Саха автономиятын уонна Пионерия 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрэ бэлиэтэммит 2021‒2022 үөрэх дьыла түмүктэннэ. Ыам ыйын 30 күнүгэр Табаҕатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын бүтэрээччилэри чиэстиир долгутуулаах тэрээһин буолан ааста.
Уопсайа 6 үөрэнээччи идэтийбит таһым иннинээҕи уонна уопсай сайыннарыы бырагыраамаларынан ситиһиилээхтик үөрэнэн идэҕэ бэлэмнээх буолууларын туоһулуур сибидиэтэлистибэлэри туттулар. Кинилэр ортолоругар Айыына Ефремова салайааччылаах фольклор салаатын туйгун үөрэнээччитэ Лариса Саввина, Нарыйа Тимофеева салайааччылаах ойуулуур-дьүһүннүүр салаа үөрэнээччилэрэ Сандаара Бурнашева, Павел Алексеев, Станислав Аманатов, СӨ култууратын туйгуна Маргарита Белолюбская салайааччылаах тыйаатыр ускуустубатын салаатын үөрэнээччилэрэ Андрей Владимиров, Михаил Слепцов бааллар.
Үтүө үгэс быһыытынан үөрэх туйгуннарыгар, үчүгэй үөрэнээччилэригэр грамоталар, ускуустуба оскуолатын бары үлэһиттэригэр, төрөппүт сэбиэтин бэрэссэдээтэллэригэр Махтал суруктар туттарылыннылар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Табаҕатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын бүтэрээччилэргэ ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга Дмитрий Аргунов, Капиталина уонна Иван Бурнашевтар ааттарынан Табаҕатааҕы сынньалаҥ киин дириэктэрэ Елена Бурнашева, оскуолабыт педагог-бэтэрээннэрэ Евгения Тарасовна, Павел Павлович Егоровтар анал бэлэхтэрдээх кэлэн кыттыыны ыллылар.
Үөрэх дьылын баһыйар аҥаара хамсык кэм усулуобуйатыгар хабылыннар да, тиһигин быспакка үлэ-үөрэх ис хоһоонун байытыыга, уопсастыбаннай үлэ, оскуола материальнай баазатын хаҥатыыга туруоруллубут сыалларбытын-соруктарбытын толору ситиһэн туораатыбыт.
Бүгүҥҥү ыччат бары өртүнэн дэгиттэр сайдыылаах, олоххо сатабыллаах, үрдүк култууралаах, сиэр-майгы өттүнэн чэгиэн-чэбдик, чөл өйдөөх улаатарын туһугар туруулаһан үлэлии сылдьар кэлэктиип быйылгы үөрэх дьылыгар үөрэ-астына үллэстэр ситиһиилэрбитин билиһиннэрэбит.
Уопсайа 6 отделение үөрэнээччилэрэ улуус таһымыгар — 9, өрөспүүбүлүкэтээҕигэ — 37, эрэгийиэннээҕигэ — 2, Бүтүн Арассыыйатааҕыга —11, аан дойдутааҕыга —15 куонкуруска ситиһиилэннилэр.
Инники үлэбитигэр бииргэ үлэлэһиигэ уопсай интэриэстээх кэккэ үөрэх тэрилтэлэрин кытары дуогабардары түһэристибит. Ол чэрчитинэн, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж педагогическай кылаастарыгар 9, 11 кылааһы бүтэрээччилэр ыраахтан олорон дьарыктанан үөрэххэ туттарсыы хампаанньатыгар босхо миэстэлэргэ быһаччы тиксэр сэртэпикээт ылар кыахтаннылар, улуустааҕы «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин кытары инникитин Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо хамсааһынын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ хардары көмө-тирэх буоларга илии баттанна.
Ойуулуур-дьүһүннүүр салаа үөрэнээччилэрэ хаһыс даҕаны сылын үгүс араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, быыстапкаларга кыттыыларын түмүгүнэн оскуолабытыгар «Бары уруһуйдуубут» Бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыак инновационнай былаһаакката буолар чиэстэннибит.
