэ начаас холуочуйбута.
Дьэргэйбит, күлэрэ-үөрэрэ элбээбит кыыһы Катя аны түүҥҥү кулуупка соһон илдьибитэ. Ол сирдэригэр пааспар эҥин диэни ким да ирдээбэт, хас саастаахтарын да бэрэбиэркэлээбэт эбиттэр. Ол иһин харчы төлөөт да, иһирдьэ дьылыс гынан хаалбыттара.
Дьэ, ити киэһэттэн ыла Кэрэчээнэ күүлэй олоҕо саҕаланар. Катялыын букатын арахсыспат дьүөгэлиилэр буола түһэллэр. Иккиэн «мүччүргэннээх» сырыылара элбиир: уолаттары кытта билсэ-билсэ, киинэҕэ, кафеҕа ыҥыртараллар, куорат устун хаамсаллар, дискотекалары кэрийэллэр, массыыналаах устудьуон уолаттары кытта хатааһылыыллар, уоран пиибэлииллэр. Күннэй хаһан да билбэтэх эйгэтин кытта алтыһан, бэйэтин олох улахан кыыс курдук сананар. Кылааһын оҕолоруттан тэйэн хаалар. Уруокка эрэ кинилэрдиин кэпсэтэр.
«Катя соҕотох үһү, мин доҕор буола таҕыстым», — дии-дии, Кэрэчээнэ сотору-сотору Катяҕа «хоноһолуу» барара. Ийэтэ ону улаханнык суолталаабата, иҥэн-тоҥон ыйыталаспата, бэйэтин кыһалҕатыгар кыһарыйтаран баран сылдьара, ол-бу араас пирамидаларга элбэх киһини бэйэтин аннынан киллэрэр туһунан толкуйдуура.
Оттон Кэрэчээнэҕэ наһаа үчүгэй кэм үүммүтэ! Ким да кини хааччахтаабат, манаабат, туппат, буойбат. Бэйэтин баҕатынан көҥүл-босхо көрүлүүр!
Ол сылдьан, маҥнайгы таптал иэйиитигэр куустарар. Санаатыгар, кинилэр тапталлара сир үрдүгэр саамай дьиҥнээх уонна үйэлээх курдуга. Витята иккис кууруска үөрэнэрэ. Кэрэчээнэ бэйэтэ этэринэн, мичээрэ Марио Касаска майгынныыр үһү. Кырдьык, били этэллэрин курдук, кыыс кыраһыабай уол этэ. Ол эрээри, туох да олохтоох толкуйа суоҕа, күүлэйинэн эрэ олороро.
Ол да буоллар, эдэр дьон өрүү бииргэ сылдьаллара. Кэрэчээнэ кини уопсайыгар таах киирэн ааһара, хоһугар элбэхтэ хонон турбута.
Биир үтүө күн кини Витяттан оҕо күүтэрин билбитэ. Ол туһунан тапталлаах доҕоругар эппитигэр, анарааҥҥыта, хата, наһаа үөрбүтэ. «Баҥкыатын кэнниттэн сыбаайбалыахпыт”, — диэн эрэннэрбитэ…
Онтон дьоллонон, кыыс киэһэ ийэтигэр тиийэн, үтүө сонунун кэпсиир. Дьэ, онно буолбат дуо, иитэр-үөрэтэр үлэ алдьархайдааҕа: ытаһыы-соҥоһуу, түһэртэрэргэ модьуйуу, үөрэҕэ суох хаалар диэн тугун быһаарыы. Буолар буолбутун кэннэ, дьэ, кэлэн аһаҕастык кэпсэтэ сатаан… Кыыс онно бэриммэт, иннин биэрбэт: «Суох, төрүүбүн, ыал буолабын. Кэлин да үөрэниэм», — диэн кытаанахтык хардарар.
Онон Кэрэчээнэ, наһаа дъоҕурдаах кыыс, салгыы үөрэммэккэ, ыал буолар. «Ыараханын» биллэрбэккэ, оскуолатын бүтэрэр, аттестат эрэ ылар туһуттан КГЭ-тин туттарар. Биллэн турар, барытын токур «3» сыанаҕа.
Күһүөрү сайын уруу малааһынын тэрийэллэр, туспа хос куортамнаан биэрэллэр.
Барыта санаа хоту буолуон, доҕоор, Витябыт сыбаайба кэнниттэн майгыта, сымыйалаан эппит курдук, тосту-туора уларыйан хаалбат дуо?! Онтон-мантан сылтахтанан кыыһырара, күргүйдүүрэ, куттаан, ханна эрэ баран хаалара дэлэйэр. Ол аайы Кэрэчээнэ ытаан-соҥоон, ааттаһан төнүннэрэрэ.
Биирдэ эмэ Кэрэчээнэҕэ бииргэ үөрэммит кыргыттара ватсаптаан, хайдах олорорун ыйыталаһаллара, бэйэлэрин устудьуоннааҕы көрдөөх уонна көхтөөх олохторо хайдах саҕаланан эрэрин туһунан кэпсииллэрэ. Оччоҕо Кэрэчээнэ уйадыйара, уп-улахан иһин имэрийэ-имэрийэ, саҥата суох истэрэ. Инстаграмнарын көрө-көрө: “Эчи хаарыаны, үөрэ-көтө сырыттахтара”, — диэн ымсыыра саныыра. Оттон кини түөрт эркиҥҥэ хаайтаран, эрин кэтэһэ, манаһа, күнүүлүү олороохтоотоҕо…
Саҥа дьыл кэнниттэн этэҥҥэ оҕоломмута. Ол гынан баран, Витята онтон дьолломмут, аҕа буолбутуттан үөрбүт дьүһүнэ суоҕа. Төттөрүтүн, эһ ээхэй ытыырыттан дэлби кыйаханара. Эгэ, оннук киһи оҕо көрүө баара үһү дуо? Суох бөҕө буоллаҕа дии. Дьиэтигэр көстөрө да аччаабыта. Наар ханна эрэ баран, хастыы эмэ күҥҥэ сүтэн хаалара.
Оннук хонор хоноһо курдук сылдьа сатаан баран, саас биир күн малын хомунан тахсан барбыта. Арахсарыгар: «Бырастыы гын, таптаабат эбиппин», — диэн эппитэ. Кэрэчээнэ барахсан илиитигэр эһээхэй көтөҕүүлээх хаалан хаалбыта. 19 сааһыгар соҕотох ийэ аатын сүгэн. Быраҕыллыбыт дьахталлар кэккэлэрин хаҥатан…
Билигин кэлэн: «Оо, акаары да эбиппин! Таах сибиэ Катяны истэн, күүлэйи батыһан, Витяҕа итэҕэйэн! Үөрэхпэр кыһанан, эксээмэммэр үрдүк баалы ылан, баҕа санаабын толорон, соҕуруу үөрэнэ барбаккабын!» — диэн кэмсинээхтиир үһү. Кини ити хараастар санаатын, арай, кырачаан киһитин минньигэс мичээрэ эрэ уоскутар…
Анисия Иевлева.