Дойдуга инникитин үөрэх тэрилтэлэригэр патриотическай иитии ирдэбилэ күүһүрдүллүөхтээҕин быһыытынан бу хайысхаҕа оскуола иһинэн «Табаҕаны ааттаппыт дьоһун дьоммут» айар бырайыак үлэлээтэ. Роберт Андреевич Бурнашов төрөөбүтэ 75, Роман Иванович Брызгалов–Абытай Арамаан төрөөбүтэ 110, Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылларыгар аналлаах тыйаатыр ускуустубатын салаатын үөрэнээччилэрин, төрөппүттэрин күүһүнэн туруоруллубут видеонан устуулар улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тарҕанан оскуолабытын ааттаттылар.
Саха АССР уонна Пионерия 100 сылларыгар аналлаах «Устуоруйа солообут суолунан» отчуоттуур музыкальнай испиктээк туруоруллан нэһилиэк олохтоохторун дьүүлүгэр таҕыста.
Быйылгы үөрэх дьылын уратытынан улууспут 4 ускуустуба оскуолаларын уопсай отчуоттуур кэнсиэрэ ыытыллыбыта. Бу тэрээһин кэлэр сылларга үгэскэ кубулуйан оҕолорго аналлаах ускуустуба бырааһынньыгын бэлэхтиир кэрэҕэ иитии биир ньыматынан буолуоҕа.
Оҕо сайдыытыгар туһалаах буоллун диэн быйылгы дьылга 200 тыһ.солкуобай суумалаах тыас-уус устуудьуйатын аныгы оборудованиетын ылынаммыт кыралыын-улаханныын үөрүүбүт сүҥкэн. Саҥа тэрилбит көдьүүһүн көрдөрүөхтээхпит диэн санаанан салайтаран классическай гитара салаатын салайааччыта Григорий Борисов көҕүлээһининэн оскуола саастаах оҕолорго аналлаах “Үс сэргэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи тыыннаах доҕуһуол бэстибээлин үрдүк таһымҥа тэрийдибит. Ульяна Ли-фу‒Күннэй, продюсер Бүөккэ Бөтүрүөп, Эллэй Васильев, Иннокентий Гаврильев– Лэкиэс курдук күүстээх мусукааннартан турар дьүүллүүр сүбэ бэстибээл инникилээх буоларыгар баҕа санаатын биллэрбитэ биһиги инники былааннарбытыгар кыымы саҕар.
Боропсойуус үлэтин чэрчитинэн култуура тэрилтэлэрин икки ардыларыгар биллэриллибит боропсойуус истиэндэлэрин улуустааҕы көрүүтүгэр кыттан Нарыйа Тимофеева бэрэссэдээтэллээх түмсүү бастакы миэстэни ылан 20 тыһ. солк. сэртипикээтинэн наҕараадаламмыппыт.
Оҕолорго сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийии улуустааҕы хампаанньатыгар кыттыһан бэс ыйын 5‒26 күннэригэр Р.А. Бурнашов аатынан Табаҕатааҕы орто оскуола баазатыгар биһиги 25 оҕону хабан художественнай-эстетическай уонна вокальнай-инструментальнай хайысхаларга дьарык тэрийэр былааннаахпыт. Ону таһынан мантан сайын оскуолабыт тула саҥа олбуор тутуута саҕаланыахтаах.
Быйылгы дьылга үлэлээн-дьаһанан кэлбит үтүө түмүктэрбитигэр быһаччы күүс-көмө буолбут тэрийээччилэрбитигэр улууспут дьаһалтатыгар, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетыгар, Тараҕай нэһилиэгин дьаһалтатыгар уонна кэккэ үлэлэһэ олорор тэрилтэлэрбитигэр, социальнай партнердарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Кэлэр сылга Тараҕай нэһилиэгэр муусука оскуолата тэриллибитэ 40 сыла туоларынан ураты анал тэрээһиннэрдээх саҥа үөрэх дьыла кэтэһэрин үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут оҕолорго, төрөппүттэргэ, ыҥырыылаах ыалдьыттарга иһитиннэрдибит.
Сылаас дьиэҕит кэриэтэ күндү буолбут, ойор күннээх оҕо сааскыт биһигэ — кэрэ эйгэтигэр уһуйбут оскуолаҕыт кэлэктиибин аатыттан бары оскуоланы бүтэрээччилэргэ ситиһиилэри, туйгун доруобуйаны баҕарабыт!
Тараҕай нэһилиэгин муусука оскуолатын кэлэктиибэ.